11.07.2019 | 10:17

Ырыаҕа ылламмыт Куочай алааһа, Кыталыктаах кырдала

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ньурба уйгулаах туонатыгар 18 нэһилиэк түөлбэлээн олорор. Саамай улахан Октябрьскай нэһилиэк буолар, киһитин ахсаана 3 тыһыынча. Онтон саамай дьоҕус нэһилиэктэрэ, үлэһит үтүөтэ дьоннордоох Үөдэй нэһилиэгэ. Улуус киинэ Ньурба куорат статуһун ылбыта 22-с сылыгар барда. Манна 10-тан тахса тыһыынча киһи олорор. Улуус үрдүнэн нэһилиэнньэтин ахсаана 27 тыһыынча.

   Күөх Ньурба үбүлүөйдээх ыһыаҕар баран кэллим. Хас да сылы быһа дууһам түгэҕэр иитийэхтии сылдьыбыт баҕа санаам дьэ туолла. Ыалдьытымсах дьонноох, төрүт үгэс олохтоммут биһигэ Ньурба сирэ биһигини сылаас салгынынан сымнаҕастык кууһан көрүстэ. “Хайс” микрооптуобуһунан айаннааммыт, суолбутугар сылайбатыбыт. Суоппар уолаттар барахсаттар орто тэтиминэн айаннатан, тиийиэхтээх сирбитигэр этэҥҥэ тиэртилэр. Бүлүү суола тупсан, киһи ырыанан-тойугунан эрэ айанныыр буолбут.

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыттан көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ суруналыыстара, блогердара СӨ Суруналыыстарын сойууһун (бэрэссэдээтэл Г.А. Бочкарева) тэрийиитинэн пресс-тур тэриллэн бара сырыттыбыт. Түгэнинэн туһанан, айар куттаах суруналыыстар ааттарыттан Галина Алексеевна Бочкареваҕа маннык айаны былааннаан, тэрийэн ыыппытыгар махталбытын тиэрдэбит.

Ньурба ыһыаҕа урут-уруккуттан аатырар. Манна улуу оһуокай этээччилэр, тойуксуттар, өбүгэ төрүт үгэһин тарҕатааччылар олорон ааспыттара. Тойуктаах Марыына доллоһутар тойугун эт кулгаахпынан истибит, кинини кытта илэ кэпсэтэн ааспыт дьоллоохпун. Оччолорго миэхэ анаан туойбут тойугун билигин да умнубаппын. Дьэ, куолас этэ. Киһи сүрэҕин-быарын ортотунан сайан киирбитэ эриэккэһэ дьикти. Кинини Аканаҕа бара сылдьан көрсөн, кэпсэтэн турардаахпын. Миэхэ Ньурба сирэ-уота аатырбыт Куочай алааһын кытта ситимнээх. Бу бара сылдьан аатырар алаастарыгар Таптал аллеятын илэ харахпынан көрөн дуоһуйан кэллим. Ырыаһыт Игорь Егоров Ньурбатын самаан сайынын ырыатыгар сөпкө да хоһуйан ыллыыр эбит диэн, айылҕа анаан чочуйбут кэрэ көстүүтүн көрө олорон сөҕөҕүн. Ырыа алыптаах күүһүгэр итэҕэйэҕин.

Быйылгы ыһыах Арассыыйаҕа Театр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сомоҕолоһуу, Ньурба оройуонугар Киһи ис кыаҕын сайыннарыы сылларыгар уонна Судаарыстыбаннай, политическай, уопсастыбаннай деятеллэр А.Г. Габышев 120, Ф.С. Донской 100 саастарыгар, Марха улууһа тэриллибитэ 195 сылыгар анаммыт. 

                       Үс мас бүтэй күрүө нөҥүө оҕо сааһым одуулуур

   Ньурба улууһугар бэс ыйын 23-24 күннэригэр «Модун күүс, өркөн өй, ыра санаа» бэргэнник толкуйдаммыт анабыл тыллардаах үбүлүөйдээх ыһыах үрдүк таһымҥа ыытылынна.

