24.09.2020 | 17:28

Ыарыыттан сылтаан сиэр-майгы сатарыйда

Ыарыыттан сылтаан сиэр-майгы сатарыйда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Корона ыарыыта аан дойдуну аймаабыта тохсус ыйыгар барда. Биһиэхэ, Сахабыт сиригэр кулун тутарга бастакы ыарыһах ыалдьыбыта биллибитэ. Онтон ыла олохпут икки кэрдиискэ арахсыбыта. Аймалҕан, мааска көрдөөн сүүрүү-көтүү, ас, эмп-томп хаһааныыта. Этэргэ дылы, Кутуйах сыл хаһаайына буолбутун биллэрбитэ. Ол курдук, истиһэ-истиһэ, тэлэбиисэртэн көрө-көрө, гречкаттан саҕалаан, туалетнай кумааҕыга, хаһаайыстыбаннай мыылаҕа тиийэ хаһааммыппыт.

Оччолорго ойон тура-тура бу ыарыы туһунан көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэлэргэ, хаһыаттарга, тэлэбиисэргэ дьулааннаах сонуннар, сэрии хонуутуттан кэлэр сводка курдук, хас киһи суорума суолламмыта барыбытын куттаабыттара, кутуйах иинин кэҥэтэн барбыппыт. Чахчы да, киһи аймах үөйбэтэх, санаан да, түһээн да көрбөтөх хартыыната этэ.

Чэ, сотору ааһар ини диэн эрэх-турах санаммыппыт да, билигин намырыахтааҕар ыарыыбыт өссө эбиллэн иһэр курдук. Ону “иккис долгун” кэллэ диэн ааттыыллар.

Эмиэ дьиэҕэ олоруу, хаайыллыы. Бу кэмҥэ, маннык балаһыанньаҕа дьон майгыта-сигилитэ төһө уларыйда?

Биир бэйэм бу саас быраатым күүлэйдии, чэйдии кэлээри гыммытыгар, биһиги дьиэбит “кыһыл туочукалаах”, ол аата ыалдьыбыт дьон бааллар диэн аҕалбатаҕым. Быраатым да куттанан кэлбэтэҕэ. Онон маннык ыарыы турбут кэмигэр аймах аймаҕы, доҕор атаһы кытта көрсөрө аҕыйаабыта чахчы.

Бу сайын дойдубар биир аймахпыт кэлээри, уопсай бөлөххө суруйбутугар, ким да муннутунан да, айаҕынан да тыымматаҕа. Арай биир хорсун соҕус киһибит “Манна харантыын, бэйэбит да быгыалаабаппыт. Онон эн кэлэргин утарабыт, биир бэйэм хоноһолоппоппун”, – диэн аһаҕастык суруйбута. Дьиҥэр, бу олус чугас аймахпыт, куораттан тахсаары гыммыт этэ. Бу холдьоҕуу, сиэр-майгы сатарыйыыта буолбатах диэн сыаналыыбын. Сиэннээх, оҕолордоох дьон бэйэни харыстаналлара бааламмат.

Биир эдэр киһи сайын аайы эдьиийигэр тахсарын кэпсээбит этэ. Бу сайын эмиэ хаайтаран, харантыыннаан тэһийбэккэ буолан баран, эдьиийигэр эрийбит. Анараата кэл да, кэлимэ да диэбэтэх, хайдах эрэ тоҥуй соҕустук кэпсэппит. Уол соһуйбут, баар-суох чугас киһитэ, эдьиийдээтэр эдьиийэ үөрэ кэпсэппэтэҕиттэн. Ол да буоллар, дойдутугар тахсарга санаммыт. Айаннаан иһэн төлөпүөннээн биллэрбит. Арай тиийбитэ, дьоно утары көрсүбэтэхтэр, киниэхэ эргэ сарайга олороҕун диэн ыраахтан ыйан биэрбиттэр. Илдьибит кэһиитин ылбатахтар, оҕолоругар чугаһаппатахтар. Хайыай, кыыкынас ааннаах сарайга киирэн сытарыгар тиийбит. Аһын ыраах аҕалан ууран биэрбиттэр. Кыратык наһаалаабыттар дуу диэн сыаналыыбын. Ама да куттаммыттарын иһин, сүрүн, эмиэ бэйэтэ дьиэҕэ сытан, этэргэ дылы “изоляцияны” ааһан кэллэҕэ.

Аны маҕаһыыҥҥа тиийбитэ, куораттарбыт мээнэ сылдьаллар дуу диэн дьон эмиэ туора хайыспыт. Ыксаан, атаһыгар-доҕоругар  баран балыктыахха диэн этиилээх тиийбит. Хантан? Анараата таһырдьа да быкпатах, аан нөҥүө туран сатаан барбатын туһунан, ол-бу биричиинэлэри ыйбыт. Бу кэннэ нэһиилэ биир хоноот, куораппар тэбиммитим диэн кэпсээнин түмүктээбитэ.

Уопсайынан, сорох дэриэбинэлэргэ бу ыарыы дьону аһара куттаан, сорох-сорохтор кырдьык сылдьыспат, билсибэт, оннооҕор өстөһөр да түгэннэрэ баар буолла. Хоту сытар улууска почталарын үлэһитэ ыалдьыбытыгар дьон нэһилиэк бөлөҕөр дэлби үөҕэн, сэтэрээн, атыылаһан ылбыт ыарыытын курдук араас тылынан суруйбуттар этэ. Дьахтар барахсан туох эрэ буруйдаах курдук нэһилиэгин дьонуттан, олохтоохтортон бырастыы гыналларыгар, бэйэм нэһиилэ сытабын диэн көрдөспүт этэ.

