22.09.2022 | 14:00

Ыра санаа паарката: паровозик, канатнай суол, дендрарий...

Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар кыһыннары-сайыннары үлэлиир аквапаарка, оҕо лааҕыра баар буолуоҕа. Бу олоххо киирэр кыахтаах бырайыактар дуо? Ол туһунан «ЯКУТСК 4.0.0 СТАРТ» форум чэрчитинэн ыытыллыбыт «Дьокуускай куорат уопсастыбаннай эйгэлэрин сайыннарыы» диэн семинарга киэҥ кэпсэтии таҕыста.
Ыра санаа паарката: паровозик, канатнай суол, дендрарий...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Манна үс бырайыагы иһиттибит, кыттааччылар хамаандаларга арахсан, ырытыһыы, дьүүллэһии түмүгэр биир санааҕа кэлэргэ дьулустулар. Бу тэрээһиҥҥэ архитектура, тутуу, бизнес уо.д.а. эйгэ бэрэстэбиитэллэрэ, куорат көхтөөх олохтоохторо тоҕуорустулар.

 

Социологическай чинчийии көрдөрбүтүнэн, киин куорат нэһилиэнньэтэ суос-соҕотох пааркабыт туруга мөлтөх, элбэх уларыйыыны эрэйэр диэн санаалаах.

 

Григорий Мустафин, Дьокуускай куорат маастар-былаанын оҥорууга Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх кыайыылааҕа, Москва куорат Генеральнай былаанын научнай-чинчийэр уонна бырайыактыыр институтун дириэктэрин сүбэһитэ:

– Паарка – Дьокуускай куорат собус-соҕотох күөҕүнэн чэлгийэр рекреационнай эйгэтэ диэтэхпинэ, сыыспаппын. Манна нэһилиэнньэ сөбүлээн сынньанарын, эбийиэк тупсуон, уларыйыан баҕарарын биһиги ыйытыкпыт көрдөрдө. Ону сэргэ, дьон-сэргэ пааркаҕа кыһыннары-сайыннары үлэлиир зоналары туруорсар. Онон бырайыакка сайыҥҥылыы ичигэс килиимэттээх аквапаарка тутуутун киллэрдибит. Онуоха урукку хаар полигонун территориятын көрөбүт. 

Маны таһынан, ичигэс павильоннары элбэтэр соруктаахпыт. СӨ Ил Дархана эппитинэн, таһырдьа тымныытыттан, куйааһыттан тутулуга суох, дьыл ханнык баҕарар кэмигэр нэһилиэнньэҕэ табыгастаах сынньалаҥ тэриллиэхтээх. Ол эбэтэр сылы эргиччи үлэлиир павильоннарга быыстапкалар, тэрээһиннэр, атыы-тутуу тиһигин быспакка ыытылларын ситиһиэхтээхпит.  

 

Форум спикердэрэ эппиттэринэн, паарка эйгэтин тупсарыыга Комсомуол болуоссата умнуллуо, тумнуллуо суохтаах. Билигин хайдаҕый? Комсомуол болуоссата ырыынакка, пааркаҕа кэлбит дьон массыына туруорар парковкаларын курдук. Семинар кыттааччылара сөбүлэстилэр. Ол эрээри “Парковка иэнин кыччаттахха, ол оннугар саҥа павильоннары эбэн биэрдэххэ эбэтэр турар сирин көһөрдөххө хайдах буолуой?” диэн ыйытыыга бу биһиги куораппытыгар “ыарыылаах" боппуруос диэн биир кэм оргуйа түстүлэр. Онон хамаандалар хайа өттүнэн киирэр ааннары, парковкалары туруордахха дьоҥҥо табыгастаах буоларын быһааралларыгар сорудах бэрилиннэ.  

Евгений Григорьев, киин куорат баһылыга:

 «ЯКУТСК 4.0.0 СТАРТ» форумҥа киирбит этиилэри барытын көрүөхпүт уонна бөлөхтөргө араарыахпыт эбэтэр тустаах бырайыактарга эбиэхпит. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев “Дьокуускай куорат социальнай-экономическай сайдыытын туһунан” ыйааҕа, маастар-былаан, ону таһынан икки күннээх «ЯКУТСК 4.0.0 СТАРТ» форум түмүгүнэн резолюция баар буолла. Бу үс докумуону холбоон, Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын стратегията оҥоһуллуоҕа”.

Аллеялары аспааллыахха!

Бастакы хамаанда кыттааччылара паарка уруккутун-хойуккутун аҕыннылар. Хаһан эрэ итиннэ туох турбутун, манна билигин туох баарын кытта санаатылар.

– Аттракционнары, фудкортары сыҕарытыахха, көһөрүөххэ диэн этии элбэхтик иһилиннэ. Дьиҥэр, ону быһаарар эрдэ. Бастаан саамай судургуттан саҕалыахха дии саныыбыт: ол курдук, паарка киин өттүн, дьон ордук тоҕуоруһар сирдэрин – аллеялары аспааллыахха наада. Тоҕо диэтэххэ 80-с сыллартан уларыйа илик.

Пааркаҕа аҕыйаабыта үс киирии баар буолуохтаах. Бастакыта – Лермонтов (Пушкин) уул. (парковканы суох оҥорор сатаммат); “Дохсун” уонна Окружной шоссе өттүлэриттэн (урут сыбаалка, онтон хаар тиэйэр полигон баар этэ, билигин таах иччитэхсийэн турар, рекультивациялыахха сөп). Бу диэки зоопаарканы, ыччат кииннэрин, аквапаарканы туруорар ордук. Уһун кыһыннаах куоракка аквапаарка олус наадалаах, дьон-сэргэ тардыһар киинэ буолуо этэ.

