16.06.2022 | 13:00

Йоганан чэбдигириэххэ

Йоганан чэбдигириэххэ
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Дмитрий Николаевич Гороховы өрөспүүбүлүкэ дьоно ордук спортивнай күрэхтэһиилэр уоттарын арыалдьытын быһыытынан билэллэр. “Азия оҕолорун” оонньууларын, «Манчаары оонньууларын», спартакиада факеллаах уоттарын өрөспүүбүлүкэни биир гына айанныыр эстафеталарын кини салайан илдьэ сылдьар. Маны таһынан Дмитрий Николаевич үйэтин тухары йоганан дьарыктанар, биһиги ааҕааччыларбытыгар йога судургу хамсаныыларын көрдөрдө.

Сүүрүүнэн бэйэтин билэр киһи дьарыктаныахтаах

– Мин 65 саастаахпын, Дьааҥыттан төрүттээхпин. Оскуола кэннэ аармыйаҕа сулууспалаабытым, Москваҕа гуманитарнай институту,  партийнай оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитим, Томпо ыстаадатыгар табаҕа, Дьааҥыга племенной сылгыны иитиигэ уо.д.а. үлэлээбитим. Онон үлэ да, үөрэх да өттө син баар киһитэбин.

Сүүрүүнэн 1979 сыллаахтан утумнаахтык дьарыктанан барбытым. Сүүрүү сүрэх уонна тымыр ыарыыларын сэрэтэр. Сүүрүүнэн киһи бэйэтин билэн дьарыктаныахтаах, аһара ноҕоруускаланнахха, төттөрүтүн, сүрэҕи олордон кэбиһиэн сөп.

 Аны биһиги дойдубут усулуобуйатыгар сүүрүүнэн дьарыктаныы эмиэ улахан уратылаах. -50 кыраадыс тымныыга сөпкө тыынарыҥ таһынан, сөптөөх таҥастаах-саптаах буолуоххун наада.

 

Спортивнай уоттары саҕааччы

– Саха сирин спортивнай оонньууларын уоттарын эстафетатын сэттэтэ ыыттым. Бу сотору Бороҕоҥҥо буолар оонньууларга Амма ытык сиригэр саҕыллыбыт уоту Уус Алдан бары нэһилиэктэринэн эргитэн илдьэргэ бэлэмнэнэ сылдьабыт. Мотуорунан, квадроциклынан, тыынан – тырааныспар экстремальнай көрүҥнэринэн барытынан айанныахтаахпыт.

 Сүүрүүнү сөбүлээччилэр түмсүүлэрэ, биһиги, Улуу Кыайыы 77 сылын көрсө, Саха АССР 100 сылын чэрчитинэн, ыам ыйын 2 күнүттэн саҕалаан "Кыайыы факела" эстафетаны ыыттыбыт. Эстафета маршрута улахан кыргыһыылар буолан ааспыт сирдэринэн – Тверь-Ржев-Вязьма-Брянск куораттарынан ааста.

Урукку сылларга Ильмень күөлгэ, Старай Русса, Улуу Новгород куораттарга эстафеталары ыыппытым. Эһиил, үп-харчы өттө табылыннаҕына, Курскайга диэри “Саратов-Тамбов-Воронеж-Тула-Орел-Курск” маршрутунан сүүрэр былааннаахпын.

 

Уһун үйэлэнии ырысыаба биир эрэ

– Кытайынан, Таиланынан, Кореянан, Индиянан сылдьан, уһун үйэлээхтэрин үөрэтэн көрбүтүм. Астарын-таҥастарын, дьарыктарын билэ сатыыр этим. Онтон биир уопсай түмүккэ кэллим: уһун үйэлэнэргэ саамай сүрүнэ – аһылык, ыраас салгын, ыраас уу уонна хамсаныы наада эбит. Ким да буоллун, омугуттан уонна расатыттан тутулуга суох, биир эрэ ырысыап баар эбит.

Киһиэхэ 700 кэриҥэ араас былчыҥ баар. Онтон 20-30 эрэ эдэр киһи хамсанарыгар туһанар, кырдьаҕас киһиэхэ үлэлиир былчыҥа өссө аҕыйах. Билиҥҥи киһи олоҕо үксэ көмпүүтэр иннигэр бүк түһэн олоруу, сытан эрэ төлөпүөн кыҥастаһыы буолла. Чэйдэрин тефаль чаанньык оргутар, муосталарын робот пылесос сиппийэр. Ол иһин маастар-кылаастары ыыта сылдьан сыанаҕа олох эдэр уолаттары ыҥыран хамсаттахпына, мин, 70-гар чугаһаан эрэр киһи, оҥорорбун айакалаан сатаан оҥорботтор.

 

Эти-сиини үлэлэтэр

– Аан бастаан йоганы аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан билбитим. 1976-1978 сс. Ираҥҥа сулууспалаабытым. Оччолорго религияҕа сыһыаннаах барыта бобуулаах этэ. Йоганы буддистар тарҕатар буоланнар, Сэбиэскэй сойууска соччо биһирэммэт этэ. Онтон сойуус ыһыллыбытын кэннэ дьону дьарыктыыр буолбутум. Ол иһин бэйэбин практикпын дэнэбин.

Кытайдар ушунан умсугуйан дьарыктаналлар. Оттон ушу йогаттан үөскээбит. Киһи ис өттө уонна тас өттө дьүөрэлэһиэхтээх, инь уонна янь эҥин диэнинэн сирдэтинэллэр, энергиялары үлэлэтэбит дииллэр. Сахалыы толкуйдаан көрдөххө даҕаны, энергия киһиэхэ аһыыр аһыттан кэлэр. Ол иһин мин йоганы эти-сиини ууннары тардыы, онтон эмискэ төлө ыытыы көмөтүнэн хаан эргиирин тупсарыы курдук быһааран биэрэбин. Религиянан эҥин эргиппэккэ, былчыҥынан, сүһүөҕүнэн уонна киһи толкуйунан өйдүөххэ сөп.

