Ыарыһах оҕолор олорор дьиэлэрэ суох
«Киин куорат» эрэдээксийэтигэр инбэлиит уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор ийэлэрэ таҕыстылар. Кинилэр Ил Дархан Айсен Николаев аатыгар сурук бэлэмнээбиттэр. Сүрүн кыһалҕалара – Нерюнгригэ баар Судаарыстыбаннай бүддьүөттэн үбүлэнэр “СУВАГ” өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитациялыыр кииҥҥэ тиийдэхтэринэ, түһэр сирдэрэ суоҕа.
Главе Республики Саха (Якутия)
Николаеву Айсену Сергеевичу
от родителей детей инвалидов и детей с ограниченными
возможностями здоровья Республики Саха (Якутия)
Уважаемый Айсен Сергеевич
Мы, родители детей-инвалидов ежегодно ездим в г. Нерюнгри для реабилитации наших детей в ГБУ РС (Я) РЦ «Суваг». В РЦ «Суваг» наши дети получают комплексную программу реабилитации и абилитации. Здесь принимают детей с повреждениями в центральной нервной системе, задержкой психо-речевого развития, нарушениями слуха, речи и другими проблемами в развитии. Нам приходится ехать в такую даль, потому что именно в «СУВАГе» работают высококвалифицированные и опытные специалисты (логопеды, дефектологи и психологи), которые действительно помогли в обучении и развитии наших детей.
Детям с нарушениями в ЦНС, задержкой психо-речевого развития, нарушениями слуха и речи очень сложно адаптироваться в нашем мире, им нужен особенный подход и методы обучения. В «СУВАГе» наши дети получают реальную помощь и скачки в развитии, которые мы каждый раз видим после курса реабилитации.
Но, к большому сожалению приехав в такую даль с больными детьми, мы сталкиваемся с проблемой жилья. Не смотря на то, что при РЦ «СУВАГ» имеется малокомплектное общежитие, располагающееся в 4-х комнатной квартире, куда могут вместиться, только четыре семьи, а в одном заезде в «СУВАГ» поступают около ста детей, нам приходится арендовать жильё.
В последние годы цены на аренду жилья в г. Нерюнгри варьируются от 1500 до 2000 рублей в сутки, итого мы на один заезд (21 день) тратим в среднем от 31000 до 45000 тысячи рублей только на аренду жилья, не считая расходов на проезд, питание и прочее. Исходя из личного опыта пребывания в РЦ «Суваг», чтобы получить видимый результат от реабилитации нашим детям необходимо, минимум 2 заезда (42 дня), а это уже 84 000 тысячи рублей.
Цены на аренду жилья в г. Нерюнгри из-за высокого спроса растут не по дням, а по часам. Арендодатели с радостью пользуются нескончаемым потоком семей, с детьми-инвалидами и безжалостно завышают цены. Для нас, семей с детьми-инвалидами и с ограниченными возможностями здоровья это непосильная сумма. Среди нас есть матери-одиночки, отцы-одиночки, вдовы, которые не могут работать, потому что ухаживают за своими детьми-инвалидами.
В связи с вышесказанным, мы обращаемся, к вам с огромной просьбой рассмотреть вопрос о строительстве или же обеспечением места в общежитии для всех семей, проходящих реабилитацию в РЦ «СУВАГ». Для нас это была бы огромная и реальная помощь.
С уважением, родители детей-инвалидов и ОВЗ.
Саха сиригэр соҕотох
Инбэлиит оҕолор төрөппүттэрэ сылга биирдэ-иккитэ Нерюнгригэ баар “СУВАГ” кииҥҥэ тиийэллэр. Манна кинилэр реаблитация уонна абилитация комплекстаах бырагыраамаларын ааһаллар. Киин ньиэрбэ систиэмэтигэр, психикаларыгар, тылларыгар, истэллэригэр кэһиллиилээх, сайдыыларыгар уонна да атын хаалыылаах оҕолору эмтиир. Саха сиригэр “СУВАГ”-ка эрэ үрдүк квалификациялаах уонна уопуттаах исписэлиистэр (логопедтар, дефектологтар уонна психологтар) бааллар. Дьон чахчы туһанар буолан, онно тардыһар.
