Ыллыыр дьикти турукка куустаран
Киһи барахсан бу орто дойдуга ис кэрэтин тылыннаран, үтүөнү үксэтэ, тапталы сыдьаайа, айылҕаттан бэриллибит, өбүгэттэн утумнаммыт талаанын таһыгар таһааран, дойдута чэчирии сайдарын туһугар айар-тутар аналлаах. Айылҕа киһиэхэ дьон туһатыгар тутуннун диэн араас дьоҕуру биэрэр. Бу невролог быраас идэлээх Елена Петровна Черепановаҕа быһаччы сыһыаннаах. Бүгүн кини кэпсээнин кэрэхсээн ааҕыҥ.
Быраас буолбут аналым...
– Быраас идэтин таларбар дьүөгэм Заровняева Грита: «Эйиэхэ маҥан халаат барсыа аҕай этэ», – диэн этиитэ сабыдыаллаабыта. Дьиҥинэн, бастаан учуутал үөрэҕэр туттарсыбытым, училищеҕа маҥнайгы эксээмэммин саха тылын ааспытым ээ. Ону дьүөгэбин батыһан, мединститукка барааччы буоллаҕым. Оннук иккиэн наһаа үчүгэйдик сиэттиспитинэн туттарсыбыппыт. Мин отой бэлэмим суох курдуга. Учуутал үөрэҕэр, санаабар, ордук бэлэмнээҕим. Аны онно иккис эксээмэним уонна мединститут эксээмэнэ биир күҥҥэ түбэспиттэрэ. Мин үрдүк үөрэҕи таллаҕым дии. Онон Дьылҕа хаан ыйбытынан быраас буолар аналлааҕым буолуо, мединститукка киирэн хаалбытым. Кыыһым, биир баала тиийбэккэ, хапсыбатаҕа. Иккиэн мединститут кирилиэһигэр олорон, дэлби ытаабыппытын өйдүүбүн. Хата, дьүөгэм аҕыйах сылынан туттарсан, баҕалаах үөрэҕэр киирбитэ, гинеколог быраас идэтин баһылаан, билигин элбэх ийэни дьоллуур, үгүс оҕону күн сирин көрдөрөр маҥан халааттаах аанньал.
Үлэбэр бастакы хардыыларым
– Үөрэхпин бүтэрэн баран дойдубар Уус Алдаҥҥа педиатр бырааһынан үлэбин саҕалаабытым. Тиийбиппэр, икки нэдиэлэ устата түннүк сууйтарбыттара, оттон мин быраас курдук үлэлиэхпин наһаа баҕарар этим. Бастакы дьуһуурустубабар менингиттээх оҕо киирбитэ. Олус ыарахан туруктааҕа, хомойуох иһин, өрүттүбэтэҕэ. Онно тута оҕо өлүүтүн уйбат эбиппин диэн өйдөөбүтүм. Оннук мунчаара сырыттахпына, Илья Ильич Находкин диэн невролог быраас: «Уоппускаҕа барабын. Солбуй», – диэн баран молоток туттаран кэбиспитэ. Иккис күммэр инсуллаабыт ыарыһах киирбитэ. Реаниматолог бырааһым Гаврил Саввич Местников сүбэлээн-амалаан ыарыһахтан сиһин уутун ылларбыта. Ону сыыспакка, сатаан оҥорбуппар: «Елена Петровна, педиатр буолбат эбиккин. Невролог буолуохтаах эбиккин», – диэбитэ. Гаврил Саввич ол инникибин төлкөлөөбүт күнүттэн үлэм хайысхатын таба тайанаммын, күн бүгүҥҥэ диэри невролог бырааһынан 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа, Медкииҥҥэ уонна 1-кы поликлиникаҕа үлэлии сылдьабын.
Маҥан халааппын устаат, кастиҥҥа тиийбитим
– Ырыаҕа хайдах кэлбиккин кэпсээ эрэ.
– Үлэбэр наһаа умса түһэн, бириэмэ да суоҕуттан ыллыырбын, чахчы да, умна быһыытыйбытым. Бу санаатахпына, бүтэһигин устудьуоннуу сылдьан ыллаабыт эбиппин.
