Үйэтитэр ытык иэспит
Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылынан Таатта улууһугар биллэриллибит Албан ааттаах история сылынан элбэх үлэ ыытылынна. Ол туһунан ааспыт сылтан «Кыайыы 75 сылынан» рубриканы тиһигин быспакка таһаарар «Киин куорат» хаһыат нөҥүө кэпсиэхпитин баҕарабыт.
Ол курдук, улуус киинигэр Ытык Күөлгэ сураҕа суох сүппүттэргэ мемориал тутуута саҕаланна. Дьохсоҕон, Амма, Орто Амма, Игидэй, Тыараһа, Октябрьскай нэһилиэктэргэ стелалар, Уолбаҕа тыыл үлэтин көрдөрөр өйдөбүнньүк, Алдан нэһилиэгэр биир дойдулаахтарбыт сэриигэ барбыт сирдэригэр турбут өйдөбүнньүккэ, Баайаҕаҕа үрэх төрдүгэр Малгиннарга аналлаах музей-уһаайбаҕа уонна Мөҕүрүөнтэн сэриигэ барбыт буойуттарга аналлаах пааматынньыктарга саҥардыы үлэлэрэ бардылар. Баайаҕа Томторун пааматынньыктара саҥардылыннылар, бырааттыы Дедюкиннарга аналлаах мэҥэ бэлиэ дойдуларыгар Байымаайыга туруорулунна, «Саҥа олох» холкуос пааматынньыгар сэргэхситии үлэтэ ыытылынна, биир дойдулаахтарбытыгар Г.М. Андросовка, И.И. Андросовка уо.д.а. мемориальнай дуоскалар оҥоһулуннулар.
Ити курдук, төһө да аан дойду үрдүнэн ыарыы бүрүүкээтэр, судаарыстыба өттүттэн өйөбүллээх эрэ буолбакка, нэһилиэк олохтоохторун тус бэйэлэрин бачыымнарынан, салайыыларынан суолталаах үлэлэр ыытылыннылар. Биир оннук норуот тутуутунан Таатта улууһун Ворошилов сиригэр-уотугар өйдөбүнньүк стела буолла.
Оччотооҕу Тааттыныскай нэһилиэктэн: - 112 киһи сэриигэ ыҥырыллыбыт; - 39 киһи сэрии хонуутугар букатыннаахтык хаалбыт; - 61 киһи эргиллибит. Ворошилов холкуос уолаттарыттан Дмитрий Ананьевич Петров – сахалартан соҕотох Албан аат уордьанын толору кавалера, Иннокентий Петрович Канаев – түөрт уордьаннаах, Петр Константинович Арылахов – үс төгүл «Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Уопсайа Албан аат уордьанынан – 6, Кыһыл Сулус уордьанынан – 4 киһи наҕараадалаах, элбэх киһи хорсунун, бойобуой үтүөлэрин иһин мэтээллэри ылар сүҥкэн чиэскэ тиксибит. Үгүстэрэ Арассыыйа, Европа куораттарын босхолооһун, Берлини ылыы иһин мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. |
Стеланы от ыйын бүтүүтэ Ворошиловтан төрүттээхтэр Уйбаан Унаарап алгыһынан астылар. Тэрээһини Лидия Григорьева, Василиса Петрова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Уруу-хаан аймах Арылаховтар, Кычкиннар, Петровтар, Винокуровтар уо.д.а. төрүттэрин олохторун сырдатар тыл эттилэр. Мустубут дьону улуус баһылыга М.М. Соров, Таатта нэһилиэгин баһылыга Е.И. Павлов, Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга П.Е. Захаров, улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ С.И. Беркина уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Бу күн стела тутуутун салайааччытыгар Николай Николаевич Винокуровка СӨ Бочуоттаах бэтэрээнин уонна Дьохсоҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕун үрдүк аата иҥэриллиннэ.
Даккы нэһилиэгин олохтооҕо, олоҕун өбүгэтин ытык сирин сөргүтүүгэ, тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга анаабыт, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, Дьохсоҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Таатта нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин анал бэлиэ хаһаайына Николай Николаевич Винокуров сэһэргиирин ааҕыаҕыҥ:
– Оруобуна отут сыл анараа өттүгэр СӨ үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, бу дойдуттан төрүттээх Евсей Давыдович Будикин көҕүлээһининэн, миигин көмөлөһүннэрэн, сэриигэ барбыт биир дойдулаахтарбыт ааттарыгар Кыайыы 45 сылыгар ыһыах ыспыппыт. Ити кэмтэн ыла, биэстии сыл буола-буола, бэлиэ сылларынан сэргэлэри туруоран, бэтэрээннэрбитин чиэстээһин үгэскэ кубулуйбута. Бу урукку Ворошилов аатынан холкуос ыһыахтыыр түһүлгэтэ, мантан сэриигэ барааччылары атаарбыттара, манна эргиллэн кэлбиттэри көрсүбүттэрэ.
