12.07.2024 | 12:00

Замполит Александр: «Эр санаалаах боотурдары төрөтөр Саха сиригэр сүгүрүйэбин»

Замполит Александр:  «Эр санаалаах боотурдары төрөтөр Саха сиригэр сүгүрүйэбин»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Бу сурук кэлбитин туһунан миэхэ Уус Алдан улууһун социальнай политика салаатын үлэһитэ, хаһыаппар сырдаппыт, анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан үлэлии сылдьар Наталья Охлопкова от ыйын 3 күнүгэр эрийэн, хаһыаккар таһаарыаҥ дуо диэбитин тута сөбүлэспитим.
Онон, сурук хайдах баарынан тылбаастаан, ааҕааччыларбар тиэрдиэм, Саха сирэ дьоруойдарын билиэхтээх!

“Наталья, дорообо! Мин аатым Александр. Мин – рота замполитабын, манна Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн икки байыас сулууспалыы сылдьар.

Бу икки киһи, буойун, байыас туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Чуолкайдаан эттэххэ, кинилэр тустарынан биир дойдулаахтара билэллэригэр көмөлөһүөҥ дуо диэн көрдөһөбүн. Мин сурукпун ханнык эмит хаһыакка бэчээттэтэриҥ буоллар.

Биллэр биричиинэнэн, ааттарын-суолларын уонна званиеларын позывнойдарыгар уларытыам.

 

«Убай, күүскүн хантан ылаҕыный?»

Бу икки “кырдьаҕас” биһиэхэ бу сылга саас ортото кэлбиттэрэ. Арааһы барытын көрбүтүм да, 45 саастарын ааспыт, баҕа өттүнэн, ону ааһан штурмалыыр ротаҕа түбэспиттэри бастакыбын көрөбүн!

Маныаха тугу да этэр кыах суох, сэриигэ хас биирдии киһи – көмүскэ тэҥнээх. Биир соҕотох эрэ киһи! Бу аата эбии биир ытыалыыр аптамаат, эбии биир толкуйдуур төбө, эбии ботуруоннардаах маҕаһыын, мантыҥ тоҕо эрэ олус түргэнник бүтэн хаалар, эбии санныгар төбөҕүн уурар эрэллээх киһиҥ.

Ол курдук Голливуду уонна Терёханы толору таҥыннаран, саанан, сэбинэн толорон баран, дуоһунаска анаабыппыт. Штурмнааччылар дуоһунастарын эдэр киһи, төһө да чэгиэн, кыахтаах буоллар, мээнэ тулуйбат. Куруук төттөрү-таары сүүрүү-көтүү, ытыалаһыы, ботуруоннары аҕалыы, илдьии, брониктаах бааһырбыт уолаттары соһуу, эбиитин халлааны көрө, кэтэһэ сылдьыы, өстөөх пилота суох аппараатын көрдүҥ да – бэйэҥ куотаҕын, саһаҕын, өссө доҕоргун сүгэ, соһо сылдьаҕын. Бу кинилэр күннээҕи соруктара, үлэлэрэ.

 

Биһиги иннибитигэр сорук турда – “перекат”. Ол аата бойобуой хайысхабытын уларытыы. Туох баар малбытын-салбытын «Урал” массыынаҕа тиэйдибит, дьоммутун эмиэ, оттон Терёханы уонна Голливуду ол айдаан, аамай-саамай кэмигэр өйдөөн көрбөтөхпүт, быһата, хаалан хаалбыттар (билигин ааспытын кэннэ күлэ санаабыппыт иһин, оччолорго инфарктыы эрэ сыспатахпыт). Дьэ, көрдөөһүн буолла, онтубут аатыгар эрэ этэ. Түлэй түүн, ыас хараҥа, уонунан килэмиэтири кэрийиэххэ наада, тула өттүбүт бадараан, кир-хох, тыа уонна бронетехника төттөрү-таары сүүрэр. Хаһыытыыр эмиэ сатаммат. Салгыы тугу гынабыт диэн толкуйдуохпутугар диэри – халлаан сырдаата. Дьэ, доҕор, киһи да соһуйар буолар эбит! Бэйэлэрэ эрэ мындыр толкуйдарынан суолу-ииһи булбуттар, малы-салы кытта сааны-сэби бырахпатахтар, онно эбии уонунан килэмиэтири сатыы хааман кэлбиттэр! Оччолорго мин бу “кырдьаҕас” марафонецтар тустарыгар киэн туттуум бастакы уонна бүтэһик эбит буолбатаҕын билбэт этим.