Сарсыарда 10 чааска ыһыах буолуохтаах сиригэр Кыталыктаах кырдалыгар тиийэбит. Киирии ааркаҕа түптэ буруо сытынан мааны көрүҥнээх Саха Далбар хотуттара сахалыы сиэринэн ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары уруйдуу-айхаллыы көрсөллөр. Биһиги, сонун сиргэ киирэн иһэр дьон быһыытынан, сэмэйдик туттан, күөх ньаассын оттоох хонуу устун киирэн, Аар Кудук Чэрчи маһы көрбүтүнэн тиийэбит. Игирэм аҥаара Саргылааналыын үс мас бүтэй күрүө нөҥүө тахсан олорон, оҕо сааспыт мэник-тэник, эмньик кэмнэрбитин санаан аастыбыт, хаартыскаҕа түстүбүт. Ыһыахтыыр сир устата-туората биллибэт киэҥ түһүлгэтин көрөн, сөрү диэн сөхтүбүт. Эчи, салгына ырааһыан, айылҕата кыраһыабайыан... Этэргэ тыл тиийбэт курдук турукка киирэн ыллыбыт. Аар Кудук Чэрчи мас тула сылдьан, куйаар ситимигэр баҕа санаабытын тиэртибит. Айылҕа кэрэтиттэн дуоһуйан, күөх кырыска олорон, күҥҥэ сыламнаан ыллыбыт. Ис куппутугар истиҥ иэйиини сөҥөрдүбүт, сыллааҕы эниэргийэбитин иҥэриннибит. Дууһа уоскуйда, санаа манньыйда.

             Үрдүк мэҥэ халлааҥҥа оҕо сирэйэ көһүннэ

Киин түһүлгэҕэ 11 чааска Ыһыаҕы арыйыы сиэрэ-туома ыытылынна.

Сахабыт сирин улахан түһүлгэлээх ыһыахтарын өрүү арчылыыр, алгыстыыр Ытык ыһыах Аан Дархан алгысчыта Иван Герасимович Васильев – Алгыс Уйбаан сэттэ туҥуй кыыс оҕонон арыалланан, тоҕус туруйа уол оҕонон доҕуһуоллатан киирэн, алгыс сиэрин-туомун толордо. Кини алгыс тылын үс куппутугар иҥэринэн, сүрэхпитигэр уйалаатыбыт. Ыһыах алгысчыта эппит тыла айыылар үрдүк мэҥэ халлаантан ыытар алгыстарыгар холбоһор. Ол да иһин буолуо, алгыс кэнниттэн үрдүк мэҥэ халлааҥҥа оҕо сирэйэ көстүбүтэ, бу улуус ыччатын инникитэ кэскиллээҕин кэрэһилээтэ. Көрбүт дьон этиилэригэр олоҕуран суруйдум. Бука, айылҕа анаабыт дьоно көрдөхтөрө буолуо диэн испитигэр кичэм санааны иҥэрэн кэбиһиэҕиҥ. Ыһыахха кэлбит нэһилиэк баһылыктара  төрөөбүт төрүт буордарыттан  кыым саҕан аҕалан, биир сомоҕо модун күүс буолалларын туоһулаан, айыылар алгыстарын ылынан, Кыталыктаах сырдаан көстөр сыһыытыгар унаар буруо унаарыттылар.

   Ыһыах аһыллыытын Чаппанда нэһилиэгиттэн төрүттээх режиссер Александр Титигиров туруорбута ураты кэрэхсэбиллээх буолла. Биир бэйэм дьоро түһүлгэ аһыллыытын сэҥээрэ көрдүм. Сценарийын Галина Томская - Айыына, үҥкүүтүн хореограф Галина Степанова туруорбутун киин трибунаҕа мустубут көрөөччүлэр биир тыынынан олорон көрдүбүт.