Биир дэриэбинэҕэ кылааһынан көрсүһүү кэнниттэн 20-чэ киһи хабыллан, үһэ анаалыстара “положительнай” буолан, эмиэ айдаан бөҕөтө тахсыбыта. Нэһилиэк бөлөҕө “оргуйан” олорор, кимнээх буолалларын быһаарсыы, хасыһыы. Хаартыскаларын кытта ыыппыттар этэ. Ити аата тугуй? Бу ыарыы, этэргэ дылы, “половой сибээһинэн” бэриллэр куһаҕан ыарыы буолбатах ээ. Төһө да сыстыганнааҕын иһин, ким да көрдөһөн ыалдьыбат. Бүтүн аан дойдуну аймаата, ол аайы арай биһиэхэ кэлбитигэр, ким эрэ ыалдьыбытыгар туох эрэ “проказа” курдук айманыы, ыалдьыбыт дьону туоратыы, үөҕүү, буруйдааһын. Бу диэн чахчы сиэргэ баппат быһыы.

Коронавирус, кырдьык да, дьон-сэргэ өйүн-санаатын уларытта, атын толкуйга түһэрдэ. Дьиэҕэ хааллан олоруу, хара сарсыардаттан киэһэ утуйуоххар диэри дьоҥҥун манаан, кинилэр сирэйдэрин-харахтарын одуулаан олоруу, күн аайы бүгүн тугу аһыыбыт диэн толкуйга түһүү. Бэйэ-бэйэни үчүгэйдик билсии буолла диэн элбэх киһи билинэр. Сүүрбэ сыл олорбут кэргэммин киһилии дьэ биллим да диэччилэр бааллар. Быыллыйа сыппыт остуол оонньуулара, лотуо, хаарты, саахымат элбэхтик оонньонно. Оҕолору кытта чугасаһыы буолла, ким тугунан тыынарын, туох дьарыктааҕын сорох төрөппүттэр дьэ биллилэр. Маннык түгэҥҥэ түмсүүлээх буоларбыт көһүннэ. Куораттааҕы саахса статистикатынан арахсыы элбээбитин эппэттэр. Ол аата саха барахсан тулуурдааҕа, ньоҕойо, ыарыыны утары барара, харантыын да буоллар, бэйэ-бэйэни өйдөһөн, өйөнсөн олоруу ордугун таллаҕа.

Урут соҕуруунан, омук сиринэн сылдьар мааны кийииттэр, сиэннэр эбээ, эһээ сылаас холумтаныгар бүктүлэр, тыа сирин чэбдик салгынын биллилэр.

Биир дэриэбинэҕэ кийиит буолбут мааны хотун, 15 сыл устата дэриэбинэҕэ сылдьыбакка буолан баран, быйыл ыксаан кэргэнин дьонугар икки оҕотун илдьэ тиийбит. Бастаан утаа мунньаҥнаан, аһын кытта хоһугар аҕалтарар эбит. Эгэ таһырдьа тахсан киириэ дуо, куорат хотуна буоллаҕа. Кыһалҕаттан ол курдук аҕыйах хонук олороот, оҕолорун кыайан туппакка, таһырдьа тахсыһар буолбут. Бу үчүгэйгэ, самаан сайыҥҥа хайа оҕо дьиэҕэ хаайтаран олоруой? Дьэ, онтон ыла арай мааны кийииттэрин, туох эрэ дьөлө аспытыныы, хоһуттан тахсан, бастаан утаа хотунугар ас астаһар буолбут, онтон иһит, муоста сууйан, хомуйан, күһүн барарыгар сир астаан, оттоһон, хайдах маннык кэрэ сир баарын баччааҥҥа диэри билбэккэ сылдьыбыппыный диэн астына кэпсиирин билэр дьонум быктарбыттара. Онон быйыл тыа сиригэр кэлии киһи элбээтэ, сорохтор, кырдьык даҕаны, аан бастаан үктэммит да буолуохтарын сөп.

Ол аайы дэриэбинэ дьоно куораттан кэлбиттэри туора харахтарынан көрөллөр, бары ыарыыны сүгэ сылдьалларын курдук саныыллар. Дьиҥэ, куораттан тахсан олохтоох дьаһалтаҕа сайылыы кэлбитиҥ, хас буолан олороргутун биллэрэҕин. Ону олохтоох балыыһаҕа эмиэ тиэрдэллэр. Ол кэннэ, икки нэдиэлэ устата дьиэттэн быкпаккын, аскын-үөлгүн аймахтарыҥ эбэтэр волонтердар аҕалан биэрэллэр.

Онон бу ыарыы элбэх киһи өйүн-санаатын, быһыытын-майгытын уларытта. Тыа сирин, дэриэбинэ дьонун “мамбеттар” диэн дьаралыктыыр эбит буоллахтарына, билигин тыа сириттэн аһаан-сиэн олороллорун куораттар өйдөөтүлэр, дэриэбинэ, дойдуҥ салгына хайдах курдук туһалааҕын, сирин аһа дэлэйин, айылҕата кэрэтин эттэринэн-хааннарынан итэҕэйдилэр.

Мин дойдубар бу сайын кураанах турар дьиэ хаалбата. Оннооҕор куортамнааччылар да баар буолбуттар этэ. Онон, куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, тыаттан силистээхпитин-мутуктаахпытын биллибит, чугас дьоммут, эбэлэр-эһэлэр хайдах курдук чугастарын, туһалаахтарын итэҕэйдибит.

Ыалдьымыахха, чэгиэн-чэбдик олохтонуохха!

Айыына Атласова

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...