Ворошилов олохтоохторо 1944 сыл бэс ыйыгар, Кыайыы чугаһаабытын бэлиэтээн, сэргэ туруоран, ыһыах ыспыттара. 1945 сылга Кыайыы ыһыаҕын, онтон 1946 сылга кыайан-хотон эргиллибит бэтэрээннэрин чиэстиир улахан ыһыаҕы үөрэн-көтөн туран тэрийбиттэрэ. Бу ытык сири сөргүтүү биһиэхэ, кинилэр оҕолоругар, сүктэриллибитин, атын ким да ылымматын билэрбит. Ол иһин быйыл, Кыайыы 75 сылын көрсө, өйдөбүнньүк бэлиэни оҥорорго быһаарыммыппыт. Идея ааптарынан биир дойдулаахпыт, үс “Хорсунун иһин” мэтээл хаһаайына Петр Константинович Арылахов сиэнэ Александр Григорьевич Мочкин буолар. Кинилэр аймах эһэлэрин гранит тааска түһэртэрэн, түһүлгэбитигэр ыйаабыттара. Ол кэннэ былырыын биһиги аймах 50-ча буолан, аҕабыт 100 сылын көрсө, балаҕан ыйын 14-гэр төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, эмиэ итинник өйдөбүнньүгү туруорбуппут. Онно бу мемориалбыт турар миэстэтин былааннаабыппыт уонна сэрии бэтэрээннэригэр эрэ оҥорторобут диэн сүбэлэспиппит. Ити курдук мастарыскыайы көрдөөһүн, биир плита оҥоһуллар сыанатын бысыһыы саҕаламмыта. Манна куоракка олорор, үлэлиир биир дойдулаахтарбыт Семен Константинович Байбаллыковы, Ирина Егоровна Саввинаны көмөҕө ыҥыран, хас биирдии сакаастыыр киһи уйунарыгар сөптөөх сыананы бысыһан, олунньу ый ортотуттан дьиэ кэргэнинэн хаартыскалары, даннайдары, харчыны хомуйууну саҕалаабыппыт. Уопсастыбаннай хамсааһын буолан уустуктар да бааллара, сорохтор өйдөөбөтөхтөрө да буоллар, дьыалабыт хамсаан, күүһүн ылан барбыта. Сыыйа тыыл бэтэрээннэригэр эмиэ оҥорторуохха диэн буолбута. Матырыйааллары, харчыны хомуйууну кыыспытыгар, үөрэх управлениетын буҕаалтыра Сайына Николаевнаҕа сүктэрбиппит. Киирбит матырыйаалы тус-туһунан картотекалаан, көмпүүтэргэ киллэрэн, партияларынан мунньан, кэргэним бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Екатерина Матвеевна үс төгүл куоракка киллэрэн, тустаах мастарыскыайы кытта дуогабар түһэрсэн үлэлээн истэхпитинэ, пандемия турбута. Онон салгыы электроннай көрүҥүнэн үлэлэһэн барбыппыт. Ол түмүгэр биһиги дьиэ кэргэн 44 сэрии бэтэрээнин, 107 тыыл бэтэрээнин оҥорторбуппут. Барыта 1 мөл. 62 тыһ. үбү норуот бэйэтэ хомуйан, бу стела туруутугар тутуннубут. Сахалартан соҕотох “Албан аат” уордьан толору кавалерын Дмитрий Ананьевич Петров кыыһа куоракка олохтоох Астра Дмитриевна Петрова салалтатынан эбии бэтэрээннэри хомуйан, барыта 48 сэрии, 138 тыыл бэтэрээннэрэ үйэтитилиннэ.
Ити курдук Кыайыы 75 сылын далааһыннаахтык бэлиэтиир былааннаах этибит. Миэстэтигэр, куоракка ыһыах тэрээһинин ыытарга хамыыһыйалар үлэлээбиттэрэ түмүктээх буолбута саарбаҕа суох. Пандемия мэһэйдээбэтэҕэ буоллар, быйылгы Кыайыы ыһыаҕын киэҥник бэлиэтиирбит хаалла. Ол да үрдүнэн, бу үйэлээх тутууну кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар, дьоммутугар-сэргэбитигэр анаан бары санаабытын ууран, от ыйын 22 күнүгэр, норуоппутугар туттардыбыт. Бу курдук аҕа көлүөнэбит, биһиги олохпутун иһин охсуспут эһэлэрбит, аҕаларбыт ааттара хаһан да умнуллубакка тааска суруллан, мөссүөннэрэ ойууланан, ыраахтан биһигини көрө-истэ турдуннар.
