11.11.2023 | 16:00

Ыччаты көҕүлүүр «Ураһа» киин

Ыччаты көҕүлүүр «Ураһа» киин
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Строительнай уокурукка, чопчулаан эттэххэ, Клара Цеткин уулуссатын, 14/3 дьиэтигэр эрдэҕэс саастаах оҕолорго аналлаах «УРАҺА» диэн креативнай киин үлэтин саҕалаата. 
Саҥа эбийиэк «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт Бүтүн Арассыйатааҕы ыччаты социализациялааһын күрэҕэр “Патриотизм, дьиэ кэргэн сыаннастарын уонна духуобунаһы иитии» диэн салааҕа кыайыылааҕынан тахсыбыт.

Валентина Николаевна Иванова, «Ураһа» креативнай киин салайааччыта:

Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунай Туйаара Валерьевна Васильеваны кытта “Подростки 360” диэн федеральнай форумҥа кыттыбыппыт. Бу форумҥа оҕо киинин арыйарга федеральнай үп-харчы көрүллэрин билэн, бырайыак суруйан кыттарга санаммытым уонна эрдэҕэс оҕолор дьарыктаах буолалларын хааччыйар бырагыраамаҕа грант ылары ситиспиппит.

Билигин киин куорат ханнык баҕарар оскуолатын эрдэҕэс саастаах оҕото биһиги кииммитигэр кэлэн бэйэтин үөлээннээхтэрин, биир санаалаахтарын кытта бодоруһуон, санаа үллэстиэн, саҥа доҕоттору булуон сөп. Манна даҕатан эттэххэ, холобура, эрдэҕэс оҕо уопсастыбаҕа икки түһүмэҕинэн киирэр: бастакыта – дьиэ кэргэн нөҥүө, иккиһэ – оскуола. Үсүһүн оҕо бэйэтэ булунуохтаах. Үһүс түһүмэххэ сорох оҕолор бэйэлэригэр сөп түбэһэр эбии дьарыкка сылдьыахтарын  сөп. Ол эрээри, хомойуох иһин, ханна даҕаны бэйэтин булуна илик оҕо элбэх. Бу хаалбыт оҕолор иллэҥ кэмнэрин сатаан тэринэр, аттарынар кыахтара суох. Ол курдук, атыы-эргиэн кииннэригэр, дьиэлэр подъезтарыгар мустар, уулуссаҕа ускул-тэскил сылдьар оҕо аҕыйаҕа суох. Бу билигин сытыытык турар улахан кыһалҕа. Маннык быһыы-майгы, бастатан туран, оҕоҕо бэйэтигэр улахан охсууну оҥорор. Ону сэрэтэр сыалтан кинилэр биһиги кииммитигэр кэлэн, тугу баҕаралларынан  дьарыктаныахтарын сөп. Холобура, аныгы ыччат ортотугар күүскэ тарҕанан турар “K-pop” үҥкүүтүгэр, суруналыыстыкаҕа, кибербезопасноска, остуол да оонньуутугар холонон, бииргэ киинэ көрөн, иллэҥ кэмнэрин доҕотторун, саастыылаахтарын кытта туһалаахтык атаарыахтарын сөп.

Биһиги манна хас биирдии оҕо интэриэһин учуоттуубут. Өскөтүн оҕо мини-бэстибээл тэрийиэн эбэтэр тэрээһин ыытыан баҕарар буоллаҕына, ол баҕатын бу кииҥҥэ олоххо киллэрэр толору кыахтаах. Маны таһынан, биһиги бэйэбит араас маастар-кылаастары ыытабыт, айар биэчэрдэри тэрийэбит, аныгы кэм ыччатыгар холобур буолар эдэр дьону ыҥыран көрүһүннэрэбит, атах тэпсэн олорон санаа атастаһыннарабыт.

 

Тоҕо «Ураһа»?

Ыччат сайдар, үөрэнэр уонна дьарыктаах буолар киинэ мээнэҕэ «Ураса” диэн ааттамматах. Ону биһиги, этэргэ дылы, бэйэбитигэр чугаһатан, сахатытан, «Ураһа» диэтибит. Ол курдук, «Ураса» диэн ааты Валентина Николаевна бу курдук быһаарар:

У – «учиться» – үөрэниэххэ;

Р – «развиваться» – сайдыахха;

А – «активизироваться» – көхтөөх буолуохха;

С – «социализироваться» – уопсастыбаҕа киириэххэ;

А – «адаптироваться» – бэйэ миэстэтин булуохха.

Ити курдук, бу кииҥҥэ оҕо дьоҕурун сайыннарарга уопуттаах педагогтар, уһуйааччылар үлэлииллэр. Кинилэр салалталарынан оҕолор олоххо сыаллаах-соруктаах, бэлэмнээх, тус көрүүлээх буола улааталлара саарбахтаммат. Ону таһынан хас биирдии оҕо олох очуругар оҕустарбатын туһугар уопуттаах уйулҕаһыттар үлэлииллэр.

 

Оҕолор хайдах кэлиэхтэрин сөбүй?

Куорат уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэр оскуолаларын  үөрэнээччилэрэ бары кэлэр кыахтаахтар, барыгытын күүтэбит!

Өскөтүн эһиги оҕоҕут оскуола кэннэ эбии дьарыга суох буоллаҕына, ыччат сайдар киинигэр «Ураһаҕа» күүтэбит!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...