 

Ити курдук, хайысхабытын уларыттыбыт, аны Угледарскай хайысхаҕа тыа саҕатынан штурм оҥоруохтаахпыт. Олохтоохтук оҥоһуннубут, хомулуннубут. Тыаны киһи мээнэ биир-икки тылынан бу диэн эппэт. Онно уун-утары да, чугастан да киирсиилэр буолаллар. Өстөөхтөр хаххаланар сирдэрэ элбэх, онон төһө кыайарбытынан сэриилэһэр сэппитин-сэбиргэлбитин илдьэ сылдьабыт уонна ону таһынан эбии оччону бэйэбит сүгэн иhэбит. Тыа – бу куорат паарката буолбатах, аҕыйах миэтэрэни хаамаргар сэттэ көлөһүнүҥ тохтор. Оҥхойдор, дьаамалар, арбахтар, хаһыылар. Ханна эрэ сыыллаҕын, ханна эрэ мас үрдүнэн сылдьаҕын.  Манна эбии өстөөҕүҥ миинэ уурар, миинэ тардар, хатыылаах боробулуоханы баайар. Онон атаҕыҥ аннын көрүнэ иһэҕин. Көрүнэн да диэн, хараххар аһыы көлөһүн саба сүүрэр, сорох сиринэн түөрт атах буолаҕын, сороҕор сыылла сылдьаҕын. Бу барыта түүн, им балайга! Тоҕо диэтэххэ күнүс эйигин хараҕа суох эрэ таба көрүмүөн сөп.

Бу үөһэ кэпсээбиппин барытын аастаххына уонна өстөөххөр ыкса чугаһаатаххына эрэ били эппит штурм саҕаланар. Күүһүҥ, кыаҕыҥ барыта эстибитин, тыын ыларга бириэмэ суох буолбутун кэннэ. Оттон рота штурмҥа барда эбээт! Голливуд Терëхалыын эмиэ! Атыттар курдук эмиэ сүүрбүттэрэ, ытыаласпыттара, бойобуой табаарыстарын көхсүлэрин, ойоҕосторун өстөөхтөн хаххалаабыттара. Атыттар курдук... туох баар бүтэһик күүстэринэн, эр санааларынан, кыайыыга дьулуурдарынан. Атыттар курдук, эдэрдэртэн хаалсыбакка, өстөөх оборонатын суулларбыттара. Сыалай балтараа килэмиэтири иһирдьэ киирэн. Каартаҕа ол балтараа килэмиэтир көстүбэт даҕаны, оттон ол сиргэ-уокка туох буолбута, байыастар төбөлөрүгэр туох санаа көтөн түһэрэ, туох кинилэри инники диэки дьулурутара, хантан күүс ылбыттара – маны барытын бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ. Ол да буоллар Голливуд уонна  Терëха толлубат уонна эр санааларынан уонна бэйэлэригэр да, өстөөхтөрүгэр да мүнүүтэ сынньалаҥ бэриммэккэ, биэрбэккэ, бу балтараа килэмиэтир – БИҺИГИ сирбит буолбута!

Онтон састаап уларыйыыта барбыта. Биһигини полигоҥҥа ыыппыттара. Хас да нэдиэлэ устата саҥа штурмҥа бэлэмнэммиппит. Онно даҕаны биһиги “кырдьаҕастарбыт” түргэн-тарҕан туттунууларынан, сымсаларынан, тулуурдарынан кимиэхэ да иннилэрин биэрбэтэхтэрэ.

 

Эмиэ саҥа бойобуой сорудах уонна саҥа штурм. Барыта саҥа. Усулуобуйа да саҥа, өстөөх күүһэ да саҥалыы. Өстөөхтөр тирэх пууннара бу сырыыга быдан модун күүстээх уонна киһи мээнэҕэ суулларбат туруктаах. Онон өстөөх тэбэр сүрэҕэр чугас тиийиэххэ наада. Оттон онно тиийэр суолбут биллэр – эмиэ сэттэ көлөһүҥҥүн тоҕон, сыраҕын-сылбаҕын эһэн тыа устун бараҕын, онтон күүһүҥ эстэн, кыдыйса киирэҕин. Манна эмиэ Терëха уонна Голливуд бааллар. Эмиэ рота састаабыгар. Бу сырыыга өстөөх өссө кырыктаахтык, хас да төгүл кыһыйан-абаран туран утарсыыны оҥорор.