Доруобуйаларыгар араас хааччахтаах, ыарахан диагнозтаах оҕолор тулалыыр эйгэҕэ, бу сиргэ олороллоругар туспа адаптация бараллара наада, онно анал үөрэхтээх дьон көмөтө эрэ туһалыыр кыахтаах. «СУВАГ»-ка эмтэнэн, оҕолор туһаналлара, сайдаллара харахха быраҕылларын, хас биирдии реабилитация кууруһун кэнниттэн эбиллэллэрин төрөппүттэр кэпсииллэр.
Ол эрэн итиччэ ыраах эмкэ тиийэн баран төрөппүттэр түһэр дьиэлэрэ суоҕа улахан кыһалҕаны үөскэтэр эбит. Дьиҥэ, “СУВАГ” иһинэн “малокомплектнай” диэн олорор сирдээхтэр, онтулара, аата да этэрин курдук, олус кыра – 4 хостоох кыбартыыра; ол эбэтэр 4 дьиэ кэргэн киирдэ да, миэстэ бүтэр. Оттон “СУВАГ” биир сезонугар 100-һү куоһарар оҕо кэлэн реабилитацияланар.
Куортам – бас быстар сыанаҕа
Аны туран, алдьархайтан ас таһааран диэбиккэ дылы, Нерюнгри куоракка куортамҥа бэриллэр дьиэ сыаната бас баттах барбыт. Билигин саамай чэпчээбитэ сууккаҕа 1500-2000 солк. сыаналаах кыбартыыралар бааллар. Биир эмтэнии уонна реабилитация кууруһа 21 күннээх. Ол аата төрөппүттэр 31 000 – 45 000 солк. аҥаардас хонон турар сиргэ төлүүллэр. Бу сыаналаах бырайыас, ас-таҥас ороскуотун үрдүнэн. Ийэлэр кэпсииллэринэн, реабилитация туһата биллэрин наадатыгар, “СУВАГ”-ка аччаабыта икки квотаҕа, о.э. 42 хонук реабилитацияланыахтаахтар, ол аата 84 000 солк. дьиэ куортамныырга барар.
Дьон наадыйар буолан, куортам сыаната бэрэски тиэстэтин курдук үллэ турар диэн ийэлэр муҥатыйаллар. Арыандаҕа биэрээччилэр, дьон кыһалҕатынан туһанан, киминэн да хонтуруолламмат сыаналары быһаллар. Ити этэр сууккаҕа 1500-2000 солк. төлөбүрдээх кыбартыыралар олох мөлтөх туруктаах, өрөмүөнэ суох кэриэтэ буолаллар эбит.
Инбэлиит оҕолоох ыаллар истэригэр, хомойуох иһин, аҥаардас аҕалар уонна соҕотох ийэлэр элбэхтэр, кинилэр толору чаастаах, үрдүк хамнастаах үлэҕэ үлэлиир кыахтара суох, оҕолорун көрөөрү-истээри, дьарыктаары үлэлэриттэн уурайан хамнаһа суох аҥардас инбэлиит оҕо биэнсийэтигэр олороллор. Ыарахан диагноһы өйдүүр, ылынар тустаахтарга эмиэ ыарахан, ыарыһах оҕо төрөөтөҕүнэ, ыал үрэллэн хаалара эмиэ баар суол.
Ийэлэргэ ким көмөлөһөрүй?
Ол иһин доруобуйаларыгар хааччахтаах уонна инбэлиит оҕолордоох ийэлэр өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан Нерюнгри куоракка реабилитацияны ааһар усулуобуйаны тэрийэллэрин ирдииллэр, көмө буолуҥ диэн көрдөһөллөр, анал дьиэ туталларыгар эбэтэр уопсай дьиэ аныылларыгар этиилээх Ил Дархаҥҥа суруктаах тахсан эрэллэр.