Арай олунньу ыйга бассаапка хоһоон бөлөҕөр «Арыллыы» устуудьуйаҕа «Сулустардыын бииргэ ыллыах» диэн ырыа күрэҕэ ыытылларын туһунан биллэриигэ хараҕым хатана түстэ. Аны өйдөөн көрбүтүм, кастинг бүгүн үс чаастан саҕаланар диэн. Мин поликлиникабар вызовка сылдьан баран тиийэргэ сананным. Туох да бэлэмэ суох, этэргэ дылы, маҥан халааппын устаат, кастиҥҥа тиийдим. Көрдөхпүнэ, дьон бэлэм бөҕөлөрө, кылабачыгас былаачыйалаахтар эҥин. Аны фонограммалаах эбиттэр. Хас да бөлөҕүнэн ыытыллар, элбэх кыттааччылаах кастинг буолан биэрдэ. Мин биэс чаастааҕы бөлөххө киирэрдии суруйтардым. Аны «тугу ыллыыр буоллахпыный?» диэн улахан толкуйга түстүм. Бастаан Далаана репертуарыттан ыллаары гынным, онтон тоҕо эрэ Ирина Елизарова ырыатын толордум. Онуоха Байаана: «Наһаа үчүгэйдик ыллаатыҥ», – диэбититтэн наһаа үөрдүм. Хайдах эрэ тугу эрэ сүтэрбиппин булан ылбыттыы, дьикти үчүгэй турукка куустардым.
– Дьоҥҥуттан ким эмэ ыллыыр дуо? Ырыаҕа бастакы холонууҥ?
– Ийэм Людмила Ивановна Аммосова 40 сыл ыстаастаах терапевт быраас. Аҕам – буҕаалтыр, убайым – суоппар. Дьоммуттан ким да ыллаабат.
Ырыаҕа уһуйбут бастакы учууталым – Василий Степанович Парников. Оҕо сааһым «Кэнчээри» оҕо ансаамбылын кытта ыкса ситимнээх. Ыллыыр диэн дьикти туругу аан бастаан онно билбитим.
Ирина Елизарова ырыаларын сөбүлээн истэр этим. Ол иһин даҕаны кэлин гитараны илиибэр ыллаҕым.
– Клим Федоров ыыппыт ырыа күрэҕин сүрүн бирииһин хаһаайката буолбут эбиккин дии. Ол туһунан ааҕааччыларга кылгастык кэпсиэҥ дуо?
– Ырыа күрэҕэ куйаар ситиминэн ыытыллыбыта. Барыта 30 киһи кыттыбытыттан алта буолан хааламмыт, аны кэнсиэргэ ыллыыр буолбутум. Соһуйуом иһин, бу күрэххэ бастааммын, Абхазияҕа барар бириис хаһаайката буолбуппуттан сүрдээҕин үөрдүм. Итинник үлэм таһынан ырыанан үлүһүйүүм, интэриэһим кэҥээн иһэр. Бу дьарыкпар сиэтэн киллэрбит уһуйааччыбар, «Арыллыы» устуудьуйа айар кэлэктиибигэр махталым муҥура суох.
«Арыллыы» ыра санаабын толордо
– Манна атын-атын эйгэҕэ үлэлиир араас идэлээх дьон дьарыктана кэлэллэр. Бэйэм курдук ыллыахтарын баҕарааччылар мустаммыт, профессиональнай таһымнаах билиини толору ылабыт. Салайааччынан Байаана үлэлиир. Элбэх сыл иитиэхтии сылдьыбыт ыра санаам манна, «Арыллыыга» кэлэммин туолла. «Тоҕо ыллаабакка сылдьабын?» диэн өр кэмҥэ үүйэ-хаайа туппут санаам олоххо киирдэ.
Сыыһа тыынныҥ, ыллаатыҥ даҕаны тутатына көннөрөн иһэллэр. Ыллыырга аналлаах методика, тыыныы араастара – бу барыта урут дьарыктамматах да дьоҥҥо сүрдээх туһалаах. Аны сыанаҕа саҥа тахсар киһиэхэ кыбыстыы, долгуйуу ханна барыай. Дьэ, маны «Арыллыыга» олус тиийимтиэтик, өйдөнүмтүөтүк быһааран, көрдөрөн биэрэллэр, дьарык аайы бииртэн биир саҥаны, сонуну билэҕин.
