Ытык Олоохуна сиригэр — Дьокуускайдар
Бэс ыйын 26-27 күннэригэр өҥ буордаах Өлүөхүмэҕэ айылҕа анаан-минээн айбыт Аанньаах Хочотугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи XIV Олоҥхо ыһыаҕар дьоллоох күөннээх Дьокуускай куорат уокуруктааҕы норуот айымньытын кииниттэн олоҥхону, саха төрүт култууратын, фольклорун өрө туппут 20 киһилээх бөлөх ыһыах култуурунай тэрээһиннэригэр кыттан кэллэ. Бөлөҕү Дьокуускай куораттааҕы норуот айымньытын киинин дириэктэрин солбуйааччы Ньургуйаана Егоровна Ушницкая салайан сырытта.
Өлүөхүмэ дьоно-сэргэтэ бу саханы саха дэппит улахан тэрээһиҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ ытык эбэбит кытылыгар тиксииттэн билиннэ. Ол курдук тумантан тардыллан болдьохтоох кэммитин хас да чаас аһаран кэлбит дьону кураторбыт Өлүөхүмэ улууһун экономическай сайдыытын салалтатын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Борис Геннадиевич Полуэктов көрсөн, аналлаах хонор сирбитин булларда. Биһигини 4-с нүөмэрдээх оскуола ааныгар сырдык мичээрдээх үлэһиттэр утары көрсөн, турукпутун бэрибиэркэлээн, анал хосторбутугар атаардылар. Ыалдьыттар хонор сирдэригэр кубулуйбут кылаастарга хомуллар ороннор тэлгэнэн, бэл хас биирдии орон сыттыгар сахалыы олбох баара ыһыах эйгэтигэр тута киллэрдэ. Хос ахсын уулаах кулер туруоруллубута, түннүктэринэн күн уотун сылааһа киирбэтин туһугар анал пленка сыһыарыллыбыта, таҥас-сап өтүүктэнэр хос баара көрсөөччүлэр кыһамньыларын көрдөрдө.
Ыһыах күн оптуобуһунан Аанньаах хочотугар бардыбыт. Дьоҕус куорат ыалдьыттарын “Олоохуна Улуу олоҥхону уруйдуур!” тылларынан айхаллаан көрүстэ. Биһиги “Өлүөхүмэ Олоохуна дэнэр эбит дуу? ” диэн бэйэбитигэр саҥаны арыйбыттыы саҥа аллайдыбыт. Сотору айгыр-силик айылҕалаах Аанньаах хочотугар кэрэ тутуулардаах ыһыах ыытыллар сиригэр кэлэн, сахалыы сайбаччы таҥныбыт дьон тоҕуоруспут саламалаах аартыктарын ааһан, киэҥ түһүлгэҕэ киирдибит. Олоҥхо ыһыахтара ыытыллыбыт 13 улуустарыгар оҥоһуллубут Аал Луук мастартан ураты кэрэ көстүүлээх Аар Хатыҥ маһы сөҕө көрдүбүт. Санаабар сир-дойду иччитэ Аан Алахчын хотун мэҥэ таһаатынан бар дьону арчылыы турарга дылыта. Ыһыах аһыллыытын туома саҕаланаары кыттар дьон киин түһүлгэҕэ тоҕуоруспуттар. Кэлии-барыы, сүпсүгүрүү, сүргэ көтөҕүллүүтүн туруга далааһыннаах тэрээһини түстүүрэ.
Сабыс саҥа ураһаларынан кэккэлээбит нэһилиэктэр түһүлгэлэриттэн биһиэхэҕэ сыһыарыллыбыт Кээччи нэһилиэгин түһүлгэтин буллубут. Кыһыл, араҥас сардааналарынан симэммит күрүөнү көрөн олус сэҥээрдим, ол икки ардыгар “Араҥас өҥнөөх сардаананы тоҕо оҥорбуттара буолуой” диэн ыйытык санаа элэс гынан ааста. Кээччи нэһилиэгин баһылыга Роза Олеговна дьонун-сэргэтин кытта ыалдьыттарын саха дьонун сиэринэн арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан айах тутан, эҕэрдэ этэн көрүстүлэр. Түһүлгэ күрүөтүн иһигэр кэрэ оҥоһуулаах ыскамыайка, итиэннэ нэһилэк историятын билиһиннэрэр баннер баара болҕомтону тарта. Кээччи 1893 сыллаахха тэриллибитин көрөн, кырдьаҕас нэһилиэк буоларын биллибит.