 

Дьарыктанаргыттан ис дууһаҥ үөрүөхтээх. “Оо, дьэ, эбэһээт бачча киилэни быраҕыахпын, ырыахпын наада!” - дии-дии дьарыктаннаххытына, ырааппаккыт. Эккитин-сииҥҥитин билинэн, бэйэ кыаҕын үөрэтэн дьарыктаныҥ.

 

Йога эпэрээссийэлээх дьоҥҥо 5-6 сыл кэннэ биирдэ көҥүллэнэр диибин. Уонна хааннарын баттааһына үрдүк, сүрэх, тымыр ыарыылаахтарга, туһалыырынааҕар, буортулаах буолуон сөп. Ол иһин ютубтан, онтон-мантан көрө-көрө хамсаныылары харса суох оҥорон барар эмиэ сэрэхтээх. Ол кэриэтин мин курдук практиктары көрөн дьарыктаммыт ордук.

 

Оҕону йогаҕа 12 сааһыттан, сиппитин эрэ кэннэ сыһыарыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ кыра оҕо бэйэтэ билбэтинэн элбэҕи хамсанар, этин-сиинин үлэлэтэр. Оттон киһи кырыйдаҕын аайы толкуйдаан хамсанар, ол аата бэйэтигэр чэпчэкини, ыарыыта суоҕу булан хамсанар буолан хаалар, ол иһин сүһүөх мастыйар, былчыҥ уолар.

 

Саамай натуральнай ас билигин сахаларга эрэ хаалла. Туох да эбилигэ суох эппит, балыкпыт, үүт аспыт – барыта доруобай буолуу төрдө.

Хаан убатар эминэн аһара үлүһүйбэккэ, хаамыынан, хамсаныынан дьарыктанан эт-хаан туругун тупсарыныахха сөп.

Холодильниккытын ыраастыы сылдьыҥ, аһы өр харайымаҥ.

Билигин салгыммыт олус киртийдэ, ол иһин дьиэ иһигэр элбэхтик инчэҕэй убуорканы оҥорон, быылы сото сылдьан, салгыҥҥытын ыраастааҥ.

Йога хамсаныыларын хатылааҥ:

ТАДАСАНА. Икки атаҕы сарын кэтитэ кэнники ууран, икки илиини эрийэн ылан, ытыс сыһыары тутуллан өрө көтөҕөбүт. 10 сөкүүндэ тутабыт. 6-8-та хатыланар. Тыыныы холку. Туһата – тоноҕос, сарын, илии сүһүөхтэрэ, былчыҥнар күүскэ хамсаналлар, тутта сылдьыы көнөр, хаан эргиирэ тупсар.  
ТРИКОНАСАНА. Көнөтүк туруллар, икки атаҕы сарын кэтитинэн ууруллар. Илиилэри ытыһы үөһэ тутан, уҥа-хаҥас уунуллар. Түөһү мөтөтөн, кэдэйэн, төбөнү кэлин өттүгэр тутуллар. 8-10-на хатыланар. Эрчиллии 10 сөкүүндэ тохтоон тутуллар. Туһата – тоноҕос, түөс хамсаныыларын улаатыннарар, тутта сылдьыы көнөр, илии, моой, сарын былчыҥнара үлэлииллэр, хамсаныылара күүһүрэр.
НАТАРАНДЖИ. Маҥнай икки илиини коврикка ууран тобукка туруллар. Салгыы уҥа илиинэн хаҥас атаҕы өрө тардан, илиинэн тутуллар, төбөнү көтөҕөбүт. Тыыныы холку. 10 сөкүүндэ тутабыт. 10-на хатыланар: 5+5 уҥа-хаҥас. Туһата – күүстээх хамсаныы сискэ, илиигэ, атахха, тоноҕоско барар.  
ДХАНУРАСАНА. Тыыныыга эрчиллии. Коврикка олорон төбөнү көнөтүк тутан, икки илиинэн икки атаҕы тутабыт. Муннубутунан салгыны эҕирийэн, тыыны тутабыт уонна уҥа атаҕы туппутунан өрө көтөҕүллэр. 10 сөкүүндэ тыыны тутабыт, атаҕы төһө кыалларынан өрө тутабыт. 8-10-на хатыланар.
СУРЬЯНАМАСКАР. Күнү көрсүү варианыттан. Манна көнөтүк туруллар, икки атах кыратык киэҥник тутуллар, икки илиини уунан төҥкөйүллэр. Илии, төбө, кэтэх, сис биир тэҥ буоларын тутуһуллар. Тиҥилэх коврикка сыста тутуллар. 6-8-та хатыланар.
10 сөкүүндэ тутан тураҕыт. Туһата – хаан эргиирэ күүскэ барар, онон бары ис уорган үлэтэ тупсар, бүөргэ, быарга, тыынар уоргаҥҥа көмөлөөх.
НАМАСКАР. Маҥнай икки илиини коврикка ууран, тобуктаан олоруллар, салгыы хаҥас эбэтэр уҥа атаҕы иннин диэки тутан, икки илиини көтөҕөн туора тутуллар. 6-8 хатыланар. 10 сөкүүндэ тутуллар. Туһата – пресс, илии, сис, атах былчыҥнара күүһүрэр. Маны хаан баттааһына кэһиллиилээх, сүрэх, тымыр ыарыылаах дьон оҥорбот.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...