Светлана Терентьева: “Дьокуускайтан Нерюнгригэ сылга биирдэ баран кэлэбит. Киин куоракка “СУВАГ” курдук таһымнаах реабилитациялыыр киин суох. Манна баай уопуттаах исписэлиистэр баалларын иһин талаһабыт. Кыбартыыра сыаната наһаа ыарахан. Ыараханын таһынан, булар кытта уустук буолла. Арыандаҕа биэрээччилэр уһун болдьоххо биэрэ сатыыллар, биһиги буоллар 21 күҥҥэ ыла сатыыр буоллахпыт.
Билигин сыана өссө ыараабыт. Онон биир сырыыга 25 000 тыһ. солк. буллаххына, үөрүөххүн сөп. Агентствонан дьиэ көрдүөххэ сөп, ол ботуччу комиссиялаах буолар.
“СУВАГ” бэйэтин дьиэтин наар сурах хоту “баар үһү” эрэ диэнинэн билэбит. Онно элбэх киһи баппата биллэр. Мин, холобур, биирдэ даҕаны тиксэ иликпин.
Оҕом инбэлиит буолан сылга биирдэ төлөнөр бырайыастаах, онтубутун бастаан бэйэбит уйуммуппут эрэ кэннэ толуйаллар. Холобур, былырыын саас суол мөлтүүр кэмигэр түбэһэн, сөмөлүөтүнэн барбыппыт. Оннукка тута элбэх сууманы ууран биэрэр харчы мунньунуохха наада. Нерюнгригэ тиийээт, сонно кыбартыыраҕын төлүөхтээх буоллаҕыҥ. Онон биир баран кэлии 150-200 тыһ. солк. тиийэр диэн аахпыппыт, ону даҕаны харчыгын олох кэмчилээн тутуннаххына.
Инбэлииттэргэ сылга биирдэ эрэ бырайыас көрүллэр, иккистээн бараргын бэйэҥ уйуннаххына эрэ сатанар”.
Нина Осипова: “Дьокуускайга олоробут, оттон проспискабыт улууска. Ол иһин реабилитациябыт квотатын улуустан ылабыт. Сылга биирдэ түбэһэбит. Урут квота син элбэх уонна реабилитациябыт 45-тии күннээх буолара, билигин – 21 хонук.
Саҥа дьыл кэнниттэн бара сылдьыбыппыт. Сырыы аайы дьиэбитин-уоппутун бэйэбит куортамныыбыт. “СУВАГ” уопсай дьиэтигэр түбэһэ иликпин. Билэр дьон сыаната да, усулуобуйата да ыарахан дииллэр. Хоско иккилии дьиэ кэргэни олордоллор үһү, ыарыһах оҕолоох дьоҥҥо оннук табыгаһа да суох буоллаҕа. 2018 сыллаахха тиийэрбэр ол дьиэлэрэ биир дьиэ кэргэнтэн 8-тыы тыһ. солк. этэ. Билигин сыанатын билбэппин. Ковид кэмигэр сабыллан турбута.
Мин оҕом 2017 сыл бүтэһигэр инбэлииккэ тахсыбыта. Онон 2018 сылтан саҕалаан “СУВАГ”-ка тиэстэбит. Нерюнгригэ икки сыл көһөн тиийэн олоро сылдьыбытым.
Дьокуускайга Сэргэлээх шоссетыгар баар реабилитационнайга биирдэ да сылдьыбатаҕым. Соҕотох ийэбин, оҕобун куорат иһигэр таксинан эҥин таһар ыарахаттардаах, оҕобор да сылаалаах. Нерюнгри кыра куорат буолан, төһө баҕарар сатыы сылдьарга табыгастаах.