Инникитин билигин бадараан буолан турар сиргэ искусственнай канал оҥоруохха сөп. Оччоҕуна куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара кытыл тула дьаарбайыахтара этэ. Паарка арҕаа өттүгэр турар тыаны тыыппакка, чуумпу зона оҥоруохха.

Маны сэргэ, “Оһуохай” киинин паарка хабайар хаба ортотугар көһөрүҥ диэн этиилээхпит. Билигин сир саарбах миэстэҕэ турар, суолтатын арыый үрдэтэр кэм кэллэ дии саныыбыт. 

 Кылабыыһаларга — ураты болҕомто

Паровозик, канатнай уол, дендрарий... Баҕар, бу тыллар кимиэхэ эрэ остуоруйа курдук иһиллиэхтэрэ. Ол эрээри иккис хамаанда кыттааччылара баҕа санаалара туоларыгар бигэ эрэллээхтэр. Чахчы даҕаны, дьүүллэһиигэ ким да кими да күөмчүлээбэтэ, болҕомто уопсастыбаннас санаатыгар туһаайылынна.   

– Комсомуол болуоссатынан киирэр аан, парковка оннуларынан хааллыннар. Иккис киириини Вилюйскай быстах туора уулуссанан, үсүһү – Петр Алексеев уул. оҥоруохха сөп. Паарка иһигэр паровозик сылдьар суол эргиирэ оҥоһуллара буоллар, сатыы дьоҥҥо, кыаммат араҥаҕа табыгастаах буолуо этэ.

Бастакы хамаанда эппит искусственнай каналын үрдүнэн өссө дьоҕус муоста тутуохха, онон оҕолорго канатнай суол ыытыахха сөп. Ити диэки дендрарий тутуллара буоллар диэн этиилээхпит.

Маны сэргэ, иккис хамаанда паарка эргэ дьиэтин Оҕо киинигэр кубулутуохха, чуумпу өттүгэр босхо оҕо балаһааккаларын оҥоруохха диэн этиилээх. Ону таһынан, кыттааччылар ыттары күүлэйдэтэр туспа анал сир баар буоларын туруорустулар, пааркаттан чугас турар Бүлүү уонна Еврейскэй кылабыыһаларга тупсарыы үлэтин ыытыахха наада диэтилэр.

Төлөбүрдээх туалеттар, ичигэс душтар

Үһүс хамаанда биир дьиэ кэргэн курдук иллээх-эйэлээх буолла. Бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһө, эбэн-сабан биэрэ олордулар:

– Бэлисипиэттээх, хаалыктаах хаамар, сүүрэр уонна сатыы дьон сылдьар ыллыктара дуу, суоллара дуу баар буолуохтаах диэн этиини өйүүбүт. 

Кырдьык, ити кылабыыһаҕа историяҕа бэйэлэрин суолларын-иистэрин хаалларбыт дьон көмүллэ сыталлар, онон куорат биир бэлиэ сирэ буоларын өйдүөхтээхпит.  

Ичигэс павильоннарга эбии төлөбүрдээх туалеттары, душтары туруоруохха диэн этиилээхпит. Спордунан дьарыктанар дьон суунан-тараанан баралларыгар табыгастаах буолуо этэ. Маны сэргэ, хас хардыы аайы дьону-сэргэни чөл олоххо көҕүлүүр, ыҥырар-угуйар плакаттар, баннердар элбииллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.  

Бу хамаанда сайын пааркабыт олус бырдахтаах буоларын этэн туран, санитарнай эмтээһин ыытылларын туруоруста. Онуоха атын кыттааччылар “сөптөөх этии” диэн сөбүлүү иһиттилэр. “Кыра оҕолоохтор эрэйдэнэллэр, пааркаҕа өр буолбакка, кумаартан куотар аакка бараллар”, – дии түстүлэр. 

 Кемпинг, көньүүһүнэ, зоопаарка

Төрдүс хамаанда үксэ эдэр дьон. Кинилэр санааларын истиэххэ:

– Паарканы чуумпу, актыыбынай уонна киин зоналарга араарыахха диэн этиилээхпит. Тоҕо диэтэххэ сорохтор култуурунай сынньалаҥы, спордунан дьарыктаналларын ордороллор, оттон сорохтор чуумпуга хаама түһүөхтэрин эбэтэр дьиэ кэргэнинэн бүөмнээн олоруохтарын баҕараллар.  Төлөбүрдээх кемпинг сирэ, көньүүһүнэ, зоопаарка арыйыахха сөп. Маны таһынан, кыһын тымныыга дьон пааркаҕа дьаарбайан, хаалыктаах хааман, сүүрэн баран киирэн иттэр, сынньанан тахсар сирдэрэ баар буолуохтаахтар.  

 

Паарка – киин куорат баар-суох күөх зоната, уобарастаан эттэххэ, «тыҥата» диэххэ сөп. Уопсастыбанньыктар биир киһи курдук, тупсарыы, саҥардыы үлэтэ ыытыллар да буоллаҕына, билигин үүнэн турар мастарбытын, үүнээйилэрбитин аҕыйатары утарабыт диэтилэр. Онуоха Григорий Мустафин: «Ону маастар-былааҥҥа учуоттаатыбыт», – диэн уоскутта. 

Семинарга элбэх этии, сүбэ-соргу иһилиннэ. Баҕа санаа барыта бырайыакка учуоттаныа диэн эрэнэ хаалабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...