14.02.2023 | 16:00

Ыччат бэстибээлин сүүмэрдиир түһүмэҕэ саҕаланна

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, «Muus uSTAR» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн, «Саха сирин бастыҥ ыччат оройуона, куорат уокуруга» күрэҕин сүүмэрдиир түһүмэҕэ саҕаланна. Бу туһунан СӨ Ыччат дьыалаларыгар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Ыччат бэстибээлин сүүмэрдиир түһүмэҕэ саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 14 күнүттэн кулун тутар 8 күнүгэр диэри хас биирдии оройуон уонна куорат уокуруга мини-бэстибээллэри тэрийэр. Куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэ кулун тутар 11-22 күннэригэр ыытыллар. Кулун тутар 25 күнүгэр, Дьокуускай куоракка, кыайыылаахтар сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара.

Быйыл «Muus uSTAR» тректара саҥалыы күлүмүрдээтилэр. Тэрийээччилэр «Движение первых» Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын көҕүлээһининэн саҥа ааттары тобуллулар. Ол курдук, 12 трек ааттара – «Двигайся и достигай!», «Создавай и воплощай!», «Мир цифровизации!», «Играй и создавай!», «Расскажи о главном!», «Воплощай и вдохновляй!», «Поколение Профи!», «Стартуй к бизнесу!», «Перспектива в познании!», «Твори добро!», «ЭкоЛидер», «Дипломатия».

Санатар буоллахха, «Muus uSTAR» ыччат бэстибээлэ өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс төгүлүн ыытыллар. Бэстибээл Саха сирин оҕолорун уонна ыччатын айар-тутар, спортивнай, цифровой уонна бизнескэ саҕалааһыннарын өйүүр сыаллаах. Бастакы уонна иккис бэстибээл хедлайнердара – спорт, култуура, наука чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ. Маастар-кылаастарга кинилэр баай уопуттарынан, билиилэринэн үллэстэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...