Нерюнгрига олоро сылдьан социальнай наймылаһыынан дьиэ көрдөһөн көрбүтүм. Билигин ол уочаратым ханна тиийбитин билбэппин эрээри, тылларынан быһаарбыттарынан, Нерюнгри территориятыгар икки детдом баара бэйэлэрин да оҕолоругар тиийбэт эбит. Онон кыбартыыра былдьаһык дойдута.
Аны туран “Колмар” курдук улахан тэрилтэ чох хостооһунунан бу кэнники сылларга күүскэ дьарыктанан эрэр. Арассыыйа соҕуруу өттүттэн көһөн тиийии элбээтэ. Чох хостооһуна сайынна, хамнастара үрдээтэ, үлэһиттэр хастыы да буолан олоруохтарын сөп. Ол иһин арыандаҕа биэрээччилэр сыаналара аһара эбилиннэ. Ол “Колмар” сайдарын сабыдыалыгар биһиги, ыарыһах оҕолоох ыаллар, сир халлаан ыккардыгар хаалар кутталланныбыт.
Нерюнгригэ “СУВАГ”-тан ураты норуокка биллэринэн “ДЦП-Киин” диэн реабилитация киинэ баар. Ону таһынан коррекционнай уһуйаан элбэх. Ийэлэр ол иһин ити куоракка көһөн бараллар. Ыарахан диагнозтаах оҕолору кытта үлэлиир ньымалара үчүгэй баҕайы, исписэлиистэр да үлэлии үөрүйэхтэр. Мин оҕом онно икки сыл уһуйааҥҥа сылдьыбыта, дьоммор чугас буолаары Дьокуускайга төттөрү көһөн кэлбитим, оҕобун коррекционнай оскуолаҕа биэрбитим.
Доруобуйатыгар хааччахтаах оҕону улаатыннарар ийэ быһыытынан, атын ийэлэри аһына көрөбүн. Холобур, 2-3 саастаах кырачааннарга ОВЗ диэн диагноз туруораллар, кинилэр инбэлииккэ тахсыбаттар, ол аата бырайыастара да төлөммөт. Ийэлэр биир реабилитация куурсугар аҥаардас кыбартыыра куортамныырга 42 000 солк. төлүүллэр. Дьиҥэ, сылга иккитэ реабилитацияны ааһыллыахтаах, харчытыгар таһаардахха, ол эмиэ баһаам”.
Мария Иванова: “Биһиги Ил Дархаҥҥа сурукпут ис хоһооно барыта манна толору этилиннэ. Ыарыһах оҕолордоох дьиэ кэргэттэр “СУВАГ”-ка тиийэн реабилитацияны ааһалларыгар олорор дьиэнэн хааччыйыыга өйөбүл туруорсабыт. Биллэн турар, саҥа анал дьиэ тутуллара буоллар, улахан үөрүү буолуо этэ, тутуллубатаҕына даҕаны, өрөспүүбүлүкэбит салалтата тугу эмэ тобулан көмөлөһүө диэн эрэх-турах санаалаахпыт. Саатар дьиэ куортамныыр ороскуоппут сорҕотун сабар көмө оҥоһуллара буоллар. Статистика көрдөрөрүнэн, ОВЗ, РРЗ, онтон да атын диагнозтаах, кэһиллиилээх, итэҕэстээх оҕо ахсаана сыллата эбиллэн иһэр. Айылҕаттан талааннаах оҕолору өйүүргэ бүддьүөттэн баһаам элбэх үп баранар курдук, оттон кыратык хаалыылаах, ситэ сайдыбатах оҕолорго болҕомто кыра. Дьиҥэ, киһини барытын тэҥнии тутан, ыарыһах оҕолор кэмигэр реабилитацияланалларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийии – Саха сирин сайдыытыгар эмиэ кылаат буоларын былаастар өйдүөхтэрин наада”.
Хаартыскалар интэриниэт ситимиттэн ылылыннылар