Үөрүү-көтүү үрдэ суох, кэлбит-барбыт барыта сылдьар, сөҕөр-махтайар, махтал-баһыыба тылларын этэллэр. Маны сэргэ сэрии сылын оҕолорун туруорсууларынан чочуобуна оннугар сабыс-саҥа чочуобуна дьиэтэ дьэндэйдэ. Бу тутуу матырыйаалын Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга Петр Егорович Захаров үбүлээн оҥортордо. Түһүлгэ өрөмүөнүгэр, атын да ороскуоттары уйунууну урукку биһиги нэһилиэкпит аатын илдьэ сылдьар, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Иннокентьевич Павлов боччумнаах көмөнү оҥордо. Маны таһынан “Тааттаавтодор” тэрилтэ салайааччыта, биир дойдулаахпыт Иван Иванович Бочонин буор-кумах өттүн, хаһан да буоларын курдук, бэрт түргэнник тиэйтэрэн, стелабыт турар сирин бөҕөргөтүүгэ тутуннубут. Оҥоһуллубут плиталары, онно туттуллар металлоконструкцияны биир-биэс харчыта суох “Монтажник” тутар тэрилтэ салайааччыта Александр Михайлович Ханин куораттан миэстэтигэр тиэрдиигэ улахан көмөнү оҥорбута. Эбэн этэр буоллахха, Александр Михайлович Тула куораттан төрүттээх, Таатта күтүөтэ, олохтооҕо буолар. Кини өссө 1974-1975 сс. олох эдэр сылдьан дьээдьэтин Иван Петровиһы эккирэтэн кэлэн, Ворошиловка сайыҥҥы 100 ыанньык сүөһү киирэр титиигин тутуспута, билигин да үлэлии турар. Билигин КФХ сүөһүтэ турар. Сорох плиталары аҕалыыга икки УАЗ массыынанан улахан көмөнү биир дойдулаахпыт, эмиэ мантан силистээх, улахан тэрилтэ салайааччыта Жан Семенович Бурцев оҥорбута. Плита бэчээтин, сыыһаны-халтыны көннөрүүнү хонтуруолласпыт, туппут биир дойдулаахпыт Константин Михайлович уола Семен Константинович өҥөтө улахан. Уопсайынан этэр буоллахха, Ворошилов дьоно-сэргэтэ былыр-былыргыттан үлэһит, инники күөҥҥэ сылдьар, туппуттара-хаппыттара үйэлээҕинэн биллэр. Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн сэриини, суту-курааны кыайбыт дьон. Биһиги, кинилэр оҕолоро, дьоммут иитиилэринэн, бары бииргэ улааппыт буолан, тутуспутунан сылдьабыт, барытын саба тутан ситэрэбит-хоторобут. Бу тэрээһин үлэлэргэ миэхэ олох эдэр эрдэхтэриттэн, илин-кэлин түсүһэн, бу күҥҥэ диэри күүс-көмө буолар уолаттарым Петр Дмитриевич Петров, Даайа Амма нэһилиэгин баһылыга уонна Алексей Митрофанович Уваров, ОДЬХ АДС начальнига, оройуон дьокутаата буолаллар. Уопсай тэрээһини СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Астра Дмитриевна Петрова сүүрэн-көтөн, ыллыктаах тылынан дьону түмэ тардан, бу тэрээһин дьон сэҥээриитин ылыаҕын ылла. Ыытыллыбыт үлэлэр улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин кытта ыкса сибээстээхтик барда. Бу сүдү суолталаах тутууну сороҕун субуотунньуктаан киэҥ эйгэҕэ өйдөбүнньүк быһыытынан таһаардыбыт. Улууска эрэ буолбатах, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн былыргы холкуостар сирдэригэр бастакы улахан өйдөбүнньүк буолуо дии саныыбын. Үйэлэр тухары үтүө кэрэһит буолан, аһаҕас халлаан анныгар, дьыл кэмиттэн тутулуга суох, кимнээх манна олорон, үлэлээн ааспыттарын кэпсии, бэйэлэрин үтүө холобурдарынан иитэ-үөрэтэ туруохтара диэн бигэ эрэллээхпит. Бу бары Ворошиловтан төрүттээхтэр, дьоммут иннилэригэр ытык иэспитин толорбуппут кэрэһитэ буоллун. Өссө да салгыырга былааннар бааллар, эдэр көлүөнэ ылсан үлэлэһэригэр олук охсон, суолларын ыйан биэрдибит. Үйэтитиигэ күүстээх үлэ кинигэ тахсыытыгар эмиэ барар. Ол курдук СӨ үтүөлээх ветеринарнай бырааһа Е.Д. Будикин 2010 с. “Бараһыылаптар кыайыыны уһансыбыттара” кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. 2017 с. А.Н. Михайлов “Түгэх өбүгэлэрбит олохторун сэһэнэ” улахан кинигэни ааҕааччыларыгар бэлэхтээбитэ. Билигин иккис кинигэтигэр үлэлэһэ сылдьар. Бу үйэлээх өйдөбүнньүк олоххо киирэригэр кыттыбыт бары биир дойдулаахтарбытыгар барҕа махтал тылларын этэбит, доруобуйаны, өссө таһаарыылаах үлэни, тус олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабыт.
Бу курдук аҕа көлүөнэбит, биһиги олохпутун иһин охсуспут эһэлэрбит, аҕаларбыт ааттара хаһан да умнуллубакка тааска суруллан, мөссүөннэрэ ойууланан, ыраахтан биһигини көрө-истэ турдуннар. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.
Вера КАНАЕВА, Таатта