16.11.2022 | 18:27

Ыттары иитии быраабылатын тутуһуҥ

Ыттары иитии быраабылатын тутуһуҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьиэ кыылларыттан дьоҥҥо, ордук оҕо аймахха, куттал суоһаабатын туһугар кыыллары иитэр дьон кэккэ быраабылалары тутуһаллара сокуонунан ирдэнэр. 

Саха сиригэр ыттары, куоскалары уонна экзотическай кыыллары иитиигэ олохтоммут быраабылалар бааллар. 27.12.2018 ылыныллыбыт 498 №-дээх Федеральнай сокуон 13 ыст., 4-6 пуунугар олоҕуран, (ред. 27.12.2019 с.), дьиэ кыылларын күүлэйдэтии дьон олоҕор, бас билиитигэр  кутталы үөскэтиэ суохтаах.
Дьиэ кыылын дьаарбатарга, көрбөт дьону сирдиир ыттартан ураты кыылларга, маннык быраабыла тутуһуллуохтаах:
- айан суолугар, лифт уонна подьезд иһигэр, уопсай тиэргэҥҥэ, спортивнай уонна оҕо балаһааккаларыгар босхо ыытыы бобуулаах. 
- Ыт тахсан киирбитин кэннэ хомуйуохтааххыт.
- Олохтоох бэйэни салайыныы ыттары күүлэйдэтэргэ анаабыт сиригэр эрэ сылдьыахтааххыт.
Дьон олоҕор кутталы үөскэтэр кыылы уопсастыбаннай сиргэ томторуга, быата суох таһырдьа көҥүл таһаарар бобуулаах. Бэйэҕит бас билэр сабыылаах территорияҕытыгар ыытыаххытын сөп. Онуоха бу тиэргэҥҥэ ыт баарын туһунан иһитиннэриини хайаан да ыйыахтааххыт. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...