Өйдөһөн, харыстаһан олоруох
Дьиэҕэ ыйы-ыйдаан хаайтаран сылдьыы, сууккаҕа 24 чааһы быһа биир киһини, дьиэлээх дьоҥҥун кытта симиллэн олоруу. Этэргэ дылы, “сыанан аҕаабат”. Мин биир бэйэм отуттан тахса сыл олорбут кэргэммин кытта, аан бастакыбын маннык өр бииргэ тулуһан олоробут. Мин эрэ буолуо дуо, бүтүн аан дойду дьоно бу тохсунньу ыйтан, ыарыы өрө туруоҕуттан, дойдуларыгар карантин биллэриллиэҕиттэн, түөрт муннукка хаайтаран олордохторо.
Манна ордук куорат таас дьиэлэрин олохтоохторо иэдэйдилэр. Оттон чааһынай дьиэлээхтэр, даачалаахтар, ону тэҥэ тыа сирин дьоно улаханнык хаайтарбатылар. Хата, үлэ бөҕөтүн ситэрдибит, ууран туруорбут хас да сыллааҕы былааммытын оҥордубут диэн эмиэ да үөрэ саныыллар.
Арахсыы элбээбит
Кэргэнниилэр карантин иннинэ кимнээҕэр иллээхтик, эйэлээхтик олорбут буоллахтарына, хаайтарыы кэмигэр тыл-тылга киирсибэт буолуулара, этиһиилэрэ элбээбитин суруйаллар. Сорохтор бэйэ-бэйэлэрин дьэ арыйан, билэн, арахсар суолга турбуттарын кэпсииллэр. Ол курдук, Кытайга карантин бүтээтин кытта, арахсыыга элбэх сайабылыанньа киирбит. Карантин арыый сымнаабытын кэннэ, Кытай Дачжоу куоратыгар Саахса дьиэтигэр арахсарга, 300 дьиэ кэргэн сайабылыанньата киирэ охсубут. Бу кинилэр холлоругар олус улахан көрдөрүү дииллэр.
Төрөөһүн эмиэ элбиэхтээх
- диэн Росстат сибикилиир. Арассыыйаҕа 2020 сыл бастакы үс ыйга 338 тыһыынчаттан тахса оҕо күн сирин көрбүт. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 6,1% намыһах эбит. Онон олох сокуонунан өлүү уонна төрөөһүн тэҥҥэ сылдьалларын тэҥэ, сыл бүтэһигэр төрөөһүн эбиллиэҕэ диэн экспертэр кэтэһэллэр.
Уһуннук арахса сылдьыбыт, үлэ чааһын кэнниттэн сылайан-элэйэн кэлээт орону булан утуйан буккурааччылар билигин уһун суукканы, нэдиэлэни, ыйы быһа дьиэҕэ олороллоругар тиийэллэр. Бу кэмҥэ дьарык араас буоллаҕа. Ол быыһыгар таптаһыы. Этиспэккэ, иирсибэккэ олорооччу эдэр дьон таптаһаллара биллэр. Онон карантин кэннэ, төрүүр дьиэлэр туолуохтара диэн билгэлииллэр. Маннык кэмҥэ бэйэ-бэйэбитигэр тардыһыахха, таптаһыахха, өйөнсүөххэ, өйдөһүөххэ наада.
Дьиэтээҕи буруйу оҥоруу
Бу кэмнэргэ уулуссаҕа буруйу оҥоруу аҕыйаабытын бэлиэтииллэр, бэрээдэги көрөөччүлэр онтон күлүктэригэр имнэнэллэр. Онтубут икки өртүттээх буолан тахсар. Аны туран, дьиэтээҕи буруйу оҥоруу, охсуһуу, кырбааһын, өлөрүү түбэлтэтэ үрдээн биэрбит.
Бу туһунан Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэриттэн саҕалаан киһи быраабын көмүскүүр боломуочунайдар, кириисис кииннэрэ, бу олох аҕыйах хонуктааҕыта Госдуума дьокутааттара кытта дьиксинэн кэпсэтии таһааран эрэллэр.
Ордук манна эмсэҕэлэнээччилэринэн дьахталлар эрэ буолбакка, кырдьаҕастар, ону ааһан оҕолор түбэһэллэр. Кинилэри хайдах көмүскүөххэ, харыстыахха сөбүй? Бу хаайтаран олоруу кэмигэр арыгыны олоччу бобуу эмиэ табыллыбат. Оттон буруй төрдө биир – арыгы.
Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн 80 бырыһыана дьиэтээҕи буруйу оҥорууну кытта билсибит, бэйэтинэн түбэспит диэн ынырык сыыппаралары этэллэр. Бу сыыппараҕа төһөлөөх харах уута, ытааһын-соҥооһун, эрэй-буруй, ааттаһыы-көрдөһүү баара буолуой?
Бүгүн биһиги ааҕааччыларбытыгар уйулҕа үөрэхтээҕэ, “Инсайт” психологическай киин дириэктэрэ, Санкт-Петербургдааҕы “Иматон” институт практическай психологиятын преподавателэ Татьяна Васильевна Сабарайкина маннык ыарахан кэмҥэ дьиэ кэргэн дьоно хайдах бэйэ-бэйэни өйдөһөн, көмөлөсүһэн, эрэнсэн олоруохтаахтарын уонна бу ыарахан балаһыанньаттан тахсарга бэйэтин сүбэтин-соргутун биэриэҕэ.
Аан дойду үрдүнэн турбут ыарыыттан сылтаан бары дьиэҕэ олоробут. Биһиги таска көҥүл сылдьа үөрэммит буоламмыт, дьиэҕэ олорууну хаайтарыы курдук ылынныбыт. Хас киһи аайы тус кыраныысса баар, ол кэһиллэн хаалла. Ол курдук, киһи үлэтигэр туһунан үлэлиир миэстэлээх, территориялаах, оттон дьиэтигэр кэллэҕинэ онто кыччыыр. Аны билигин бары бииргэ олорор буоламмыт, кыраныыссабыт кэһиллэн киирэн барда. Күн бүгүнүгэр диэри бары тус-туспа кыһалҕалаах сырыттахпыт. Элбэх бириэмэни тас өттүгэр, үлэбитигэр анаан сылдьыбыппыт. Дьиэ кэргэммитигэр сарсыарда, киэһэ эрэ көстөрбүт. Билигин ис кыһалҕабытын сатаан быһаарсыбаппыт барыта көстөн кэллэ. Инньэ гынан бу кэм биир өттүнэн үчүгэйдээх. Бары куһаҕан курдук ылыналлар, ыгылыйыы, ыксааһын, тыл-тылга киирсибэт буолуу курдук. Ол гынан баран бу кэмҥэ киһи киһини сыаналыыра, өйдөһүү ис туруга диэн ханна баара, дириҥник, дьиҥник олохпут сыаннаһа ханна сытара көстөн кэллэ. Онно дьэ кэргэнниилэр, пааралар өйдөөн кэлбиппит бэйэ-бэйэбититтэн тэйсэн хаалбыт эбиппит, тус-туспа сыаллаах, тус-туспа көрөр, биир хайысханан тутуспат эбиппит диэн чуолкай көһүннэ. Ол быыһыгар сорохтор дьэ чугасыһан, бэйэ-бэйэлэрин истиһэн, кэпсэтии бөҕөтө тахсан, уопсай толкуйга киирэн, бу дьиэ кэргэн кыттыгас туох эрэ дьыалалаах буолла.
Маннык түгэҥҥэ, хаайтарыыга үгүс киһи бастаан ыгылыйар, ыксыыр. Онтон үүт-хайаҕас көрдөөн киирэн барар. Оҕолорун кытта остуол оонньууларын оонньуур, оҕолоругар, хас биирдии киһиэхэ туһунан муннук тэриллэр, бу маннык сөптөөх быһаарыныыттан, дьаһалтан элбэх дьиэ кэргэн тыл-тылга киирэн олорор. Маннык сөптөөх дьаһаныы, бэйэ-бэйэни аралдьытыһыы, сорохтор уопсай саҥа дьыала булан дьарык оҥостуулара сөптөөх буолара саарбаҕа суох.
