25.03.2023 | 12:00

Үйэлэри үрдүнэн иһиллэ тураллар...

80 сыл анараа өртүгэр Саха сирин сүүһүнэн эдэр-сэнэх дьонун талан, Ильмень күөлгэ илдьэн кыдыйтарбыппыт. Кинилэри кэриэстээн, ол түбэҕэ бара-кэлэ турабыт. Ити гынан баран биир быһаарыллыбатах, умнууга хаалбыт түгэн баар...
Үйэлэри үрдүнэн иһиллэ тураллар...
Ааптар: Ксенофонт Васильев, Ньурба, Маар
Бөлөххө киир

* Бу дьоммутун ким эмит дьаһайан көмпүттэрэ буолуо дуо? Ол туһунан тугу билэбитий?

* Киһилии хараллыбыттарын туоһулуур докумуон баар дуо? Көмпүт буоллахтарына, ханна?

Хомойуох иһин, онуоха хоруй суох. Бары ууга түспүттэр үһү, ол уу анныгар кырамталара сыталлар ини, ол кыайтарбат дьыала диэн санаабытын уоскутунан эрдэхпит. Эбэтэр онно олох да наадыйбаппыт дуу? Аньыыргыырбыт оччо дуу?

Ууга тимирбиттэри сорохторун кэлин долгун тыаҕа таһаарбыт үһү диэни истэбит. Биригээдэ дьоно бары ууга тимирбэтэхтэр, кытыыга тахсан сэриилэһэ сатаабыттар, хотторон, өлбүт дьоннорун кыайан көмпөккө чугуйбуттар диэни эмиэ билэбит. Оччотугар өлбүт буойуннарбыт суор-тураах аһылыга буоллулар дуо, ньиэмэстэр, бэрээдэк дьон, көмтүлэр ини дэһэбит дуу. Хас да сыл буолан баран, ньиэмэстэр үүрүллүбүттэрин кэннэ харалыннылар ини дэһэбит дуу? Оннук эрэл баар дуо?

Эйиэхэ, кырдьаҕас улуу Ильмеҥҥэ,

Элбэхтэр эмискэ бомбаҕа түбэһэннэр,

Эн килэҥ муускар хаһыытыы хаалбыттара…

Кинилэр ол өлөр кыланыылара,

Кыайыыны ыҥырар хаһыылара,

Тыалынан-буурҕанан сатараан,

Аһыынан-абанан хабараан…

Өс-саас сэтэрэн өрө хаһыырбыта,

Сирдиин-дойдулуун уотунан уһуурбута…

Ол саҕанааҕы быһыыны-майгыны ырытан көрүөҕүҥ. Кыһын. Сир тоҥ. Хаар халыҥа 80 см. Сыарҕалаах ат кыайан сылдьыбат. Ыстыыгынан тирээн сылдьан ньиэмэстэр олохтоохторунан көмтөрбүттэр үһү. 13-гэр диэри саастаах оҕолор, дьахталлар, оҕонньоттор көмпүттэр диэн кэпсээн баар. Сэрэйдэххэ, буор хаһан тибилийбэтэхтэрэ буолуо. Ханнык эмэ чугас снаряд воронкатыгар кистээбиттэрэ буолуо. Оттон сайын кытылга тиксибит сытыйан хаалбыт өлүктэри күөл туруору сыырын үрдүгэр оҥоһуллубут, туһатыттан ааспыт, сиҥнибит блиндажтарга, окуопаларга быраҕаттаатахтара. Итини бигэргэтэр биир маннык холобур баар. 1966 сыллаахха күөл халааннаабыт, Заднее поле дэриэбинэ туһаайыытынан туруору биэрэги суурайбыт. Онуоха өлбүт дьон кырамталара тахсан кэлбиттэр. 16 киһи өлүгүн хостообуттар. Ити билигин ураһа быһыылаах мемориал турар сиригэр Устрекка көһөрөн көмөргө быһаарбыттар. Уруккута онно испанецтар көмүллэ сыппыттар үһү (Старай Русса түбэтин ньиэмэстэр киһи сөҕүөн курдук тургэнник 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 8 күнүгэр  сэриилээн ылбыттар эбит. Ити түбэҕэ Испанияттан кэлбит «Голубая дивизия» сэриилэһэн ааспыт. Ньиэмэстэрдээҕэр испанецтар өссө сидьиҥ дьон үһүлэр диэн олохтоохторго өйдөбүл хаалбыт – Аапт.). Испанецтары хостоон ылбыттар, оруобуна 16-лар үһү, кинилэри атын ньиэмэстэр көмүллэ сытар сирдэригэр илдьибиттэр уонна Заднее поле буойуннарын кырамталарын Устрекка аҕалан көмпүттэр. Люве диэн киһи көмүүнэн дьарыгырбыта диэн билээччилэр кэпсииллэр.

