11.04.2023 | 09:19

Юрий Трутнев Дьокуускай маастар-былаанын тула мунньаҕы ыытта

Юрий Трутнев Дьокуускай маастар-былаанын тула мунньаҕы ыытта
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саха сиригэр үлэлээтэ. Ол туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Юрий Трутнев Дьокуускай куорат маастар-былаанын тула мунньахха:“Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин Илиҥҥи экономическай форумҥа Уһук Илин куораттарын саҥардан тупсарар туһунан быһаарыыны ылбыта. Бу – дьон олоҕун тупсарарга дэҥҥэ көстөр кыах. Реновация испииһэгэр 25 куорат киирбитэ. Үлэ номнуо саҕаламмыта. Бастакы түһүмэҕинэн куораттар маастар-былааннарын бэлэмнээһин буолар. Алта маастар-былааны судаарыстыба баһылыга  хайыы үйэ көрөн бигэргэппитэ”, – диэн кэпсээтэ.

Дьокуускай – Уһук Илиҥҥэ нэһилиэнньэтин ахсаанынан үһүс миэстэлээх куорат. Ол курдук, манна 378,5 тыһыынча киһи олорор, уон сыл иһигэр киин куорат олохтооҕун ахсаана 75,5 тыһыынча киһинэн, ол эбэтэр 25%-нан эбиллибит. 2030 сылга нэһилиэнньэ ахсаана 14% эбиллэрэ, 418 тыһыынча киһиэхэ тиийэрэ сабаҕаланар. Ити инфраструктураҕа кэккэ ноҕоруусканы үөскэтэрэ чахчы. 

Маастар-былаан көннөрү генеральнай былаан эрэ буолбатах, бу –куорат бүттүүн сайдыытын ситимнээһинэ, социальнай, экономическай, демографическай уонна үлэ кыахтарын арыйыы. Дьокуускай, уопсайынан, өрөспүүбүлүкэбит, кэнники сылларга тэтимнээх сайдыыны көрдөрөр, куорат нэһилиэнньэтэ улаатар. Дьокуускай – Уһук Илиҥҥэ уонна Сибииргэ эрэ буолбакка, бүтүн дойду үрдүнэн балысханнык сайдар куораттартан биирдэстэрэ”, – диэн иһитиннэрдэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев.

Социологическай ыйытык көрдөрбүтүнэн, куорат олохтоохторун хаарбах туруктаах, саахалланар кутталлаах дьиэ-уот, суол-иис, социальнай эбийиэктэр хаачыстыбалара, куорат эйгэтин тупсарыы курдук боппуруостар долгуталлара биллибит. Москва Генбылаанын института оҥорбут маастар-былаана бу ыйытык чахчыларыгар олоҕурбут.

Мунньахха куорат сайдыытыгар дьоһун суолталаах баараҕай бырайыактар, онно сыһыаннаах үлэ сүрүн хайысхалара көрүлүннүлэр.

“Бэс ыйыгар маастар-былааны дойду Бэрэсидьиэнигэр билиһиннэрэр былааннаахпыт. Дьокуускай маастар-былаанын балайда бэлэм, ол эрээри ситэриини-хоторууну эрэйэр кэккэ боппуруостар бааллар, ол иһигэр – үбүлээһин хантан буолуохтааҕын быһаарыы”, – диэтэ Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев.

 

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Юрий Петровичка маастар-былааны көрөн, үрдүктүк сыаналаабытыгар махтанна.

“Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочунай бэрэстэбиитэлэ биһиги иһитиннэриибитин болҕойон иһиттэ. Биллэн турар, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путиҥҥа көмүскүөх иннинэ докумуону ситэрэргэ Юрий Петрович, федеральнай министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрин, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев этиилэрэ, бэлиэтээһиннэрэ учуоттаныахтара. 

Дьон-сэргэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарар аналлаах Дьокуускай куорат маастар-былаанын концепцията уонна стратегическай сыала-соруга оннунан хаалар. Былааны көмүскээһин куораты сайыннарыыга федеральнай үбүлээһиҥҥэ уонна судаарыстыбаннай өйөбүлгэ баар механизмнары хамсатарга кыах биэриэҕэ. Сайыҥҥа диэри кылгас кэм хаалла, онуоха диэри өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта докумуону ситэрэр үлэни ыытыахпыт”, – диэн суруйда Евгений Григорьев социальнай ситимнэргэ баар тус страницатыгар.

 

Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...