26.01.2024 | 14:00

«YUKI-FEST» бастакы кыһыҥҥы аниме бэстибээл

Тохсунньу 21 күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Yuki Fest” диэн бастакы кыһыҥҥы аниме бэстибээлэ ыытылынна. Бу күн аниме, көмпүүтэр оонньууларын сэҥээрээччилэр мустан, өрөбүллэрин бииргэ атаардылар.
«YUKI-FEST» бастакы кыһыҥҥы аниме бэстибээл
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Бэстибээлгэ араас кэрэ көстүүмнээх кыргыттар-уолаттар сөбүлүүр дьоруойдарыгар кубулуйан, косплейдарын туһунан бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэллэр. Сүрүн саалаҕа ыалдьыттар приставкаҕа оонньуохтарын эбэтэр уруһуй быыстапкатыгар кыттыахтарын сөп этэ.

Ол эрээри атын аныгы култуура бэстибээллэригэр курдук манна олохтоох худуоһунньуктар, маастардар дьаарбаҥкалара суоҕуттан маннык тэрээһиннэргэ сылдьа үөрүйэх киһи сонньуйан ылар эбит.

Анастасия “Марш”:

— Мин бүгүн персонаһы косплейдаабакка эрэ, бэйэм айбыт уобараспынан  кэллим. Уобараһым аата “Лолита Харадзюку” диэн, таҥаспын-саппын барытын сыл устата атыылаһан, тиктэрэн хомуйбутум. Бу иннинэ “кутуругум, кынатым” суох этилэр, ол иһин хайдах эрэ уобараспар толору киирбэтэх курдугум. Маннык элбэх дэтээлтэн турар көстүүмү хомуйар  билигин олус судургу буолла, тугу эрэ интэриниэт-маҕаһыыннартан атыылаһан, тугу эрэ тиктэн эбэтэр маастардарга сакаастаан оҥостуохха сөп. Үчүгэй маастары булар туспа «кыһалҕа» эрээри, барытын ымпыктаан-чымпыктаан быһаардахха, табыллар бөҕө буоллаҕа. Куһаҕана диэн, олус ыарахан сыаналаах.

Тоҕо “Лолита” уобараһын талбыппыный? Мин бэйэм маннык үчүгэйкээн, тэтэркэй өҥнөөх уобарастары сөбүлүүбүн. Холобура, бэһис кылаастан саҕалаан куоска кулгааҕа быһыылаах ободок кэтэрим, ол кэмҥэ маннык толору көстүүм хомуйар, оннооҕор атыылаһар кыах суох этэ. Онон билигин маннык косплей хамсааһына сайдыбытыттан олус үөрэбин.

Бүгүҥҥү бэстибээл туһунан олох соһуччу истибитим, бука, ол да иһин кыттааччы аҕыйах быһыылаах. Дьиҥинэн, Дьокуускайга косплейы, анимены сэҥээрээччи элбэх. Ону таһынан тэрийии өттүттэн эмиэ мөлтөх соҕус, сүрүн саалаҕа икки оонньуур приставканы уурбуттара барыларыгар барсыбат, ол иһин ыадьыттар бэйэлэрин кытта билсиһэн аралдьыйаллар.

Юля Прицепова:

— Мин “Благословение небожителей” новелла Хуа Чэн диэн сүрүн дьоруойун косплейдыыбын. Көстүүммүн интернет нөҥүө сакаастаабытым эрээри, бэйэбэр барсарын курдук элбэҕи көннөрөн тикпитим. Уобараһым саамай уустук чааһа — парик, тоҕо диэтэххэ Хуа Чэн уп-уһун баттахтаах уонна араас киэргэллэрдээх. Ону дьон билэн баран: “Бэйэҥ баттаҕыҥ буолбатах дуо?!” — соһуйаллар. Бэйэм онтон үөрэбин уонна киэн туттабын эрэ. Бу тэрээһиҥҥэ атын косплеердар дефиле оҥороллорун көрүөхпүн баҕарабын.

Юлиана:

— Мин Кумико диэн тоҕус кутуруктаах саһылы косплейдыыбын. Кумико дьоппуон уонна кэриэй норуоттарын фольклордарыгар баар аптаах кыыл. Кини эдэр кыыска кубулуйан, дьону албыннаан сиэн кэбиһэр. Көстүүммүн ийэлээх эдьиийим тикпиттэрэ, эдьиийим миигин кытта эмиэ косплейдыыр.

Бэстибээл кэнсиэринэн, косплей күрэҕинэн уонна Хаяо Миядзаки  “Унесенные призраками” ойуулук көрдөрүүнэн түмүктэннэ. Төһө да сэмэйдик ааспытын иһин, тэрээһин ыалдьыттара бииргэ мустан, кыһын оройун үөрэн-көтөн көрсүбүттэриттэн астына дуоһуйбуттар. Инникитин “Үuki fest” салгыы сайда турарыгар эрэ баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....