Манна бэйэлэрин дьыалаларыгар бэриниилээх дьон үлэлииллэр. Байаана бэйэтэ үөрэппит оҕото Елена Евсеева уһуйааччытыныын дьону ырыаҕа үөрэтэр. Георгий Слепцов — Чаҕылхан хомуска дьарыктыыр. Татьяна социальнай ситимҥэ рилз устар. Бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн үлэлиир буоланнар, киһи аайы дьоһуннаах болҕомто ууруллар. Ол түмүгэр ыллаабат да дьон ыллыыр. Оннооҕор сулустардыын бииргэ улахан сыанаҕа тахсар дьон буола үүнэллэр.
Ол курдук быйылгы Учуутал күнүгэр иитээччи, педагог, учуутал идэлээхтэр сулустардыын бииргэ ыллыыллара былааннанар. Маннык курдук тэрээһиннэри "Арыллыы" устуудьуйа тэрийэрэ дьоҥҥо туһата баһаам.
Сүтэрбиппин булбут курдукпун
– Киһиэхэ кистэнэ сытар дьоҕура муҥура суох элбэх. Ону таба суолга үктэннэххэ, бииртэн биир кэлэн иһэр эбит дии? Аны бэйэҥ ырыа суруйар эбиккин буолбаат?
– «Арыллыы» кэннэ ырыа суруйар буолан хааллым. Уһуйааччыларым Байаана уонна Георгий «ыллыаххын наада эбит» диэн тыллара дууһабын кынаттааннар, хайдах эрэ уруккуттан сүтэрбиппин булбут курдук буоллум. Онтон сиэттэрэн, ырыа суруйдум, аны ырыаларбар килиип оҥоһуллар буолла. Бу барыта Георгий уонна Татьяна «ырыата суруй» диэн эппиттэрин кэннэ аҕыйах хонук иһигэр. Дархан устуудьуйатыгар тиийэн, икки ырыабын суруйтардым. Онон «Дьөһөгөй» диэн ырыабын суруйан, билигин килиип оҥоһулла сылдьар.
– Урут хоһоон суруйан холонор этиҥ дуо?
– Бу эмиэ бэйэбэр саҥа арыйбыт саҕахтарым буолаллар. Хайдах эрэ айылҕаны кытта тэҥҥэ дьүөрэлээн, күнү көрсөн, киһи дууһата сырдыыр, санаата уоскуйар эбит. Устуудьуйабыт иһинэн күнү көрсүүгэ аналлаах тэрээһиҥҥэ Георгий хомуска оонньууругар эмиэ туспа дьикти турукка киирэҕин. Медитация кэннэ хоһоон суруйарым элбээтэ. Дьиктиргиэм иһин, тыллар бэйэлэрэ кутуллаллар.
Хомус туһунан хоһуйуубар, холобура, маннык тыллардаах:
Дьүрү-дьүрүһүйэн
Мин хомуһум, оонньоорууй!
Алып кэрэ дорҕоонун
Кый ыраахха көтүтүүй!
Талан ылбыт идэбин олус диэн сөбүлүүбүн. Хас биирдии ыарыһаҕым үтүөрэрэ, үтүө түмүктэрдээх балыыһаттан тахсара – бу миэхэ олус улахан суолталаах. Күүстээх үлэ күнүн кэнниттэн ыра санаа оҥостубут ырыабын ыллыырым, хоһоон суруйарым, ырыа уһултарарым, килиип оҥорторорум сырдыгы, сылааһы сыдьаайар туругум буоларын «Арыллыы» устуудьуйаҕа кэлэн биллим, мантан саһа сытар талааннар тахсалларын илэ харахпынан көрдүм диир кыахтаахпын.
Түгэнинэн туһанан, уһуйааччыларбар махтанабын. Байаана бу устуудьуйата өссө да саҥаттан саҥа талааннары арыйа турдун диэн баҕа санаалаахпын.