31.05.2020 | 13:31

Ыччат көрө-нара тохтообот

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куоракка оптуобуһунан кэлии-барыы аҕыйаабат, ыччат уопсастыбаннай сирдэргэ күүлэйдиирин тохтоппот. Холобур, Кыайыы болуоссатыгар уонна “сабыылаах бэчэрииҥкэҕэ” киһи толору...

Төһө даҕаны күннэтэ сүүсчэкэ киһи ыалдьыбытын үрдүнэн ыччат изоляцияны тутуспат. Биллэриллибит эрэсиим кинилэргэ сыһыана суох курдук саныыр буоллахтара дуу?

Ол курдук, бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр көрү-нары таптааччылар ханна, хайдах мусталларын кэпсииргэ сананныбыт.

ЯГРЭС-2.

Бу сиргэ күннэтэ 100-нэн ыччат тоҕуоруһар дииллэр. Манна тугу гыналларый? Туох буоларый?

Үксүн бары тимир көлөлөөх, массыыналаах кэлэллэр уонна ырыаларын “хайа тардан” кэбиһэллэр. Оннук сарсыарда буолуор диэри олороллор. Ким шашлыктыыр, ким куораты одуулуур, сорох билсиһэр, сорох хоно хаалар –  ол бэйэтин көҥүлэ үһү.

202-с ОРОЙУОН

Кыайыы болуоссата куораппыт саамай сырыылаах, кэлиилээх-барыылаах сиригэр кубулуйда. Кып-кыараҕас суол киэһэ аайы толору массыына буолар.

Манна өрүс кытыытыгар ас атыылыыр  маҕаһыыннар үлэлииллэр. Эдэрдэр бу сиргэ кофе иһэ, шаурма, шашлык сии кэлэбит дииллэр. Эмиэ бары массыынаҕа олороллор, соччо-бачча быгыалыы сатаабаттар. Оттон арыый сытыы-хотуу эр бэртэрэ кыргыттары кытта билсиэхтэрин сөп үһү. Каартанан көрдөххө, Губинскай уокурукка элбэх киһи ыалдьыбыт. Ыччат онно эрэ кыһаллыбат,  көрүн-нарын тохтоппот...

ӨРҮС ПУОРДА

Өрүспүт пуорда эмиэ оргуйан олорор эбит. Бассаапка маны туоһулуур араас видеолар кэлэллэр. Тугу гына тиийэллэрэ эмиэ биллибэт, баҕар, шашлык да сииллэрэ буолуо. Бу оройуон олохтоохторо хас киэһэ ахсын массыына тыаһа, дьон күлүүтэ-салыыта, ол ортотугар олоробут дэһэллэр. Дьэ, түмүгүн икки нэдиэлэнэн көрүллүө...

ДААЧАҔА

Инстаграмы кэтээн көрдөххө, киһи барыта шашлыктыыр, айылҕаҕа тахсар уонна даачатыгар тусовкалары тэрийэр. Манна ким баҕарар кэлиэн сөп эбит. Ыалдьыбыккын, сөтөллөргүн көрбөттөр үһү. Саамай сүрүнэ – киирэр харчыгын төлүөхтээххин уонна эрдэттэн испииһэккэ суруллубут буолуохтааххын. Ити кэннэ дезинфекция төһө ыытыллара буолуой? Сэрэйдэххэ, суох. Даачаҕа күүлэйи арыый сытыы-хотуу дьон тэрийэр буоллаҕа дуу? Биитэр кинилэр “самоизоляцияны” билиммэттэр дуу? Өссө сорох дьон даачаларын суукканан куортамҥа биэрэллэр эбит.

10 КЫЫС УОННА 10 ЭР БЭРДЭ

Маннык хабааннаах бэчэрииҥкэни эмиэ даачаҕа тэрийэллэр. Ордук Бүлүүлүүр суол диэки турар даачаларга дииллэр. Эмиэ кимтэн эрэ истиһэн, көҥүл ылан, харчы төлөөн, «фейс» хонтуруолу ааһан киирэр үһүгүн. Биллэрин курдук, билсиһии-көрсүһүү тиэмэлээх буоллаҕа. Арба, сүрүнэ диэн эн сулумах буолуохтааххын.

“САБЫЫЛААХ БЭЧЭРИИҤКЭ”

Куорат ыччата сылдьар түүҥҥү кулууптар “сабыылаах бэчэрииҥкэлэри” оҥороллор үһү. Онно бэйэлэрин чугас табаарыстарын уонна үчүгэйдик билэр эрэ доҕотторун киллэрэллэр эбит. Уулуссаттан кэлбит дьону чугаһаппаттар үһү. Чахчы “сабыылаах” диэххэ дуу?

ЧОЧУР МЫРААН

Чочур мырааҥҥа даачата эбэтэр учаастага суох ыччат мустар эбит. Манна күн ахсын 100-тэн тахса тимир көлөлөөх эдэр дьон кэлэн аһаан-сиэн, шашлыктаан, сынньанан бараллар үһү. Сэрэйдэххэ, бэйэ-бэйэлэрин кытта “билсиһэ-көрсүһэ” диэн ааттаан тиийэллэрэ буолуо.

Кинилэр кэпсээннэринэн, көҥүл олох диэн онно үһү. Хонтуруол суох, ким даҕаны манаабат.

ОҔО БАЛАҺААККАЛАРА

Оҕо оонньуур былаһааккалара эмиэ элбэх ыччат тоҕуоруһар сирдэрэ буолан биэрдилэр. Манна үксүн оскуола оҕолоро мусталлар. Оҕолор этэллэринэн, ордук КПД, хрущевка дьиэлэр анныларыгар тураллар эбит. Бу дьиэлэргэ хонтуруол, харабыл уонна камера суох үһү. Оттон саҥа дьиэлэр балаһааккалара камералаахтар. Бэлиэтээн эттэххэ, бу кыһалҕаны салайар хампаанньалар хонтуруолга ылыахтарын наада.

ТАБАҔА ТУМУҺА

Бу сиргэ эмиэ ыччат сөбүлээн сылдьар. Ордук массыыналаах дьон чугас доҕотторбутун  илдьэ барабыт дэһэллэр. Хата, син тэйиччи сытар буолан, аҕыйах киһи тиийэр быһыылаах. Дьиҥ хартыына хайдах эбитэ буолла?

ТҮМҮК ЭБЭТЭР ТҮБҮК

Көстөрүн курдук, ыччат биллэриллибит эрэсиими олох тутуспат. Бары даҕаны бачча үчүгэй күннэргэ дьиэҕэ хааллан олоруохпутун баҕарбаппыт эрээри, самоизоляцияны тутустахпытына эрэ дьаҥ хаптайыа диэн өйдүөх тустаахпыт.

Саха ыччата! Маннык күүлэй тэбэ сырыттахпытына, хаһан дьиэбититтэн тахсыахпытый? Өтөрүнэн, кыһалҕа кыһарыйдаҕына эрэ биирдэ өйдүүр дьоммут быһыылаах. Дьиэҕитигэр олоруҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...