Ыччат хаар ыраастааһыныгар көмөлөһөр
Көхтөөх ыччат кэккэтигэр – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннар уопсайдарын сэбиэтин, норуодунай дружиналарын, өрөспүүбүлүкэ устудьуоннарын этэрээттэрин бэрэстэбиитэллэрэ, улуустар ыччаттарын түмсүүлэрэ уонна волонтердар бааллар.
Саха сирин устудьуоннарын этэрээттэрин регионнааҕы штабын салайааччыта Айсен Соловьев бэлиэтээбитинэн, тэриллиилэр көхтөөх бэрэстэбиитэллэрэ Ил Дархан Айсен Николаевы өйүүр «За НАС! За ПОБЕДУ!» ыччат десанын чилиэннэрэ.
«Быйыл наһаа элбэх хаар түспүтүн көрөн куоракка көмөлөһөргө быһаарынныбыт. Бүгүн Киин уонна Октябрьскай уокуруктар хаардарын ыраастыыбыт, сүүсчэ буолан үлэлиибит. «За НАС! За ПОБЕДУ!» десаммыт бу саас устата кырдьаҕастарга, көмөҕө наадыйар дьоҥҥо, итиэннэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмөнү оҥоруоҕа. Сомоҕолоһон үлэлииргэ уонна көмөлөһөргө бэлэммит!», - диэтэ Айсен Соловьев.
Олохтоох дьаһалта ыччат политикатыгар салаатын начаалынньыга Андрей Михайлов иһитиннэрбитинэн, үлэ саҕаланыан иннинэ, куттал суоһаабатын курдук, инструктаж ыытылынна.
«Ыччаппыт олоххо көхтөөх позициялааҕа уонна куоракка көмөлөһө сатыыра үөрүүлээх. Уолаттар иллэрээ күн бэйэлэрэ этии киллэрдилэр. Бэйэбит даҕаны туора турбатыбыт, үлэлэһэ сылдьабыт. Биһигини кытта «Лига молодежи», «Город добра» уопсастыбаннай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна Дьокуускай Уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат политикатыгар упралениетын волонтерскай куорпуһа үлэлэһэллэр. Дьокуускай күүһэ – ыччат сомоҕолоһуутугар!», - диэтэ Андрей Михайлов.
Дьокуускайдааҕы УГМС дааннайдарынан, быйыл киин куоракка муҥутуур көрдөрүүлээх халыҥ хаар түстэ – 56 см.