18.11.2022 | 15:00

Ыра санаалары олоххо киллэрэр «Норуот бүддьүөтэ» бырайыак

(Сайаапкалары тутуу саҕаланна)
Ыра санаалары олоххо киллэрэр «Норуот бүддьүөтэ» бырайыак
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат дьаһалтата "Норуот бүддьүөтэ" куонкуруска сайаапкалары тутуу саҕаламмытын биллэрэр. Ол түмүгүнэн 2023 сылга социальнай хайысхалаах бырайыактары, тутуулары, тэрээһиннэри олоххо киллэрэргэ үбүлээһин көрүллэр.   
"Норуот бүддьүөтэ" бырайыак көмөтүнэн Дьокуускайга олус элбэх туһалаах дьаһаллар олоххо киирбиттэрэ, онон тоҕоостоох түгэни мүччү тутумаҥ!

Куонкурус усулуобуйатынан тэрийээччилэр 20 % бэйэлэрэ уйуналлар. Уоннааҕытын куорат бүддьүөтэ үбүлүүр. Өйөбүл ылбыт бырайыактар 2023 сылга хайаан да олоххо киириэхтээхтэр.  

Биирдиилээн дьонтон, юридическай сирэйдэртэн, түмсүүлэртэн, уопсастыбаннай тэрилтэлэртэн маннык хайысхаларынан сайаапкалары туталлар:

- тутуу, сөргүтүү, уопсастыбаннай эбийиэктэри өрөмүөннээһин;

- территориялары уонна сынньалаҥ сирдэрин тупсарыы;

- аһымал, социальнай, волонтердар аахсыйалара;

- иитэр, үөрэтэр, спортивнай тэрээһиннэр.

 

Сайаапкалары сэтинньи 10 күнүттэн ахсынньы 9 күнүгэр  диэри туталлар.

 

Кыттааччылар сайаапкаларын толорон, докумуоннарын барытын суругунан аҕалаллар: 677007, Дьокуускай, Территориялары кытта үлэлиир департамент, Ленин пр.,15, 712 хос, 40-88-48. Бэнидиэнньик-бээтинсэ 9:00 - 18-00. Эбиэт кэмэ: 13:00 - 14:00 ч.  

Маны таһынан сайаапкаларгытын уокуруккут управаларыгар, нэһилиэккит дьаһалтатыгар эмиэ биэриэххитин сөп.

2022 сыллаахха кимнээх  кыайбыттарай?

Быйыл норуоттан тахсар көҕүлээһиннэри өйүүр бырайыак көмөтүнэн маннык хайысхаларынан кэккэ бырайыактар олоххо киирдилэр:
- «Биһиги киин куораппыт» – уопсастыбаннай сирдэри тутуу, сөргүтүү уонна өрөмүөн;
- «Тупсарыы» – куорат сирин-уотун тупсарыы;
- «Үтүө санаа куората» –  аһымал аахсыйалары ыытыы, волонтердар хамсааһыннара, социальнай хайысхалаах дьаһаллар;
- «Дьокуускайы уруйдуубут» – иитэр, үөрэтэр, спортивнай уонна да атын тэрээһиннэр.
Уопсайа 72 сайаапка киирбитэ. 25 бырайыак кыайыылаах тахсан, уопсайа 12 мөлүйүөн солкуобай субсидия көрүллүбүтэ.  

“Үтүө санаа куората” номинация 6 кыайыылааҕын кэккэтигэр  “Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго единоборстволар кииннэрэ” диэн бырайыак баара  (салайааччы Фархат Садыков).

Доруобуйаларыгар араас кэһиллиилээх оҕолорго ураты сыһыан, атыннык таҥыллыбыт дьарык наада буолара саарбахтаммат. Бу киин самбоҕа, дзюдоҕа, тхэквондоҕа босхо дьарыктары ыытар. Быйыл 70-ча кэриҥэ оҕо дьарыктанар, үксүлэрэ мөлтөхтүк истэр оҕолор эбит. Нэдиэлэҕэ 2-3 дьарык буолар. Күрэхтэһиилэри тэрийэн ыыталлар, үөрэнээччилэрин ахсаанын 350-400 тиэрдиэхтээхтэр.

“Анастасия Диодорова, Степанида Артахинова, Алена Дмитриева, Владимир Балынец курдук спорстменнары оҕолорбут кумир оҥостоллор”, – диир салайааччы Фархат Садыков.

«Тупсарыы» хайысхатыгар «Настильщик чурочной мостовой» бырайыак (ааптар Николай Чоччасов) уонна 13 нүөмэрдээх спортивнай оскуола өрөмүөнэ (салайааччы Рита Якушева) кыайбыттара. “Кырдьаҕас куорат” территориятыгар туруохтаах, 1700 мм үрдүктээх тимир композиция былыргы Дьокуускай уулуссаларын чуурканан тэлгээбит үлэһити үйэтитиэхтээх. Билиҥҥитэ скульптура кэккэ биричиинэлэринэн тура илигэ эрэ биллэр.