19-с биригээдэ сүрүн кыргыһыылара, кыдыллыылара Ретле түбэтигэр буолбута. Онон буойуннар ханна өлбүт сирдэригэр Ретле тула көмүллүбүт буолуохтаахтар. Кыһыҥҥы өлбүттэр Ретле кытыытынан Буреги, Горки диэки эҥээрдэринэн, муустан хомуллубут дьон биэрэк кытыытынан көмүллүбүттэрэ чахчы. Тыал үрэр туһаайыытын үөрэтэн бараммын, сааһыары долгун дагдайбыт буойуннары эмиэ Ретле туһаайыытынан таһаартаабыт буолуохтаах диэн сабаҕалыыбын. Олору Заднее поле түбэтигэр харайбыттарын курдук, гавань аартыгынан таһаараат, сыыр үрдүгэр кистээбит буолуохтаахтар. Холобура: Ньурба оройуонун Бэстээх нэһилиэгин киһитэ Тарас Васильевич Григорьев докумуонугар «д. Ретле, на берегу» көмүллүбүт диэн сурулла сылдьар.

Д.И. Смыслов дьонтон истибитигэр олоҕуран, обелисканы биэрэк үрдүгэр туруорбутум диэн быһаарар. Алдьаммыт блиндажтар, окопалар бааллара үһү, онно кыһыл армеецтар өлүктэрин тамнаан баран ньиэмэстэр бульдозерынан саба тарыйтарбыттар үһү диир. Ити курдук быһа холуйан дьоммут ханна көмүллүбүттэрин туһумурдуохха сөп.

Кинилэр манна –

Сири кытта сир буолбуттар,

Ууну кытта уу буолбуттар,

Салгыны кытта салгын буолбуттар…

Кэнники Буреги көмүүтүгэр 19-с биригээдэттэн 4 киһи аата эбии суруллубуттарыттан да көрдөххө, дьон да кэпсээниттэн иһиттэххэ, военкомат дьаһалынан көмүллүбүт сирдэриттэн көһөрүү буолбут. Хаһан көһөрүү буолбутай диэҥҥэ мөккүөр баар. Олохтоохтор сабаҕалыылларынан, итинник көһөрүүлэр 1964-67 сылларга буолбуттар. Кинилэр ити болдьох сөбүгэр итэҕэйэллэр. Оттон мин атыннык толкуйдуубун. Ретлеҕа «Саллаат сэргэтиттэн» ураты «Студент сэргэтэ» диэн тура сылдьыбыта, тобоҕо билигин да баар. Бу «Студент сэргэтэ» сууллубутугар 2009 сыллаахха Вера Журавлева Новгород хаһыатыгар айдааны тардыбыта. Сэрии буолбут сиригэр дьону көмпүттэр, ол көмүүлэри таас чөмөхтөөн бэлиэтээбиттэр. Кэлин ол сирдэри дьоҥҥо атыылаабыттар. Сир ылбыт дьон чөмөхтөммүт таастары суох гыммыттар, түмүгэр саллааттар көмүллүбүт сирдэрэ бэлиэтэ суох хаалбыт. Инньэ гынан айдаан тохтообокко, өр күөдьүйэ сыппыта. Ити айдаан төрүөтүн быһаараары, Саха сирин Санкт-Петербурдааҕы бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин Галина Муратовна Макарова баһылыктаах хамыыһыйата Старай Руссаҕа тиийэ сылдьан, «улахан пааматынньыктар тыытыллыбатахтар, онон айдаан төрүөтэ суох» диэн быһаарбыт. Ол эрэн хамыыһыйа түмүгүн кытта сөпсөһүү тахсыбатаҕа. Дьон интэриниэт нөҥүө сөбүлэспэттэрин биллэрэ турбуттара.

