29.09.2023 | 10:00

Ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытын бэрээдэктииргэ уолдьаста

Дьокуускай Уопсастыбаннай палаатата куорат уокуругар уулусса-суол ситиминэн ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытыгар хааччахтааһыны киллэрэр туһунан уопсастыбаннай дьүүллэһиини тэрийдэ.
Ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытын бэрээдэктииргэ уолдьаста
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Мунньахха куорат суолун, чуолаан саҥа аспаалламмыт, өрөмүөннэммит уулуссалары ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытыттан харыстыырга туох миэрэлэр наадаларын кэпсэттилэр. Тэрээһиҥҥэ ГИБДД, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Массыына суолун судаарыстыбаннай хонтуруолун территориальнай салаатын, суол сулууспаларын, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ, урбаанньыттар кытыннылар.

Василий Петрович Амбросов, Олохтоох дьаһалта Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар управлениетын начаалынньыга:

Олохтоох дьаһалта 2020 сыл от ыйын 6 күнүнээҕи 192 №-дээх «Дьокуускай куорат уулусса-суол ситиминэн ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытын тэрийэр туһунан» уурааҕар олоҕуран, маннык уулуссаларынан 3,5 туоннаттан үөһэ ыйааһыннаах тиэхиньикэ сырыытын схемата олохтоммута: Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул., – Б. Чижик уул., – Хабаров уул., – Чернышевскай уул., – Покровскайдыыр суол (уонна төттөрү өттүгэр); Покровскайдыыр суол – Автодорожнай уул., – Красильников уул., – Лермонтов уул., – Петровскай уул., – Хатыҥ Үрэх шоссета – Бүлүүлүүр суол (уонна төттөрү өттүгэр); Бүлүүлүүр суол – Объездной шоссе – Окружной шоссе – Өктөөп 50 сыла Автострада  – Можайскай уул., – Марха дьоҕус оройуонугар Экспериментальнай уулусса (уонна төттөрү өттүгэр).

Ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ итинтэн атын суолларынан сылдьар буоллаҕына, кини сырыытын тэрийээччи «Росдормониторинг» ФХТ сайтын нөҥүө маршрутун чопчу ыйан туран сайабылыанньа суруйуохтаах. Ити кэнниттэн маршрут биһиэхэ сөбүлэһиннэриигэ кэлэр.

Ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ куоракка киирэрин хааччахтыыр туһааннаах суол бэлиэлэрэ туруохтара. Итиэннэ куорат уулуссаларыгар хаартыскаҕа түһэрэр, видеоҕа устар камералары, ол иһигэр Эргэ Покровскайдыыр суолга, Птицевод, Н. Антонов, Бабушкин, Очиченко, Р. Зорге, Речниктэр уулуссаларыгар туруорабыт. Эһиил саас ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ куоракка киирэрин хааччахтааһыҥҥа былааннаммыт үлэни ыытыахпыт.

Суолга хааччахтыыр бэлиэлэр туралларын да үрдүнэн ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытын тохтоппот, суол быраабылаларын кэһэр түбэлтэлэрэ тахсаллар. ГИБДД үлэһиттэрэ сөптөөх миэрэлэри ылыналлар.

Мунньах кыттыылаахтара биир кэлим миэрэлэри киллэрии, ол иһигэр ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытын хааччахтааһыны күүһүрдүү, куорат киинигэр, уулусса «хорук тымырдарыгар» ноҕуруусканы аччатыа, массыына сырыытын аҕыйатыа, харгыһы таһаарыа суоҕа этэ диэн санааларын үллэһиннилэр. Ол эрэн ити миэрэлэр урбаанньыттар үлэлэригэр мэһэйдиэ суохтаах диэн этилиннэ.

Итини сэргэ олохтоохтор ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ ордук чааһынай секторга суолу алдьатарын, онтон сылтаан улахан мэһэйдэри көрсөллөрүн этэн туран, салалта өттүттэн суолларын оҥороллорун туруорустулар.

