09.03.2023 | 19:42

Ытыктабыллаах ааҕааччыларбыт, «Киин куорат» хаһыат Ийэ тыл, сурук-бичик күнүнэн ыыппыт айар күрэҕин кыттыылаахтара, ийэ тыл түсчүттэрэ!

Ытыктабыллаах ааҕааччыларбыт, «Киин куорат» хаһыат Ийэ тыл, сурук-бичик күнүнэн ыыппыт айар күрэҕин кыттыылаахтара, ийэ тыл түсчүттэрэ!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Киин куорат” хаһыат олунньу ый устата ыыппыт айар күрэҕэ түмүктэннэ. Бүгүн, кыайыылаахтар ааттарын ааттыахпыт иннинэ, бары сэҥээрбит, кыттыыны ылбыт, чугас дьоннорун кыттарга көҕүлээбит ааҕааччыларбытыгар сахалыы махтал истиҥ тылларын аныыбыт! Эһиги, ийэ тылбытын өрө тутааччылар, харыстыыр, хараанныыр дьон, бааргыт тухары, сахалыы саҥа үйэлэргэ хаалыаҕа.
Күрэххэ Амма, Бүлүү, Булуҥ, Дьааҥы, Нам, Ньурба, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Хаҥалас улуустарыттан, Дьокуускай куораттан 52 хомоҕой хоһоонньут, ол иһигэр Арассыыйаҕа биллэриллибит Учуутал уонна уһуйааччы сылынан Сунтаартан П.Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын, Амматтан Р.И. Константинов аатынан орто оскуола, Уус Алдан улууһун Бороҕон, Булуҥ улууһун Намы орто оскуолаларыттан 8 үөрэнээччи, Уус Алдан улууһун Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын, Б.Н. Андреев аатынан Элгээйитээҕи региональнай музейнай-экологическай киинин, Бүлүү улууһун Өкүндү оскуолатын, Уус Алдан улууһун Бороҕон, М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолаларын педагогтара кыттыыны ылбыттара кэрэхсэбиллээх.
Сорох кыттааччылар бииртэн элбэх үлэни ыыппыт, ону сэргэ күрэх көҥүл тиэмэҕэ ыытыллыбыт буолан, бастыҥ үлэлэри сүүмэрдиир күчүмэҕэйдээх буолла. Ол курдук, хоһоон күрэҕэр ийэ тылга таһынан айылҕаҕа, төрөөбүт дойдуга, киһиэхэ таптал тиэмэтигэр элбэх үлэ киирбит. Ону сэргэ үгэ, чабырҕах, туойсуу курдук сэдэх жанрдарга холонуу, оҕоҕо аналлаах хоһоонунан остуоруйа бааллара үөрдэр. Ааптардар кэккэлэригэр эр дьон аҕыйаҕа суоҕа, проза, поэзия да көрүҥнэригэр эр киһи хараҕынан көрүүнү, дьахтар, оҕо аймах ситэн тобулбат айан, булт, сэрии тиэмэлэригэр сырдык тыктарбыттара хайҕанар эрэ. 
Проза хайысхатыгар уонтан тахса ааптар айымньытын ыытта. Нерюнгриттэн, Горнайтан, Дьааҥыттан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Дьокуускай куораттан, ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтуттан уо.д.а кытыннылар. 
Айымньыларга суруллубут олоххо баар тиэмэлэр, дьон дьылҕата ааҕааччыга ордук чугас буолара биллэр. Ол эрээри хатыламмат уонна сонун тиэмэлэр бааллара үөрдэр. Саха ааҕааччытын кутун номнуо туппут ааптардары сэргэ, саҥа саҕалааччылар, эдэрдэр холоммуттара кэрэхсэбиллээх. Уһуну, киэҥи толкуйдатар, ону тэҥэ чэпчэки тыыннаах, ааҕыллымтыа, сэргэх айымньылар элбэхтэрэ хайҕаллаах. Билиҥҥи ааптардар проза араас жанрыгар хорсуннук холоноллорун бэлиэтии көрдүбүт. Айымньылар кээмэйдэрэ, киэптэрэ тус-туспа, онон сыаналыырга кэккэ ыарахаттары көрүстүбүт. 

Поэзия хайысхатыгар кыайыылаахтар: 
I миэстэ – «Кырыымпа тыаһа», Игнатий Слепцов-Хайа Тыала, Дьааҥы;
II миэстэ – «Күнүм», Александр Стручков, Эһэ Хайа бөһүөлэгэ;
III миэстэ – «Олоҕу кэрэнэн киэргэтэн”, Татьяна Куличкина-Дедюкина – Татыйаас;
Проза хайысхатыгар кыайыылаахтар: 
I миэстэ – “Түүл буолбут олох”, Варвара Корякина, Нерюнгри;
II миэстэ – “Туолбут ый”, Наталья Рязанская;
III миэстэ – “Түөрэх”, Александра Жулева, Таатта.

Бары кыайыылаахтары эҕэрдэлээн туран, айар аартыккыт арылла турарыгар баҕа санаабытын тиэрдэбит! Күрэххэ киирбит бастыҥ айымньылар «Киин куорат» хаһыат «Холумтан» сыһыарыытыгар, саайтыгар уонна телеграм-ханаалыгар тахсыахтара. 
Кыайыылаахтар бириистэрин эрэдээксийэттэн ылаллар: Дьокуускай к., Хабаров уул., 27/1

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...