Бу байыаннай наука үөрүйэҕэ. Эн ыраах буоллаххына, өстөөх эйигин аанньа ахтыбат курдук буолар. Куттуур эрэ курдук, аҕыйахтык уотунан уһуурар. Оттон туруоруммут сыалгар чугаһаатар чугаһаан истэххинэ – өстөөҕүҥ баарын-суоҕун барытын ыытар. Тоҕо диэтэххэ  муннукка хаайыллыбыт кыыл курдук буола түһэр. Маннык кыылы кытта биһиги ротабыт күөн көрсүбүтэ. Ол да буоллар тостубатаҕа, уолуйбатаҕа. Этэллэр дии, сыап саамай кэбирэх сиринэн кытаанаҕа биллэр диэн. Оттон биһиги сыаппыт Саха сиригэр хатарыллыбыт утахтара – саамай бөҕө эбит этэ! Нэдиэлэ устата штурм кэмигэр ротаттан взвод эрэ хаалбыта. Өссө биир нэдиэлэнэн взводтан – 12 киһи. Эбии күүс, көмө сатаан кэлэр кыаҕа суох. Кэлэр суолларын ырааҕы ытар артиллерия ытыалыыр уонна тула өттүбүт дрон-камикадзелар. Баар балаһыанньа сонуннарын араадьыйа сибээһинэн эрэ ылабыт, ууну, аһы уонна ботуруоннары бөлөхпүтүгэр пилота суох аппарааттар эрэ аҕалаллар. Санаан көрүҥ! 12 киһи осадаҕа өстөөх тирэх пуунун тута сытар. “Чыычаахтар” онуоха диэри 10 мүнүүтэ анараа уонна бэтэрээ көтөллөр. Биир көтөн кэлиигэ 0,5 лиитэрэлээх ууну аҕалыан сөп, эбэтэр аҕыйах сакалааты, эбэтэр биир хаа ботуруону (120 уст.). 0,5 лиитэрэ уу 12 утаппыт, аччыктааабыт байыаска муораҕа хааппыла тэҥэ буоллаҕа. 120 ботуруон диэн тугуй, өскөтүн өстөөххүн тохтоло суох ытыалыы сытыахтаах буоллаххына? Хантан күүс ылыахха сөбүй? Эмискэ хамаандалыыр пууҥҥа бөлөх хамандыырыттан маннык иһитиннэрии кэлэр: “Бөлөх тирэх пууну атаакалыырга бэлэм. Сыалы ыйаргытын кэтэһэбит!”

Штурм хайдах-туох ааспытын ис хоһоонун барытын кэпсии барбаппын, ол эрээри 5 чааһынан бөлөх хамандыыра ВСУ тирэх пууна ылылынна, сүтүк суох диэн биллэрдэ. Туйгун байыастарынан: Голливуд – соҕотохтуу, аһаҕас позицияттан, өстөөх уотунан уһуура турар туочукатын гранатанан быраҕаттаабыт, пулемету өһөрбүт уонна табаарыстарыгар өстөөххө ойоҕоһуттан киирэллэригэр суолу аһан биэрбит. Терëха – бастакынан тирэх пуун окуопатыгар ыстанан киирэн бойобуой табаарыстарын батыһыннарбыт, тус бэйэтэ хас да өстөөҕү суох оҥорбут уонна өстөөх утары атаакатын төттөрү охсубут.

Онон билигин штурм уустук өттө түмүктэннэ, ылбыт оройуону ыраастааһын уонна миинэлэри суох оҥоруу бара турар. Оттон миигин маннык ыйытыы үүйэ-хаайа тутар: убайдар, хантан күүс ылаҕытый? Хайаан да убайдар, тоҕо диэтэххэ бу байыастары “кырдьаҕастар” дииргэ тылым барбат. Кинилэр тостубат майгылара хантан самныбат күүс биэрэрий, ханна, хайдах олохтон иитиллэн-хатарыллан, маннык толлубат, эр санаалаахтарый?!

Маннык эр санаалаах боотурдары төрөппүт Саха сиригэр-уотугар дириҥник махтанабын уонна сүгүрүйэбин!

 

Хаартыскалары замполит Александр ыытта

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...