Галина Михайловна Осипова, куорат олохтооҕо:

– Автодорожнай уокурукка, Эргэ Покровскайдыыр суол 9 км, чааһынай секторга 1996 сыллаахтан даачалаахпыт. Дьиҥэр, «ИЖС», ону даача курдук сайын эрэ олоробун. 2021 сыл ыам ыйыгар Көтөр фабрикатын суолун оҥорбуттара. Сүүһүнэн массыына тутар матырыйаалы, суол оҥоһуутугар туттар таастаах кумахтарын, ууну ыытар лотуоктарын барытын хонуубутугар куппуттара. Итинтэн таһаннар Көтөр фабрикатын суолун туппуттара. Ол саҕана «Звезднай» кыбаартал тутулла илик кэмэ. Итиннэ аппа баарын олохтоохтор бэйэлэрэ суол оҥорбуттара. Бу суолунан фабрика суолугар тутуу матырыйаалын бөҕө таспыттара. Инньэ гынан, 2021 сылтан саҕалаан биһигинэн ааһан, ыарахан уйуктаах массыыналар кэлэн-баран суолбутун дэлби алдьаппыттара. Биһиги чалбахпытын массыыналар кэһэннэр дэлби кэҥээн, дириҥээн хаалбыта. Итиннэ туохта эмит кутан биэриҥ диэн этэн көрбүппүтүн биһиги былааммытыгар суох диэн аккаастаан кэбиспиттэрэ.

Аны бэс ыйыгар Эргэ Покровскайдыыр суол тутуута саҕаламмыта, сүрүн уонна маҥнайгы проезка киирэр суолу аспааллаабыттара, оттон биһиги диэки хонууга киирэр суолу тыыппатахтара, саатар буор да куппатахтара. Биһигиттэн Эргэ тракка диэри 300-чэ миэтэрэ тэйиччи.

Итинтэн ыла биһиги, олохтоохтор, эрэй бөҕөнү көрө сылдьабыт. Быйыл саас 1 маай бырааһынньыгар, дьон көмөлөһөн, бадарааммытын нэһиилэ туораабыппыт. Кыра массыына тимирэ-тимэрэ барар бадараана. Инньэ гынан икки нэдиэлэ устата даачабар кыайан көспөккө хаайтаран олорбутум. Биһиги аттыбытыгар 60-ча дьиэ баар. Мин бастаан көһөн кэлбит дьонтон биирдэстэрэбин, учаастакпын 1994 сыллаахха биэрбиттэрэ. Уота да, уута да суох сир этэ, Сосновкаттан уотугар холбонон олорбуппут. 2015 сыллаахха гаас киллэртэрбиппит.

Бу мунньахха кэлэн бэйэм санаабын эттим, суолбут оҥоһуутун туруорустум. Олохтоох дьаһалта Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов хаар түһүөр диэри суолгутун барытын көннөртөрүөхпүт диэн эрэннэрдэ, онон кэтэһэбит.

Мунньах кыттыылаахтара куоракка киириигэ ыарахан уйуктаах массыына ыйааһынын хонтуруоллааһыны тэрийии, тутуу эбийиэктэригэр инертнэй матырыйааллары тиэйии, хааччахтыыр бэлиэлэри туһааннаах учаастактарга туруоруу туһунан ыйыталастылар.

Киирбит этиилэр уонна ыйытыылар уопсастыбаннай мунньах боротокуолугар киирдилэр.

Матвей Иванович Лыткин, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ:

– Уопсастыбаннай палаата 40-50 туонналаах массыыналартан киин куорат суолун ситимин харыстыыр, кинилэр куоракка киириилэрин хааччахтыыр, бэрээдэктиир туһуттан уопсастыбаннай мунньаҕы тэрийдибит. Манна Олохтоох дьаһалта сүрүн салааларын салайааччылара, Уопсастыбаннай палаата чилиэннэрэ, куорат олохтоохторо, урбаанньыттар кытыннылар. Суол хаһан баҕарар тыын боппуруоһунан буолар. Сайын устата куорат уулуссалара өрөмүөннэнэн, аспаал ууруллан, суоллар сабылланнар нэһилиэнньэ сөптөөҕүн эрэйдэммит буолуохтаах. 