   Кыталыктаах кырдалыгар ыһыахтыыр сиргэ тэлгэһэлэрэ барыта хапытаалынай тутуулаахтарын сэҥээрэ көрдүм. Эһиил Кыайыы 75 сылынан улуус салалтата хас биирдии нэһилиэккэ түһүлгэни саҥардарга анаан тутуу матырыйаалын ылыналларыгар үп көрүөхтээх. Быйыл хас биирдии нэһилиэккэ улуус бүддьүөтүттэн 30 тыһыынча көмө харчы көрүллүбүт. Үөрэх, спорт, култуура хайысхатынан култуурунай-спортивнай бэстибээл диэн ааттанан быйыл иккис сылын улуус таһымынан ыытыллар. Инньэ гынан нэһилиэктэр икки ардыларыгар сэргэхсийии тахсыбыт. Сыл бүтүүтэ түмүк таһаараллар. Улуус баһылыга Алексей Михайлович сонун хайысханы нэһилиэктэр икки ардыларыгар киллэрбитин түмүгэр нэһилиэнньэ түмсүүлээх буолан эрэр.

Атын улуустар үтүө холобуру туһаныҥ!

Ньурба улууһугар иккис сылын култуура, үөрэхтээһин, спорт хайысхатыгар култуурунай-спортивнай бэстибээл ыытыллар. Сүрүн бириистэр: 1-кы миэстэҕэ “УАЗ патриот” массыына, 2- с миэстэҕэ “Синтай” тыраахтар, 3-с  миэстэҕэ МТЗ тыраахтарынан сири дьөлө үүттүүр буур.

                      Улуус, нэһилиэк историятын үйэтитиэҕиҥ

Алексей Михайлович Иннокентьев, Ньурба улууһун баһылыга:

– Хас биирдии нэһилиэк историятын өрө туппат, үлэлээн ааспыт дьонунан киэн туттубат буоллаҕына, инники сайдыы суох. Биһиги, бастатан туран, Александр Гаврильевич Габышев, Степан Васильев, Александра Яковлевна Овчинникова, Михаил Мегежекскай, Дора Жиркова, Тамара Андреевна Петрова, бырааттыы Донскойдар, Сэмэн Сюльскай курдук дьоммутунан киэн тутта, кинилэр үтүө ааттарын үйэлэргэ ааттата туруохтаахпыт. Саха автономиятын 100 сылын көрсө улууспутугар Судаарыстыбаннас музейын туттарыахтаахпыт. Антоновка сиригэр-уотугар былаанныыбыт. Эһиил Улуу Кыайыы 75 сылыгар уонна икки ытыктыыр дьоммут, Далбар хотуттарбыт, судаарыстыбаннай политическай деятеллэрбит Дора Жиркова, Александра Овчинникова үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ буолуохтаах. Кинилэр үбүлүөйдэрин өрөспүүбүлүкэ таһымынан бэлиэтиир былааннаахпыт.

Үбүлүөйдээх ыһыах ыҥырыылаах ыалдьыттарынан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Петр Васильевич Гоголев,  бэрэссэдээтэли солбуйааччы Антонина Афанасьевна Григорьева, СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын Олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар департаменын салайааччытын солбуйааччы, Ньурба оройуонун куратора Афанасий Иванович Старостин буоллулар.

