22.03.2021 | 09:34

Ыарахан тыыннаах үрүксээк

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ферма үлэтэ бүппэт түбүктээх. Суоппуйа үчүгэй ыанньыксыттар ахсааннарыгар киирэр. Бу кэнники үс күҥҥэ, ынахтарын сыыһа-халты ыаталаан, саахтарын онон-манан күрдьэн баран, дьиэтигэр тиэтэйэр аакка сылдьар.

Алта саастаах кыыһа ыалдьан баран, үтүөрүөхтээҕэр буолуох, күн-түүн бэргиир. Сөтөллөр оҕону олох күүһүнэн оҕо саадыгар сырытыннаран көрбүтэ да, дьиэҕэр сытыаран эмтээ диэн модьуйбуттара. Дьэ, бу бүрүүкээн турар кыһыҥҥы аам-даам тымныыларга оҕотун сүүрдэ быластаан хаамтарарын санаан, бэйэтин буруйданар. Күөмэйин ыарыыта олох үтүөрбэт, ириҥэтэ хойдон иһэр. Биир киэһэ биэссэри ыҥыран бэргээтэ диэн көрдөрбүтүн, сарсын сопхуос балыыһатыгар ыытабын диэн кумааҕы суруйан хаалларар. Сарсыныгар суол көрдөһөн, балыыһаларыгар киирэллэр. Ириҥэлээххит диэннэр, будка курдук балыыһа дьиэҕэ сыста турар туспа изоляторга  сытыараллар. Онтулара киһи соно суох тулуйан олорбот тымныыта, түүнүн баары барытын бүрүнэн, оҕотун бэйэтигэр ыга кууһан утуйда. 

Суоппуйа сарсыарда ымынахтанным дуу диэн, куттаныар дылы тарбанан уһугунна. Тураат бэйэтин, онтон кыыһын этин көрдө, туох да суохха дылы. Онтон кулакы буоллаҕа дуу диэн утуйар таҥаһы сыныйан көрбүтэ, доҕоор, тэллэх сиигэр кып-кыймаҥнас быттар олороллор. Кинилэр киирэллэригэр биир оҕонньор куһаҕан буолбутун таһаарбыттара, ол сордоох быта буоллаҕа. Хайдах манна салгыы  хонорбут буолла диэн сонньуйан олордоҕуна, эбиэт саҕана быраас киирэн, хомунуҥ, оройуон киинигэр киирэҕит диэн үөртүлэр. Оройуон балыыһатыгар да киирэн өр буолбатылар, синиимэккэ түһэрбиттэрэ, олох даҕаны кыыһа дьуолка оонньуурун ыйыыр ачаах курдук  боробулуохатын ыйыстан кэбиспитэ баран, куолайыгар тирэнэ турунан кэбиспит диэтилэр. Оҕо котоку куттанан эбитэ дуу, өйдөөбөккө эбитэ дуу, ийэтигэр эппэтэх, тура-тура күөмэйим ыалдьар эрэ диэхтиир эбит, кэлин ириҥэрэн төрүкү саҥарбат да буолбут.  Ол курдук Суоппуйаны кыыһын кытта куоракка көтүтэллэр. Быраастар эпэрээссийэ оҥороору арыйан баран, ириҥэтэ тарҕаммыт диэн аккаастаан төттөрү сабан кэбиһэллэр, систиэмэҕэ сытыараллар. Суоппуйа куорат быраастара аптаахтарын курдук санаан, баҕар, оҕом бэйэтэ эмтэн туруулаһан үтүөрүө диэн эрэнэр, куттанан тугу да ыйыппат, сөбү кытта сылдьар. Биллэ мөлтөөбүт оҕотун имэрийэ-имэрийэ сыллаахтыыр, хайыай, көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан, кистээн титирэстээн ытаан эрэ ылар.

Палааталарыгар икки киһи сытар. Өйдөөн көрбүтэ, биир эмээхсиҥҥэ аһылыгын аҕалан тумбаҕа ууран биэрээт баран хаалаллар, ону ылан сиир кыаҕа суох курдук сытар. Дьоно да биллибэттэр. Суоппуйа арыый чугаһаан кыралаан кэпсэтэр, онтон устунан аһатар. Киэһэлик соттору инчэтэн, сууйар-тарыыр. Били эмээхсин диэбитэ, олох да эдэрчи дьахтар эбит. Ол курдук үс-түөрт күн көрөр-харайар. Биир сарсыарда кыысчаанын тыына быстар. Суоппуйа ыар ынчыга суох хараҕын уута тохтоло суох бэйэтин дьаалатынан сүүрэр, хайдах, ханна барарын, тугу гынарын билбэт буола ыгылыйар. Ол күн порка тиийэн муна-тэнэ сылдьан, биир хоту дьахтарын кытта билсэн кэпсэтэр, санаатын үллэстэр. Үөһэттэн кэлбит илдьити, Суоппуйаҕа тиэрдээри күүппүт курдук, дьахтара  биир тыынынан туһалаах сүбэни этэн-тыынан кэбиһэр, эбиитин көмөлөһүөм диэн тылланан дьиэтигэр таһаартыыр.  Маҕаһыынтан саамай улахан үрүксээги булан атыылаһаллар, кыыһы атаҕын кумуччу  куустаран, бырастыынаҕа суулаан баран, онно иһигэр уган олордон кэбиһэллэр. Тулатыгар буолар-буолбат курууска, кинигэ, кыра элбэх бөх-сах ыга симэллэр. Суоппуйа сарсыныгар дьиэтигэр көтөөрү порка киирэр. Ыгыччы симиллибит ыбыс-ыарахан, тэстээри гыммыт хабах курдук үрүксээгин чинчийэн көрөөччү иннигэр нэһиилэ көтөҕөн ылан уурар. Кытаанах көрүүлээх, нуучча эр киһитэ Суоппуйа үрүксээгин аа-дьуо арыйар. Биир кинигэни хостоон уурар, онтон биир ньуоска, курууска, таапачыка аҥаара, соттор, эмиэ курууска. Суоппуйа олох уҥара буолар, субу-субу саба тутан харбыалаһар. Били киһитэ кыра мээчик хостуур, эмиэ курууска хостонор. Суоппуйа ийэ-хара көлөһүнэ бары сүүрэр, титирэстиирэ күүһүрэр. Киһитэ үрүксээги таһыттан туппахтыыр, онтон эмискэ “ладно, идите...” диэт үрүксээги киниэхэ төттөрү үтүрүйэн кэбиһэр. 

Суоппуйаа, оо, котокуу...  Остуолга чэйдэтэ олорон кэпсии-кэпсии ууйа-хаайа суох ол кэмнэргэ ытаабатаҕын ытыыр. “Дьэ, ол кэннэ арыгыны атас оҥостон иһэр буолбутум, дууһам ыарыытын атыннык уйар күүһүм ончу тиийбэт, кыысчааммын дойдутугар аҕалан харайбыт эрэ дьоллоохпун”, – диэт, номнуо бокоорбут илиилэрин мускуйаахтыыр. Ол кэннэ үс оҕону төрөппүтүм да, сүтүкпүн солбуйбатылар диэн дириҥ ыардык үөһээ тыынан ылар... 

(Бу Суоппуйа аата уларытыллыбыта, кини олоҕор көрсүбүт ыар баттык санаатын 1985 сыллаахха бу курдук  арыллан үллэстибитэ. Били балыыһаҕа сытан харайбыт дьахтар кини  аадырыһын ылан хаалбыт уонна субу-субу баһыылка ыытар эбит).

Сыдьаайа

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...