Онтон этиһии, иирсээн ханнык ыалга тахсарый? Кыыһырсыы түгэнэ тахсара урут-уруккуттан искэр син биир баар, буһа сылдьар, буомба курдук дэлби тэбэн тахсыахтаах. Маннык усулуобуйаҕа дьэ санааҕын таска таһаарыы кэмэ кэлэр. Биирэ кыыһырар, биирэ көмүскэнэр. Өйдөспөт түгэн элбиир. Бу киһини тулуйарыҥ, тулуйбатыҥ дьэ көстөр. Урут таһынан сылдьар эбит буоллахха, билигин суукканы быһа бииргэ олороҕун. Арай көрбүтүҥ, билбитиҥ, эккинэн-хааҥҥынан тулуйбат киһиҥ эбит, аһыыра, саҥарара искэр киирбэт, тирииҥ таһынан хамсаныылары оҥорор буолан тахсар. Бу барыта эйиэхэ искэр урут-уруккуттан мунньуллан кэлбитэ биллэр. Сахалар хомойдохпутуна да санаабытын таһаарбат дьоммут, испитигэр ыйыстан иһэбит, саамай сөбүлүүр тылбыт “тулуйабыт” диэн. Ону баччааҥҥа диэри тулуйан кэлбиппит биир кыра хоско хаайыллан олорон дьэ тулуйарыттан ааһар, инньэ гынан бу киһилиин инникитин бииргэ буолабыт дуу, суох дуу диэн боппуруос турар. Дьиҥинэн, бу икки киһи хаһан эрэ икки өттүттэн сөбүлэһэн, хайҕаһан бииргэ буоллахтара. Ханнык эрэ кэрчик кэмҥэ өйдөспөт буолбут түбэлтэ иккиттэн биирдэстэригэр сөптөөх кэмҥэ ыыппакка хомолто тахсан хаалар. Маны барытын эргитэн көрбөтөххө, санаа, сүгэһэр курдук хааллардахха, мунньуллан иһэр.
Биһиги оҕо эрдэхпититтэн оннукка үөрэммэтэх дьоммут, санааны сөпкө этинэн, испитигэр туппакка. Сөптөөхтүк быһаарбакка ыытан кэбиһэр диэни билбэппит. Хайдах бырастыы гынарга ийэбит да, аҕабыт да үөрэппэтэҕэ. Тулуйан олор диэн тыл наһаа туттуллар. Киһи тулуйар бириэмэлээх, онтон эстэҕин. Эстибэт сыалтан киһи санаатын уонна ис туругун кытта үлэлииргэ үөрэниэхтээх.
Дьиэ кэргэҥҥэ үксүгэр хомойуу биричиинэтэ таҥнарыыга сытар. Ону хайдах да киһи бырастыы гыммат курдук ылынар. Киһи тугу баҕарар бырастыы гынар кыахтаах, атын өттүнэн көрөн, ырааҕы ырыҥалаан, киһи бырастыы гыныан сөп.
Иитии, хайдах иитиллэн тахсыыбыт төрөппүттэн кэлэр. Оҕо кинилэр сыһыаннарын көрөн улаатар. Дьиэ иһигэр дьоно этиһэр-охсуһар, айдаарсар буоллахтарына, киһи төһө да өйдөөх, үөрэхтээх буоллун, кинигэ аахтын, оҕо сылдьан көрбүтүн олоҕор хатылыыр. Оннукка улаатан баран оҕолорбутун иитэрбитигэр, сыһыаммытыгар ону көрдөрөбүт. Хайдах киһини иитэн таһаарарбыт, оҕобут ханнык дьиэ кэргэҥҥэ олоруон баҕарарбыт бэйэбититтэн улахан тутулуктаах.
Ийэ, аҕа тапталын толору ылбатах киһи наһаа элбэх. Тапталым төрөппүттэрим өттүлэриттэн тиийбэтэҕэ диэн этинэллэр. Кэргэннэриттэн тапталы ирдииллэр. Дьиэ иһигэр хаайтаран олорон көрдүүрүҥ өссө элбиир. Киһиҥ ол тапталы биэрэ сатаан сылайар, салҕар. Онтон кэргэниҥ атаахтыан, ийэ-аҕа оҥостуон баҕарар. Манна иннилэрин биэрбэккэ эмиэ этиһии тахсыан сөп.
Аны кэргэҥҥэр өһүргэнии, хомойуу кини кими эрэ санатарыттан тахсар. Холобур, ийэбитин эбэтэр аҕабытын. Кини, дьиҥэр, ол эн аҕаҕар дуу, ийэҕэр дуу маарынныыра кини буруйа буолбатах ээ. Ыал аҕата биирдэ эмит бырааһынньыкка арыгы иһэр, ону кэргэнэ сөбүлээбэт, аҕам наар иһэр этэ диэн. Маннык түгэннэр улахан айдааҥҥа тириэрдэллэр. Аҕата иһээччи буолан хомойбут түгэннэрэ баар буолан, кыратык да истэҕинэ, наһаа улахан трагедия курдук айдаан таһаарар. Онон бу хомолто, иирсээн оҕо сааспытыттан тахсар, уруккуну эргитэн, эргийэн кэлэ турар хартыына курдук.
Онон, ханнык да түгэҥҥэ, түбэлтэҕэ, кэмҥэ бары бэйэ-бэйэбитин өйдөһүөх, өйөһүөх, харыстаһыах. Бу быстах түгэн буолар, хаһан эрэ ааһыа, үтүө кэмнэр үүнүөхтэрэ диэн биир санааны ылынан олоруохха наада.