19.04.2023 | 15:00

Өймөкөөннөр олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр

Өймөкөөннөр олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэрин оскуолаларын араас сылларга бүтэрбит выпускниктар Олоҥхо ыһыаҕар анаан  бэйэлэрэ харчы кыттыһан, ыһыахха туттуллар наадалаах тэриллэри бэлэхтиир хамсааһыны саҕалаабыттар.
Ол курдук, улуус оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр  харчы кыттыһан, 400 тыһыынча солкуобайдаах  алгыс сиэрин-туомун ыытыы тэриллэрин уонна улахан чороону бэлэхтээбиттэр.
2002 сыллаахха Томтор орто оскуолатын бүтэрбит оҕолор  бу күннэргэ туризм сайдыытыгар үлэлэһэр аатырбыт урбаанньыт Василий Атласовка 70 тыһыынча солкуобайдаах табыгы оҥорторон, Олоҥхо ыһыаҕар туттарга анаан төрөөбүт улуустарыгар бэлэх ууннулар.
Оскуоланы бүтэрээччилэр үтүө саҕалааһыннарын аны 1977 сыллааххха бүтэрбиттэр  өйөөн, бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин бэлэмнии сылдьаллар.
“Онон “норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн мээнэҕэ эппэттэр. “Бары түмүстэхпитинэ, барытын кыайыахпыт!” диэн Тымныы полюһун олохтоохторо кытаанах санааны ылынан, Олоҥхо ыһыаҕын ыытыыга бары бүттүүн кыттыһан эрэллэр”, — диэн улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...