Ардаҕынан арчыланныбыт
Ардаҕынан арчыламмыт аһыллыы кэнниттэн күрэхтэргэ тарҕаһыахпыт иннинэ, кээччилэр остуол хотойор саха маанылаах астарынан күндүлээтилэр. Субай, харта, кус, балык, саламаат, кымыс, бурдук ас эгэлгэтэ хото тардыллыбыта барыбытын сөхтөрдө. Билии биһигэ библиотека сэбиэдиссэйэ Клавдия Владимировна Корнилова нэһилиэктэрин историятын киэн тутта билиһиннэрдэ. Мааны астан, эйэҕэс сыһыантан күүс ылан, ыраах айан сылаатын умнан, түһүлгэ хаһаайыттарын алгыс тылларынан кынаттанан аналлаах түһүлгэлэрбитинэн тарҕастыбыт.
Ыһыах ыытыллар түһүлгэлэрэ бииртэн-биир ураты кэрэлэр. Хас биирдиилэригэр анал аата, ис хоһооно суруллубут. Онно эбии ыйытыкка барытыгар эппиэттиир көмө оҕолор (волонтердар), ыһыах программата толору угуллубут төлөпүөн сыһыарыыта, хардыы аайы ыйынньык баара ыһыах дьонугар олус табыгастаах буолла.
Араас үчүгэй күрэстэр, быыстапкалар, тэрээһиннэр ыытылыннылар. Олор ортолоругар, үгүс дьон болҕомтотун тардыбыт, Дьокуускай куоракка Арчы Дьиэтин иһинэн улэлиир “Мааны Мандар” иис түмсүүтүн быыстапката тэриллибитэ буолар. Аанньаах хочото олоҥхо тойугунан, оһуохай дуораанынан, дэгэрэҥ ырыанан туола түстэ. Сөҕүөм иннигэр киирбит түһүлгэм ахсын алгыстаах кымыһынан үөрэ-көтө күндүлүүллэр. Аҥардас айылҕата кэрэтиттэн киһи эрэ ыллыах-туойуох, этиэх-тыыныах, сүүрүөх-көтүөх курдук сүргэтэ көтөҕүлүннэ.
Дьокуускайдар кыайыылаах-хотуулаах кэллибит
Ыһыах көрүн түмүгүнэн ыччат хомусчуттарга ыытыллыбыт «Дьүрүһүй хоһуйар хомуһум!» күрэххэ 2 ст. лауреат аатын ылан Айсиэн Дьоллоохоп Дьокуускайдардарга кыайыы өрөгөйүн маҥнайгынан аҕалла.
Салҕыы «Дьиэрэй норуот ырыата – дэгэрэҥ!» күрэххэ Арчы дьиэтин уус-уран салайааччыта Любовь Константинова - Кыталы Куо 1 ст. лауреат, Хатастааҕы «Тускул» КК исписэлииһэ Колымана Ларионова "Төрүт үгэһи тутуһан" анал аат хаһаайынынан буоллулар.