Руслан Габышев, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Майа нэһилиэгэ:

- Ыраах айан хаһан баҕарар умсугутуулаах, кэрэхсэбиллээх, интэриэһинэй. Ньурба ыһыаҕар сырыттым, дуоһуйан, үөрэн кэллим. Үөрдүм сахалыы сиэринэн ыалдьытымсах, элэккэй, дьоһун дьонуттан. Ыһыахха сөхтүм – дьон-сэргэ сахалыы дорҕоону олус да сэргиириттэн, утаппыт курдук батыһа сылдьан кыл кэпсээнин истэриттэн. Кырдьаҕас дьон кыл тыаһын аһара сэҥээрэн истэллэр эбит. Биир кырдьаҕас миигин “Бу былыргы оонньооччуларга тиийбит уол сылдьар эбит ээ, араас тыаһы үтүктэн таһаарар” диэн улахан сыана быспытыттан эгди буолан үөрдүм. Чуор куоластаах кырачаан Айгыына Марковаҕа астына доҕуһуоллаатым. Олохтоохтору кытта ат сүүрдүүтүн көрдүм, кэпсээннэригэр кыттыстым, сэһэннэрин сэҥээрдим.

Ыраах айантан туругум мөлтөөн тиийбиппэр, Айаал Прокопьевич Семенов дьиэтигэр илдьэн, тута быраас ыҥыран, эмтээн-кыһаллан, түргэнник бэттэх кэллим. Кини дьиэ кэргэнигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын. Сылаас сыһыантан, тотоойу астан, сиэрдээх сэһэнтэн харахтыын сырдаатым. Алаһа дьиэҕит куруук бу курдук сырдык-ыраас, мааны буоллун!

Ытыс үрдүгэр түһэрэн минньигэс аһынан күндүлээбит, үчүгэй усулуобуйаны тэрийэн, маанылаан хоннорбут Чаппанда мааны ыалыгар, «Айар Кут» хоһоонньуттар, ырыаһыттар, мелодистар түмсүүлэрин салайааччыта Егор Валерьевич Иванов дьонугар эмиэ сырдык махталбын тиэрдэбин, үөрүү үктэллээх үтүө кэмнэри баҕарабын. Бэртээхэй ыһыахха сылдьан, Ньурба дэлэй, ыалдьытымсах, амарах дьоһун дьонунуун алтыһан сэргэхсийэн, астынан дойдубун буллум. Биир идэлээхтэрим култуура үлэһиттэригэр, чуолаан управление салайааччыта  Розалия Михайловна Тихоноваҕа уонна кини үлэһиттэригэр сырдык санааҕытыгар, кыһамньыгытыгар, мааны майгыгытыгар махтал үтүө тылларын хойутаан да буоллар тиэрдэбин. Эһиги үлэҕит куруук маннык тигинэс, таһаарыылаах, түмүктээх буоллун, сүрэххит сылааһа сөҕүрүйбэтин, кэрэҕит күрэммэтин, талааҥҥыт тахса турдун, баҕа санааҕыт барҕара туоллун!

Аркадий Алексеевич Егоров – Тускун, Абый улууһун култууратын управлениетын  методиһа:

