03.10.2020 | 12:41

ЫККЫТ, КУОСКАҔЫТ РЕГИСТРАЦИЯЛААХ ДУО?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйыгар Дьокуускай дьаһалтата дьиэ кыылларын иитиигэ, көрүүгэ-истиигэ, хаһаайыттарга сүктэриллэр эбээһинэстэри чуолкайдыыр кэккэ быраабылалары олохтообута.

Бастатан туран, кыыллары бас билээччилэр, бэйдиэ сылдьар кыыл ахсаана элбээбэтин туһугар, бэйэлэрин иитэр кыылларыттан кэлэр төрүөҕү хонтуруоллуохтаахтар. Маны тэҥэ кыылы иитэр киһи атын дьоҥҥо, кыылларга куттал суох буолуутун хааччыйыахтаах. Кыыллар уопсай дьиэлэр подъезтарын, кирилиэстэри, сквердэри, уулуссалары уонна тиэргэннэри киртитиэ суохтаахтар.

Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар ханнык баҕарар кыылы босхо ыытан кэбиһэр бобуллар. Кыылы салгыы иитиэн баҕарбат киһи приюкка туттарыахтаах эбэтэр атын хаһаайыттары булуохтаах.

Хаһаайыттар дьиэ кыылларын барыларын булгуччу регистрациялыахтаахтар. Ол аата хас биирдии ыкка уонна  куоскаҕа идентификационнай нүөмэр иҥэриллэр, чип кэтэрдиллэр. Регистрацияны Дьокуускай куорат ветеринарияҕа управлениетыгар ааһаҕыт.

Регистрацияттан куотунуу түмүгэр, Саха сирин административнай буруйу оҥорууларын кодексатын 5.3. ыстатыйатыгар олоҕуран, административнай эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп (1000-1500 солк).

Кыыл олорор сирэ уларыйдаҕына  эбэтэр өллөҕүнэ бэтэринээринэй тэрилтэҕэ хайаан да биллэриллиэхтээх.

Харабыл ыттаах тэрилтэлэр эмиэ кыылларын регистрациялыыллара булгуччулаах. Ыттара тэрилтэ территориятыттан тахсыбакка сылдьарын хааччыйар эбээһинэстэнэллэр.

Бу быраабылалар барыта 2020 сыл тохсунньу 1-гы күнүттэн “Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан” федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран оҥоһулуннулар.

РЕГИСТРАЦИЯНЫ ХАННА ОҤОТТОРОБУТ?

Дьокуускайга ветеринарнай регистрацияны Чехов уул. 66-гар баар ветлечебницаҕа эрэ оҥороллор. Төл. 35-32-78.

 Чип кыыл тириитигэр киллэриллэр (подкожно), сыаната – 80 солк.

Урут хаһан да пааспардамматах, прививкаламматах кыыл буоллаҕына, бастаан регистрацияны ааһар (80 солк.), пааспар оҥоһуллар (50 солк.), онтон ханнык быһыы (прививка) наадатынан көрөн туруоруллар (быһыы көрүҥүттэн көрөн, сыаната туспа). Ол эрэ кэннэ чип кэтэрдиллэр.

ЫТЫ БОСХО ЫЫТЫЫ ЫСТАРААБА 5000 СОЛК.

Дьокуускайга ыты босхо ыытан кэбиһэр бобуулаах. Ыккытын босхо ыытан кэбиспиккит “самовыгул” дэнэр уонна сокуону кэһиигэ тэҥнэһэр, тутулуннаҕына – ыстараап.

Администартивнай буруйу оҥоруу кодексатыгар ыт кутталлаах боруодатын наморднига уонна быата суох күүлэйдэтии иһин ыстараап – 3-5 тыһ. солк.

Регистрацията суох кыыл ыстарааба - 1000-1500 солк.

Босхо сылдьар ыты “Жилкомсервис” исписэлиистэрэ тутан приюкка илдьэллэр. Хаһаайын ытын төттөрү ыларыгар хас хонук тутуллубуттан саҕалаан, тиэйии ороскуотун барытын толуйуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...