«Кылыһахтаах тойугум кылыгырас дорҕооно» күрэххэ Варвара Степанова I ст. лауреат, Любовь Константинова - Кыталы куо 3 ст. лауреат, Семенова Людмила Григорьевна "Төрүт үгэһи тутуһан” анал аат;
«Мы едины дружбой!» хотугу норуоттар фольклордарын күрэҕэр Маргарита Яковлева үҥкүү тылын этиигэ I ст. лауреат, норуот ырыатын толорууга III ст. лауреат;
«Дойдум кэрэ симэҕэ - дьоһун талба таҥаһа» күрэххэ “Арчы дьиэтиттэн” Туйаара Александрова салайар «Мааны Мандар» иистэнньэҥнэр устуудьуйалара аныгы сахалыы таҥас көрүҥэр 1 миэстэ, үгэс быһыытынан тигиллибит таҥаска Хатастан Саввина Людмила Степановна тигиилэрэ 3 миэстэ;
Эдэр уус Илья Готовцев «Хоҥкунуур хомуспут охсулунна» күрэххэ II м, «Сахалыы оноһуулаах ох саа» күрэххэ III м, «Далла Мэндэйии» былыргы оҕунан ытыы күрэҕэр II м;
«Олоохуна Улуу Олоҥхону Уруйдуур!» ааттаах суоллаах олоҥхоһуттар күрэхтэригэр Василина Баланова III ст. лауреат, В. Баланова салайар "Күн кыргыттара" бөлөҕө "Олоҥхо кэскилэ" анал аат, Л.И. Платонова салайар “Алаһа дьоҕурдара” бөлөх “Олоҥхо утумун тутааччылар” анал аат, Любовь Иннокентьевна Платонова “Кылыһах ырыалаах олоҥхоһут” анал аат;
“Ыччат олоҥхону утумнуур” эдэр олоҥхоһуттар күрэхтэригэр Яна Нюргусова I ст. лауреат;
«Чэй эрэ, чабырҕахтаан чаҕаарыах!» күрэххэ Хатастааҕы “Тускул” КК К. Ларионова салайар “Дьээ буо” фольклорнай бөлөҕө "Төрүт үгэһи тутуһан" анал аат;
«Оһуордаах оһуохай үҥкүүтэ, түһүлгэм үөрүүтэ» күрэххэ Варвара Степановаҕа "Төрүт үгэһи тутуһан" анал аат; Хорунов Валентин Васильевичка "Добун сурук ";
Дьэ уонна ыһыах түмүгэр «Дьүрүһүй хоһуйар хомуһум!» күрэхххэ Варвара Степанова 14-с олоҥхо ыһыаҕын кылаан бириистэриттэн биир бастыҥын ылан үрүҥ көмүс хомуһунан наҕараадаланан үөрүү өрөгөйүн үрдэттэ!
Аҕа саастаах ытык дьоммутуттан уһуйуллубут эдэр ыччаттарбыт ситиһиилэриттэн үөрэ “Саха ырыата-тойуга, чабырҕаҕа-оһуохайа, уус-иис идэтэ, олоҥхото сайдар кэскиллээх, симэлийбэт, сүппэт эбит” диэн астына бэлиэтээтим.Төрүт култуурабытын ыччат дьоммут кэскиллээх илиилэригэр бигэтик ылбыттарын киэн тутуннум.
Кээччилэргэ махтал!
Кээччилэр өбүгэлэриттэн утумнаабыт ыалдьытымсах сиэринэн үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстэн мааны сандалы тула олордон эҕэрдэлээтилэр. Нэһилиэк сэбиэтин депутата Ольга Дмитриевна ылбаҕай тылларынан иилээн-саҕалаан кэрэ кэпсээн, ырыа-тойук тардылынна. Хардарыта эҕэрдэлэһии, махтал тыллара, оһуохай үҥкүүтэ алгыс тылынан түмүктэннэ. Ити курдук олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтэ Кээччилэри, Дьокуускайдары уруккаттан билсэр дьон курдук ситимнээтэ.
Түмүкпэр сатабыллаах дьаһаллаах нэһилиэк баһылыга Роза Олеговнаҕа, барыахпытыттан кэлиэхпитигэр диэри арыаллаабыт, куорат бэлиэ сирдэрин билиһиннэрбит кураторбытыгар Борис Геннадьевичка, мэлдьи толору сандалылаах, минньигэс астаах Далбар Хотуттарга, көрсүбүт бары дьоҥҥо, Өлүөхүмэ сирин биир кэрэтэ күн өҥө сардааналаах кырдалга илдьэн умнуллубат түгэни бэлэхтээбит суоппарга Александрга сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан истиҥник махтанабыт.
Кэрэ дьонноох Кээччи нэһилиэгэ
Үүнэ-сайда, чэлгийэ-чэчирии турдун!
Уол оҕолоргут удьуордаан туран
Олоҥхо курдук мындыр буоллуннар,
Кыыс оҕолоргут хааннара тардан
Эһиэкэй курдук элэккэй буоллуннар,
От-мас сүрэ сүрдэниҥ,
Сир-дойду күүһэ күүстэниҥ.
Айыыһыккыт айбытын хоту буоллун,
Иэйэхсиккит эппитин батыһар буолуҥ.
Салгын куккут сырдаатын,
Буор куккут чөллөннүн,
Ийэ куккут арылыннын.
Айар-тутар дьоҕургут ахсаабатын,
Оҥорор-тутар дьулуургут уостубатын.
Санаабыт санаам саргыны салайдын,
Өйдөөбүт өйүм өрөгөйү үрдэттин,
Алгыс тылым арчылаатын, харыстаатын.
Дом!