- Аканаттан төрүттээхпин. Билигин Абый улууһугар дуогабарынан үлэлии сылдьабын.Култуура үөрэхтээхпин. Дойдум дьонун ыҥырыыларынан анаан-минээн кэлэн, култуурунай тэрээһиҥҥэ кытынным. Өр буолан баран төрөөбүт төрүт сиргэр кэллэххинэ, дойдуҥ сылаас тыына, салгына, айылҕата, дьоно-сэргэтэ хайдах курдук күндүтүн тылгынан кыайан эппэт эбиккин. Аар айылҕам арыллан, сыалыһар быарыныы сымнаан, нуолур күөх хампа солкотун анньынан сымнаҕастык үөрэн-көтөн көрсүбүтэ сүрэхпэр-быарбар күүскэ иҥтэ. Ыһыах арыллыытын биир тыынынан көрөммүн, хаһан да долгуйбатахпын долгуйдум. Киирии аартыктан ыһыах дьонун, ыалдьыттары улахан тэрилтэ салайааччылара, Далбар Хотуттар бэйэлэринэн көрсүбүттэрэ ыһыах таһымын үрдэттэ дии саныыбын. Ыһыаҕы аһыы сиэригэр уол оҕолор улаханныын-кыралыын үҥкүүлээбиттэрэ түмсүүлээх буолууну уонна айыыларга, айылҕаҕа сүгүрүйүүнү бэлиэтээтэ. Улуус салалтатын өттүттэн киирбит сонун сүүрээни биһирээтим. Ол курдук, нэһилиэктэринэн сыл устата олох бары хайысхатыгар анаммыт бэстибээл ыытыллар буолбут. Мин култуура хайысхатыгар төрөөбүт Аканам аатыттан хомуска күрэххэ кыттаммын, төрөөбүт түөлбэм дьонугар 1-кы миэстэни, оһуокай күрэҕэр 3-с миэстэни ыламмын, сэмэй кылааппын киллэрдим диэн киэн тутта этэбин. Нэһилиэгим баһылыга Ефрем Михайлович Семеновка, ахтар-саныыр дойдум дьонугар барҕа махталбын тиэрдэбин. Күүстээх, таһаарыылаах үлэни баҕарабын.  Мындыр толкуйгутунан сомоҕолоһуҥ, бигэ тирэхтээх буолуҥ. Валентина Сухаринова, Ньурба улууһа, Октябрьскай нэһилиэгэ:

- Икки күннээх оһуокайбыт олус үчүгэйдик ааста. Айылҕабыт туран биэрэн, көҥүллүк оһуокайдаатыбыт. Үөрдүбүт-көттүбүт, сүргэбит көтөҕүлүннэ. Саҥа оһуокай этээччилэр баар буолбуттар. Биһиги, өр сылларга оһуокайдаабыт дьон быһыытынан, кинилэри өйөөммүт, улахан түһүлгэлээх оһуокайдар буоллулар. Быйыл оһуокайы көҥүл тиэмэнэн хоһуйуу буолбута олус үчүгэй. Бары да көҥүл хоһуйдубут. Мин оҕо сааспыттан хайдах оһуокайга уһуйуллубуппун хоһуйдум. Оһуокай улахан тэрээһиннэригэр эппитим 10-тан тахса сыл буолла. Оһуокай киһиэхэ бытаан тэтиминэн киирэр эбит. Ыллыҥ да оһуокайдаан барбаккын. Бириэмэтэ кэлэн эбитэ дуу, иллэрээ сылтан бэттэх дьэ аһыллан этэр буоллум. Оһуокай күрэҕэр 1-кы миэстэни ылан наһаа үөрдүм.

Василий Парников, Уус Алдан улууһа, Бороҕон нэһилиэгэ, “Кэнчээри” ансаамбыл салайааччыта:

- Ньурбалар, ыһыаххытыгар ыҥырбыккытыттан, сэргиир дьон баар эбит диэн  сүрдээҕин үөрдүбүт. Көрөөччүлэр даҕаны сөбүлээтилэр, хас биирдии нүөмэрбит ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Бэйэм уонна оҕолор онтон долгуйдубут. Онон, кэлбит сыалбын ситтим диэн астынным. Барыбытын интэринээккэ түһэрдилэр, олус үчүгэйдик көрүстүлэр. Маннык үчүгэйдик көрсүбүттэригэр Ньурба олохтоохторугар махталбын тиэрдэбин. Ньурба дьоно-сэргэтэ национальнай култуураҕытын тута сылдьар дьоҥҥут. Академическай ырыа диэн духуобунай култуура таһымын көрдөрөр үтүө үгэс буолар. Ырыаны ыраас дууһалаах киһи чугастык ылынар, ыллыыр норуот күүстээх. Ырыа дьону сомоҕолуур күүстээх.

