Ырыанан алгыстанан
Хас биирдии кэм-кэрдии бэйэтигэр сөптөөх ырыалаах-тойуктаах, сулус дьоннордоох буоларыныы, Любовь Окорокова – бааһынаҕа, ходуһаҕа, отууга, сайылыкка ырыанан сылдьан үлэни кыайбыт ааспыт үйэ 70-80-с сылларынааҕы көлүөнэтин бэрэстэбиитэлэ.
Бу киэһэ ылламмыт ырыалар Любовь Михайловна олоҕун суолун ытыска олордон биэрэрдии сэһэргээтилэр, кэпсээтилэр.
– Хоһоон диирим дуу, диэбэтим дуу... Арааһа, иэйии киирбитин сурукка тиһии, матыыпка ууруу, «хоһуйуу» диэн буолара буолуо. Ырыаларбар баҕа санааны этэрим, алгыс тылы аныырым, хайа баҕарар ийэ, эбэ курдук, куруутун көлүөнэм ситимэ дьон этэҥҥэ сылдьыахтарын баҕарарбыттан төлө көтөн тахсаллара буолуо, – диэн Любовь Михайловна ырыанан алгыстыы, арыаллыы, ыраастыы сылдьар ураты дьоҕурун кэпсиир.
Любовь Окорокова ыллаабыт-туойбут ырыаларын, сүрэҕинэн-дууһатынан ылынан суруйбут хоһооннорун хомуурунньуга “Ырыанан алгыстанан” диэн ааттанан тахсыбыта айар киэһэ биир астык сонуна, сэргэх сэһэнэ буолла. Бу кинигэҕэ тиксибиттэр, атыыласпыттар аныгы технология көмөтүнэн өссө бу киэһэ сценарийын (ааптар Семенова Е.Е.) ааҕыахтарын сөп, кюар- кодунан видео матырыйааллары (айылҕаҕа устуулары), «Саха» НКИХ-ҕа уһуллууну уо.д.а. көрүөхтэрин сөп.
Кэнсиэр киһини сэргэхситэр, кэрэхсэтэр биир түгэнинэн Любовь Михайловна Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатын норуот үнүстүрүмүөннэрин оркестрын доҕуһуолунан икки ырыаны толорбута буолла. Ырыаларын оркестрга сөп түбэһэр гына бу оскуола баяҥҥа уһуйааччыта Светлана Ивановна Капитонова аранжировкалаан оҥорбута эмиэ киһи махтанар түгэнэ буоллаҕа. Бу оркестрга оскуола выпускнига, Любовь Михайловна сиэнэ Айуол Окороков оонньоспута эмиэ биир туспа кэпсээн. Оттон ырыалары талыыга, бэлэмнээһиҥҥэ Алексей Кириллович Калининскай-Луҥха Өлөксөй, Татьяна Григорьевна Окорокова үлэлэспиттэрэ — дьоро киэһэ дьоруойун таһымын бэлиэтэ.
Бу күн сценаҕа Окороковтар дьиэ кэргэн бары көлүөнэ дьоно тахсан ким ыллаата, ким үҥкүүлээтэ, ким үнүстүрүмүөҥҥэ оонньоото. Үтүө ыал үөлэһэ куруутун кыымнаах диэн өбүгэлэрбит барахсаттар маны этэн эрдэхтэрэ.
Көрөөччүлэр бу киэһэ талаан тарбах таарыйбытынан, дьоһун дьоҕур чочуйбутунан харах халтарыйар кэрэтин, сүрэх өрүкүйэр үөрүүтүн үрүҥ көмүскэ олордубут үтүөкэн маастардардаах «Оһуор утум» үрүҥ көмүс киэргэллэрин астына-дуоһуйа, сүргэ көтөҕүллэ көрдүбүт. Кэнсиэргэ кэлбит көрөөччүнү, кыттааччыны “Тускул” Култуура киинин иһинэн үлэлиир “Төрүт ас” түмсүү (салайааччы Мокрощупова А.М.) далбардара сип-сибилигин хобордоохтон тахсыбыт итии алаадьынан көрсүбүттэрэ ахсынньы аам-даам тымныытын, тумарык туманын сымнатарга дылы гынна, сылаас, ил-эйэ тыынынан кууста.
Тэрээһиммит өрөгөй түгэнинэн оҕо эрдэҕиттэн сырдыкка-ырааска, үрдүккэ угуйар кэрэ эйгэтэ тэнийэрин, ырыа сайдарын туһугар сүүрбүт-көппүт Любовь Михайловна Окороковаҕа СӨ “Норуот айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни туттарыы буолла.