Мин 2018 сыллаахха олохтоох Наговскай администрация  баһылыга Виктор Васильевич Бучацкайдыын кэпсэтэрбэр билигин да айдаан тахса турар диэн хомолтотун эппитэ. Бурегига эрдэ дэриэбинэҕэ өлбүт саллааттарга аналлаах байыаннай көмүү баар эбит. Кэлин бу көмүүгэ тулатынааҕы дэриэбинэлэр көмүүлэрин көһөрбүттэр, 1989 сыллаахха пааматынньык туруорбуттар, гранит билиитэлэргэ көмүллүбүт дьон ааттарын оҥо быһан суруйбуттар. Ол дьон испииһэгэ Борисово оскуола музейыгар баар этэ. Испииһэккэ 19-с биригээдэ дьоно суох. Ол эбэтэр 1989 сыллаахха билиитэҕэ суруйалларын саҕана кинилэр көһөрүллэ иликтэр диэххэ сөп. Айдаан буолбутун кэннэ хойутуу көһөрөннөр, эбии суруйбуттарыгар сөп түбэһэр. Ааттара билиитэҕэ оҥо быһыыта суох, билиитэ үрдүнэн, Горка дэриэбинэ аннынан суруллубуттар. Ретле дэриэбинэттэн диэн билиитэҕэ олох да сурук суох.

Иккис бутуур: хас киһини хайа сиртэн көһөрбүттэрэй, ол туһунан туох докумуон баарый? Интэриниэттэн Ретле дэриэбинэтин таһыттан 17 киһи көһөрүллүбүт диэни буллубут эрээри, чуолкайа суох куоппуйа. Сыныйан көрдөххө, үөһээ билиитэҕэ суруллубут 19-с биригээдэ дьонун ааттара суох. Оччотугар атын докумуон баара сабаҕаланар. Дьон кэпсээнинэн, Буреги көмүүтүгэр Ретле дэриэбинэтин ыалын уһаайбатыттан 100-кэ киһини илдьибиттэр, атын көмүүлэри тыыппатахтар. Старай Русса администрациятыттан, оскуола түмэлин үлэһиттэриттэн Буреги көмүүтүгэр 19-с биригээдэҕэ сыһыаннаах докумуоннары ирдэһэллэрин көрдөстүм, дьарыгырыах буолан үөртүлэр.

Үһүс түгэн: Саха итэҕэлинэн өлбүт киһини аймахтара, чугас дьоно көмөн баран уҥуох туталлар уонна онно кэлин кэлэр-барар, ытыыр-соҥуур соччото суох өйдөбүллээх. Оттон хараллыбатах киһи дууһата үөр буолуон сөбүнэн, төһө да куһаҕаннык өлбүт дьону силигин ситэрэн көмүөхтээххин диэн өйдөбүл баар. Онон буойуннарбытын булан, сиэр-туом оҥорон, киһилии көмүөхпүтүн наада. Утарылаһыы баар да буоллаҕына, ситэ өйдөөбөттөн тахсыан сөп.

Кинилэр эн килэҥ муускар

Ол өрдөөҕү кыланыылара,

Кинилэр өстөөххө абарбыт,

Кыайыыны ыҥырбыт хаһыылара – 

Үйэлэри үрдүнэн иһиллэ тураллар…

 

Старай Русса оройуонугар Демянскай хочуол сэриитэ буолбут сиригэр элбэх ирдиир үлэ ыытыллар. Сэрии саҕана өлбүт буойуннары булан, салюттаан көмөннөр, ааттарын үйэтитэллэр. Давыдово дэриэбинэ таһыгар «Опавший лист» диэн мемориал баар. Бу мемориалга итинник булуллубут 20-чэ тыһыынча киһи харалла сытар. Атын сирдэргэ эмиэ бааллар. Олор истэригэр саха дьоно кытта булуллубута. Булуллубут саллаат аймахтарын көрдөөн булан биллэрии ыыталыыллар. Аймахтара кэлэн кэриэстээн бараллар, поисковиктарга муҥура суох махталларын биллэрэллэр.

Ирдиир үлэни хайдах ыытар туһунан балаҕан ыйыгар хаһыакка суруйбутум, онон онно тохтообоппун. Салгыы кэпсэтиилэр түмүктэринэн саха дьоно ирдиир үлэҕэ кытталларыгар Старай Русса дьон көмөлөһөр баҕалаахтар. Онон биһиги ирдиир үлэҕэ кыттыан баҕалаах оскуола оҕолорун, ыччаты сүүмэрдээн бэлэмниирбит ирдэнэр. Үлэ ыыталларыгар, айанныылларыгар, ол-бу тэрилинэн хааччыналларыгар көмө баара буоллар, олох да үчүгэй буолуо этэ.

Мин бүттүм –

Кэс тылбын иэйэ кэпсэтэн!

Мин бүттүм –

Сүрэхпин-быарбын ытатан!

Мин бүттүм – андаҕар хоһоонун саҥардан!

Мин бүттүм

Санаабын-онообун ыллатан!...

 

С.С. Васильев «Улуу Ильмень» баллаадатыттан быһа тардыылар киирдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....