Артем Николаев, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

- Төрдүм Дьиикимдэ. Куоракка олоробун. Манна “Раймаг” диэн ааттаах чааһынай маҕаһыыннаахпын. Сылын аайы атыыласпыт дьон истэригэр, сылга иккитэ бириис оонньотобут. Саҥа дьылга уонна ыһыахха. Саамай улахан бирииспитин массыынаны бу ыһыахха оонньоттубут. 10 тыһыынча суумалаах табаары атыыласпыт дьон сүүйүүлээх оонньууга кытыннылар. Марха нэһилиэгиттэн Петровтар дьиэ кэргэттэрэ “бааттаах” илиилэринэн массыынаны сүүйдүлэр.

Быйылгы ыһыахха Дьокуускай куорат, Сунтаар, Бүлүү дьоно-сэргэтэ кэлэн сэргэхситтилэр. Спортивнай күрэхтэргэ Саха сирин күүстээх спортсменнара, икки өрөспүүбүлүкэ чемптоннара хапсаҕайга уонна атах оонньуутугар кэлэн кыттыбыттара улуус спордун сэҥээрээччилэригэр улахан сэргэхсийиини таһаарда. Ону тэҥэ, кэлбит ыалдьыттар култуурунай тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытыллыбытын дуоһуйа бэлиэтээтилэр.

                                  Театр саҥа дьиэлэнэрэ күүтүллэр

   Саха хомсомуолун бириэмийэтин лауреата, Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай  драматическай көһө сылдьар театр быйыл 53- с сезонун түмүктүүр. Театрга 7 СӨ үтүөлээх артыыстара, 13 СӨ култууратын туйгуннара бааллар. Ыһыах үөрүүлээх чааһыгар СӨ култуураҕа уонна искусствоҕа сайдыытыгар кылаатын иһин, Ил Түмэн Бочуотунай грамотата, кыһыл көмүс чаһыта Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай драматическай көһө сылдьар театр уус-уран салайааччыта, дириэктэрэ, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Юрий Алексеевич Макаровка үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна. Атырдьах ыйыгар театр бастакы сыбаайата түһүөхтээх эбит.

Биир сонун тэрээһинэн өбүгэбит төрүт оонньууларыгар хаамыскаҕа уонна хабылыкка улахан күрэхтэһии буолла. Бу күрэххэ 50 киһи кытынна. Эр дьоҥҥо Акана орто оскуолатын үөрэнээччитэ Ньургун Семенов үрдүк кыайыыны ситиһэн, биэстэ эстэр МР 155 саанан бэлиэтэннэ. Дьахталларга күрэх кыайыылааҕар морозильнай ларь туттарылынна. Спортивнай күрэх сүрүн бириистэринэн матасыыкыл, квадроцикл, генератор, МР 155 саа буоллулар.

                            Ньурба улууһа төрүттэммитэ 195 сыла

Кыра нэһилиэктэр: Хаҥалас, Өҥөлдьө, Хатыы, Үөдэй, Акана, Дьаархан, Малдьаҕар, Дьиикимдэ, Сүлэ.

Улахан нэһилиэктэр: Ньурбачаан, Марха, Чуукаар, Маар, Чаппанда, Антоновка, Маалыкай, Хаҥалас, Хорула, Күндээдэ, Ньурба куората

Көрсүөххэ диэри, ыалдьытымсах дьонноох Ньурба сирэ

  Ыһыах иккис күнүгэр киэһэлик быйаҥнаах ардах түһэн ааста. Түмүктүүр дьоро түһүлгэни аатырбыт “Ньурба вальса” ырыанан түмүктээбиттэрэ ураты долгутуулаах буолла. Трибунаҕа олорор дьон бары кэриэтэ ис дууһабытыттан ылластыбыт. Дьэ, бу буоллаҕа, уостан түспэт ырыа үйэлээх туоһута. Ыһыах бэйэтин соругун ситтэ, үрдүк таһымҥа ыытылынна диэн кэлбит ыалдьыттар бэлиэтээтилэр. Аныгы көрсүөххэ диэри, Ньурба ыалдьытымсах дьоно-сэргэтэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...