18.10.2020 | 14:29

Ыарыыны “чыпчаххайынан” кыайыахпыт дуо?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Учуонайдар суруйалларынан, коронавируспут мутацияланан, улам “сайдан, “тупсан” иһэр үһү. Сотору туохха да бэриммэт буолар кутталлаах. Онуоха икки атахтаах бэйэтэ бэйэтинэн ыарыы тарҕанарыгар, тэнийэригэр усулуобуйа олохтуур курдук.

Ол курдук, дьон-сэргэ ордук тоҕуоруһар сирдэригэр, уопсастыбаннай тырааныспарга мааскалаах сылдьыҥ диэн төһө эмэ этиллибитин үрдүнэн, эрэсиими тутуспат дьон син биир бааллар. Хомойуох иһин, ыарыыттан харыстанар уонна атыттары харыстыыр туһунан толкуйдаабат киһи элбэҕиттэн эпидемиологическай балаһыанньабыт тупсара саарбах.

Ааспыт нэдиэлэттэн административнай хамыыһыйа күн аайы куорат оптуобустарыгар эриэйдэ ыытар. Ол курдук, куорат суһал штаба нэдиэлэ устата 12 маршруту, ол иһигэр 47 уопсастыбаннай тырааныспары бэрэбиэркэлээтэ. Ол түмүгэр 27 оптуобус санитарнай ирдэбилгэ эппиэттээбэт буолан, линияҕа тахсара тохтотуллубут, 20 суоппары кытта кэпсэтии ыытыллыбыт. 7-с нүөмэрдээх оптуобуска элбэх кэһии баара бэлиэтэннэ. Суоппардар итэҕэстэрин суох оҥордохторуна эрэ үлэлии тахсаллар. Бу күннэргэ хонтуруол өссө күүһүрэр.

Күндү куорат олохтоохторо! Өскөтүн маҕаһыыҥҥа эбэтэр уопсастыбаннай тырааныспарга, дьон-сэргэ тоҕуоруһар сирдэригэр мааскалаах сылдьыы эрэсиимин тутуспаттарын бэлиэтии көрдөххүтүнэ, Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын биир кэлим приемнайыгар эрийэн үҥсүөххүтүн сөп. Төл.:  31-90-90. Айанньыттар, хаһыс нүөмэрдээх оптуобуһунан айаннаабыккытын, судаарыстыбаннай нүөмэрин хайаан да этэҕит.

Оптуобуһунан сылдьар сэрэхтээх

Таһырдьа тымныйан, сөтөллөн хахсыйар, ытырдар киһи элбээбит. Хайыахпытый, тимир көлөтө суохтар уопсастыбаннай тырааныспарынан сылдьарга күһэллэбит.

Наталья Волкова, куорат олохтооҕо:

–Сайын дьон мааскаларын кэтэллэр этэ. Күһүн диэки мааскалаах киһи аҕыйаабыта. Билигин төттөрү элбээтэ. Мааскалаах суоппары биирдэ эмит көрөбүн. Оптуобустар таһымнара ортоһуор. Сууйа-сото, хомуйа сылдьалларын хаһан да көрбөтөҕүм.

Элбэх киһи киирдэҕинэ, хайдах эрэ дьиксинэбин. Сутуллуом диэн куттанабын. Бэйэм мааскалаах сылдьа сатыыбын. Таһырдьа уһулабын. Дьон-сэргэ тоҕуоруһар сиригэр кэтэ охсобун. Ол эрээри тыынарга ыарахан, тиритэҕин. Маннык сылдьартан бары да хал буоллубут ини.

Уопсастыбаннай тырааныспар туһунан эттэххэ, тохтобулу биллэрэллэрэ олус үчүгэй. Сорохторго оннук суох. Дьон киирэр-тахсар кэмигэр суоппар ыксаабата ордук. Атахтара ыалдьааччылар, торуоскалаахтар бааллар. Саастаах дьон оптуобус баран хаалыа диэн ыксыыбыт. Түргэнник киирэ охсуохпутун баҕарабыт. Онон кыһын халтараан кэмҥэ кутталлаах.

Варвара Семенова, элбэх оҕолоох ийэ:

–Күн аайы сылдьыбаппын, ол эрээри уруккуттан 8-с нүөмэрдээх оптуобуһу кэтээн көрөбүн. Биһиги олорор уулуссабытыгар бу эрэ маршрут сылдьар. Үксүлэрэ ыраас. Суоппардар мааскалаах буолааччылар. Бэйэм мааска кэтэ, антисептик укта сылдьар буолан наадыйбаппын. Хомойуох иһин, харыстаммат дьон элбэх. Урут оскуолаҕа, оҕо уһуйааныгар оптуобустанар буоллахпытына, билигин туттуна сатыыбыт. Чугас эргин сатыы сылдьабыт.

Любовь Кобелева, үлэһит:

– Үлэбэр барарбар-кэлэрбэр, куорат устун оптуобуһунан айанныыбын. Куттаммытым иһин хайдах гыныахпыный, сылдьарбар эрэ тиийэбин. Биир-икки оптуобус суоппара кэтэр быһыылаах. Айанньыттар тустарынан эттэххэ, бары кэппэттэр. Салоннар наһаа ыраас буолбатахтар дии саныыбын. Дезинфекциялыы сылдьалларын көрбөтөҕүм, онон туох да диэн этэр кыаҕым суох. Мин эрэсиими тутуһабын.

Андрей Владимирович Косицкай, “СоюзАвто” тэрилтэ дириэктэрэ: Оптуобустарга дезинфекция үлэтэ тохтоло суох ыытыллар. Хас рейс кэннэ сууйаллар-сотоллор. Тырааныспар салаата административнай хамыыһыйаны кытта оптуобустар санитарнай туруктарын, суоппардар мааскалаах сылдьыы эрэсиимин тутуһалларын хонтуруоллууллар. Ону таһынан дириэктэрдэр эмиэ тиһэх тохтобулларга тиийэн бэрэбиэркэлииллэр. Кэһиилэр бааллар, суох буолбатахтар. Ол эрээри оннук айылаах улахан кэһии суох. Кэнники күннэргэ хонтуруол өссө күүһүрдэ. Суоппардар эмиэ ыалдьыахтарын сөп. Онон куорат олохтоохторун уопсастыбаннай тырааныспарга мааскалаах сылдьыҥ диэн ыҥырабыт.   

Киин куорат оптуобустарыгар салгыны ыраастыыр рециркулятордары туруортуур туһунан толкуйдууллар. Бу туһунан куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Евгений Григорьев куорат уопсай мунньаҕар иһитиннэрбитэ. Боппуруоһу “Союз Авто” тэрилтэни кытта бииргэ быһаарыахтара. Ол курдук, бэҕэһээ 41 №-дээх оптуобуска “Якутия” технопаарка салгыны ыраастыыр рециркуляторы туруорда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....