ЫБММ сулууспаларыгар саҥа тиэхиньикэ кэллэ
Саха сиригэр 20 араас тиэхиньикэ баһаарынай уонна саахалтан быыһыыр үлэлэргэ кэллэ: 10 баһаарынай КАМаз баазалаах автоцистерна уонна 10 саахалтан быыһыыр массыына. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саҥа тиэхиньикэ күлүүстэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга Судаарыстыбаннай баһаары утары уонна быыһыыр Сулууспалар улуустааҕы уонна куораттааҕы салааларын бэрэстэбиитэллэригэр вице-премьер Дмитрий Садовников уонна нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабатын хааччыйар Судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков туттардылар.
«Баһаары утары уонна быыһыыр Сулууспалар модун күүстээх структуралар, итиннэ тыһыынчанан уоту кытта охсуһааччылар уонна быыһааччылар бааллар. Суукка ханнык баҕарар кэмигэр, хайдах баҕарар халлааҥҥа эһиги эмсэҕэлээбиттэргэ көмөҕө кэлэҕит, уоттан көмүскүүгүт. Күүстээх эр санааҕыт, хорсун быһыыларгыт иһин махтанабын. Бүгүн эһиги ыарахан үлэҕитигэр, ол иһигэр ойуур баһаардарын умуруораргытыгар күүс-көмө, тирэх буолар тиэхиньикэ күлүүстэрин туттарарбыттан үөрэбин», – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы баһаарынайдарга туһаайан.
Саахалтан быыһыыр 10 массыына күлүүһүн быыһыыр Сулууспалар салааларыгар – Халыматааҕы, Бүлүүтээҕи, Ленскэйдээҕи, Нерюнгритааҕы, Үөһээ Дьааҥытааҕы уонна Дьокуускай куораттааҕы быыһыыр этэрээттэргэ туттардылар. Итини кытта 10 баһаарынай автоцистерна күлүүстэрин – ГПС Анаабырдааҕы, Аллайыахатааҕы, Мэҥэ Хаҥаластааҕы, Намнааҕы, Усуйаанатааҕы, Хаҥаластааҕы уонна Дьокуускай куораттааҕы салаалара туттулар.
Садовников иһитиннэрбитинэн, тиэхиньикэни былырыын өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан атыыласпыттар. Ол курдук, нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабатын хааччыйар сыаллаах судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн 563 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 45 тиэхиньикэ ылыллыбыт. Хаалбыт 25-һэ Саха сиригэр муус устар ыйга диэри кэлиэхтээх.
Кэмитиэт баһылыга Дмитрий Лепчиков чуолкайдаабытынан, Саха сиригэр ГПС 153 территориальнай салаата үлэлиир, итинтэн 47 баһаарынай чаас уонна 106 аҕыйах ахсааннаах чаастар. Кинилэр 405185 киһилээх 228 нэһилиэнньэлээх пууну көрөллөр-истэллэр. Күн аайы төгүрүк суукканан дьуһуурустубаҕа 491 киһи уонна 330 тиэхиньикэ тахсар.
Быыһыыр Сулууспа филиаллара алта оройуоҥҥа бааллара этилиннэ – Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Ленскайга, Орто Халымаҕа, Ньурбаҕа уонна Үөһээ Бүлүүгэ. Лепчиков эппитинэн, быйыл Таатта, Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар этэрээттэр тэриллиэхтэрэ.