«Дьокуускайы уруйдуубут» хайысхаҕа 12 бырайыак өйөммүтэ. Ол иһигэр Светлана Липатова салайааччылаах “Дети в книге” бырайыак баара. “Айыы кыһата” национальнай гимназия оҥорбут бырайыага Ийэ сылыгар, Ааҕыы сылыгар уонна Саха АССР 100 сылыгар бу аҕыйах хонуктааҕыта олоххо киирдэ.

Саха тылын уонна литературатын учуутала Светлана Липатова оҕо аахпат буолуутун кыһалҕатыгар болҕомтону тардыан баҕарбыт эбит.

Оскуола төрөппүттэр уонна учууталлар кыһамньыларынан ааҕыы аптаах күүһүн тарҕатар кыахтаах. Саха классиктарын айымньыларыгар ойууланар эпоха – билиҥҥи оҕолорго олох биллибэт ыраах эйгэ. Биһиги бырайыакпыт оҕолору оччотооҕу үйэ уратыларыгар чугаһатар, литература эйгэтигэр дириҥник киллэрэр сыаллаах”, – диир Светлана Липатова. Талыллыбыт айымньылар бары уруоктарга үөрэтиллэллэр.

Оҕолор хаартыскаҕа балаҕан ыйыгар уонна алтынньыга түспүттэр.  Анаан-минээн Таатта улууһугар Чөркөөхтөөҕү историко-этнографическай музейга тиийэн үлэлээбиттэр. Сорох каадырдары оскуолаларыгар уонна Дьокуускай тыйаатырдарыгар түһэрбиттэр. Бука барыларыгар интэриэһинэй уопут буолбут, биһигини кинигэҕэ таптал, литература уонна ааҕыы түмтэ диэн төрөппүттэр олус астыммыттар.

Хаартыскалара барыта “Айыы кыһатын” иккис этээһигэр көрдөрүүгэ тураллар. Бэлэмнээбит матырыйаалларын өрөспүүбүлүкэ саха тылын учууталларыгар босхо тарҕатар былааннаахтар.

“Биһиги киин куораппыт” хайысхаҕа 5 бырайыак кыайбытыттан биирдэстэрэ Михаил Неустроев салайааччылаах Остуол тенниһин киэҥник тарҕатар «Настольный теннис – вид активного отдыха и реабилитации инвалидов» диэн инклюзивнай бырайыак буолбута. Быйыл сайын киин куорат Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар олоххо киирэн, үгүс киһини үөрдүбүтэ. 

“Доступная среда – социум” коммерческайа суох тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, остуол тенниһигэр Арассыыйа спордун маастара Михаил Неустроев куорат олохтоохторун, ол иһигэр инбэлиит дьону, маассабай спорт көрүҥэр угуйар сыалы туруоруммут. 230 тыһ. солк.  5 үчүгэй остуолу, наадалаах инвентарь атыыласпыттар, эһиил саахымат зонатын тэрийэн, бырайыактарын силигин ситэрэр былааннаахтар. 

Манна “Норуот бүддьүөтэ” бырайыагынан көрүллүбүт үпкэ спонсордар эбии көмөлөрө улахан төһүү күүс буолбут.  Михаил Неустроев бу бырайыага олоххо киирэн, Адаптивнай физкультураны сайыннарыыга кылаатын иһин бочуот знагынан наҕараадаламмыта.

2014 сылтан саҕалаан 2021 сылга диэри чахчы олоххо киирбит уонна дьоҥҥо туһаны аҕалбыт бырайыактары аахтахха, уопсайа 257 социальнай суолталаах көҕүлээһин куорат бүддьүөтүттэн өйөммүт. 27 оҕо балаһаакката уонна спортивнай балаһаакка тутуллубут, 36 тиэргэн территорията уонна уопсастыбаннай сир-уот тупсарыллыбыт, 40 аһымал, социальнай уонна волонтерскай хайысхалаах тэрээһин олоххо киирбит. 16 сквер тутуллубут уонна өрөмүөннэммит, 7 кинигэ тахсыбыт, 7 уус-уран киинэ уһуллубут, 22 оҕо сынньалаҥын тэрийэр бырайыак үлэлээбит, 3 сылаас тохтобул тутуллубут.

Манна хайаан да 2022 сыллааҕы 25 бырайыак эбиллиэ турдаҕа. “Норуот бүддьүөтэ” бырайыак 2022 сыллааҕы көрдөрүүтүн түмүгэ тахса илик, сорох бырайыактар сыл бүтэһик ыйдарыгар олоххо киириэхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....