Сүрдээх элбэх боппуруоһу дьүүллэстибит, иһиттибит. Холобур, Норуодунай фронтан Олег Геннадьевич Маклашов Покровскайтан кэлэр суолга аспаала алдьанна, итиннэ туох миэрэ ылылларый диэн боппуруоһу көтөхтө. Олохтоох дьаһалта аатыгар элбэх этии киирдэ. Ол курдук, мунньах кыттыылаахтара куоракка киириигэ хайаан даҕаны ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ ыйааһынын хонтуруоллааһын баар буолуохтаах диэн туруорустулар. Биллэн турар, 20-тэн тахса туонналаах массыыналар куоракка киирдэхтэринэ саҥа аспаалламмыт суоллары алдьаталлара чуолкай. Ол иһин, куорат суолларын харыстыыр курдук, ити этиллибит тиэхиньикэ ыйааһынын хонтуруоллааһын булгуччу баар буолуохтаах. 

Таһыттан тутуу матырыйаалын аҕалар тэрилтэлэр бэйэлэрэ итини көрүөхтээхтэр уонна чуолаан сир ирэн суол алдьаныытын кэмигэр, холобур, ыам-бэс ыйдарыгар сырыыларын аччатыахтарын эбэтэр тохтотуохтарын наада. Дьон ити кэмҥэ куорат иһигэр ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ киириитин бобуохха наада диэтилэр. Итиэннэ улахан кээмэйдээх массыына кыайан ааспатын курдук, суолга ааркалары оҥоруохха диэн этии киирдэ. Ону таһынан «перевалочнай»  бааза баар буолуохтаах, оччотугар тутуу тэрилтэлэрэ кыһыҥҥы өттүгэр тутуу матырыйаалларын эрдэ таһан бараннар, кэлин, 20 туоннаттан чэпчэки ыйааһыннаах массыыналарынан эбийиэктэргэ тиэйиэхтэрин сөп диэн этилиннэ.

Итиэннэ ордук 17-с кыбаарталга үгүс массыына сылдьар уонна автомойка наһаа элбэх, ууларын барытын куоракка куталлар, аны уулуссаларга ууну ыытар лотуоктар суохтар, кирдээх уулара барыта чааһынай дьиэлэргэ киирэр диэн этиллибитэ оруннаах. Инньэ гынан куораппыт тас көстүүтэ мөлтүүр, сатыы сылдьар дьоҥҥо, чуолаан оҕолорго, саастаах дьоҥҥо мэһэйи үөскэтэр. Ууттан мэһэйдэтэн кинилэр массыына сылдьар суолунан эрэ хаамар кыахтаахтар. Ол, биллэн турар, олус сэрэхтээх. Көрүүтэ-истиитэ суох оскуолаҕа бэйэлэрэ сатыы айанныыр оҕо элбэх. Кинилэргэ суолтан тэйиччи тротуар баара буоллар диэн этилиннэ. Нэһилиэнньэ өттүттэн итинник хабааннаах элбэх ыйытыы киирдэ.

Олохтоох дьаһалта өттүттэн ити этиллибит кыһалҕаларга сыһыаннаах былааннар бааллар диэн этиллибитэ нэһилиэнньэни арыый да уоскутта диэххэ наада. Ол курдук ыйааһыны хонтуруоллааһыны киллэрии былааҥҥа баар. Олохтоох дьаһалта Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов эппитинэн, улахан габариттаах тиэхиньикэ кыайан ааспатын курдук ааркалары оҥорор кыах баар эбит. Саҥа оҥоһуллубут суол хаачыстыбатыгар сыһыаннаах хонтуруол баар эбит буоллаҕына, аны билигин бэйэбит алдьаппат буола сатыахтаахпыт. Суолбут уһун үйэлээх буоларын курдук бары харыстыахтаахпыт. Ирбэт тоҥ үрдүгэр олорор буоламмыт, температура хамсааһыныгар суол-иис түргэнник алдьанар, ону эбиитин тэпсэн биэрдэхпитинэ сылын аайы өрөмүөннүүргэ күһэллэбит. Мунньахха киирбит этиилэри уонна ыйытыылары боротокуолга тиһэн, куорат салалтатыгар туттардыбыт, туолуутун хонтуруоллуохпут. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...