28.11.2024 | 10:00

Яна Угарова: «Айар эйгэ ураты салгынын эрэдээксийэ мас истиэнэтиттэн иҥэриммит буолуохтаахпын»

Яна Угарова:  «Айар эйгэ ураты салгынын эрэдээксийэ мас истиэнэтиттэн иҥэриммит буолуохтаахпын»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

«Эдэр коммунист» хаһыакка «Яна Угарова, УрГУ, журфак» диэн илии баттааһыннаах заметканы көрөн бараммын, Свердловскай куоракка УрГУ диэн баарын билбитим. Онон, Яна Угарова, бэйэтэ да билбэтинэн, суруналыыстыкаҕа сирдээбит киһим. Хаһыат күүһэ диэн, дьэ, бу буоллаҕа!
Ситэри үөрэммэт быабар буолуо, университет аана олус да ыарахан этэ ээ. Онтон тыһыынчанан устудьуон үөрэнэр сиригэр ол хаһыат нөҥүө «билэр» Яна Угаровабын общежитиеҕа биир хоско олорор нуучча кыыһын көрсө түһэммин сирдэтэн булан, улахан куоракка саха саҥатын истибитим күндү да этэ... Такыммытыгар диэри охсуллар уһун хара суһуохпутун иннибитигэр түһэртэрэн баран, нуучча кыргыттара ортобутугар туран хаартыскаҕа түһэллэрэ, Яна гитаранан ыллыырын уопсай оҕолоро тулалаан олорон истэр киэһэлэрэ бүгүн даҕаны умнуллубаттар.
"Саха тыла 400" бырайыак тэрээһинигэр кэлэн олорон, дьэ, итинник, эдэр сааспар буолан ааспыт түгэннэрбин санаан аастым...
Онон, «Киин куорат» бүгүҥҥү ыалдьыта – Яна Иннокентьевна Угарова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Журфикс» сурунаал төрүттээччитэ, уопсастыбаннай диэйэтэл.

– Кэпсэтиибитин ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрииттэн саҕалыах.

– Дьокуускайга төрөөбүтүм, улааппытым. Аҕам Угаров Иннокентий Спиридонович учуонай, ийэм Варвара Николаевна суруналыыс. Куорат 2-с №-дээх оскуолатын бүтэрэммин, Ураллааҕы судаарыстыбаннай университет (УрГУ) суруналыыстыка факультетыгар үөрэммитим.

Төрдүс куурус кэнниттэн «Молодежь Якутии» хаһыакка штатнай үлэһитинэн киирбитим. Ол кэмҥэ 90 000 тираһынан тахсар өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан хаһыат этэ. Суруналыыс быһыытынан саҕалаабыт хаһыаппар кэнники кылаабынай эрэдээктэр буолбутум. Өр кэмҥэ эрэдээктэр быһыытынан "Якутский университет", "Молодая Пресса" хаһыаттарга үлэлээбитим.

Онтон 2005 сылтан «Журфикс» сурунаалы таһаарабын. Маны сэргэ "Яна Угарова" диэн ютуб-ханааллаахпын. Бу бырайыакпынан икки төгүллээн Арассыыйа таһымнаах куонкуруска кыттаммын, Эрмитажка стажировкаланар чиэстэммитим. Уопсастыбаннай үлэҕэ элбэх бириэмэбин уурабын. Ырыа бырайыагар ааптар-толорооччу быһыытынан үлэлэспитим ыраатта. Дьокуускай куорат полициятын иһинэн уопсастыбаннай сүбэ бэрэссэдээтэлэбин. Кылгастык эттэххэ, итинник.

– Оҕо сааскыттан суруналыыс буолар баҕа санаалааҕыҥ дуо?

– 10 саастаахпар ийэм: «Учууталыҥ туһунан суруй», – диэн  эппитин эрэ иһин, кыракый заметка суруйбутум. Ол "Эдэр коммунист" хаһыакка тахсыбыта. Миэхэ ордук «Яна Угарова» диэн илии баттааһынтан үөрүү баара.

Оҕо сылдьаммын муусуканан олус умсугуйан дьарыктаммытым. Улааттахпына пианист буолуохпун баҕарарым. Онтон суруналыыс буолар толкуй 14-15 сааспар кэлбит буолуохтаах.

Ити кэмтэн "Молодежь Якутии" хаһыакка бэчээттэнэр буолбутум. Олус элбэхтик суруйарым. Манна миэхэ Инна Николаевна Феоктистова уонна бастакы эрэдээктэрим Людмила Николаевна Левина үтүө сүбэһит буолбуттара. Оччолорго Дьокуускайга улахан дьоҥҥо аналлаах "Репортер" диэн оскуола баара, онно оскуола үөрэнээччилэрэ тарбахха баттанар этибит.

Уонна, биллэн турар, бастакы өйөөччүм уонна тирэҕим ийэм буоллаҕа. Ийэм үйэтин тухары «Эдэр коммунист», «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттарга үлэлээбитэ. Онон бу идэҕэ кэлбиппэр ийэбэр махталым муҥура суох уонна ол махталым хаһан да бүппэт. Мин ийэм бары өттүнэн саамайдартан саамай күндү киһим. Ийэм, уһуйааччыларым көмөлөрүнэн журфакка киирэрбэр икки халыҥ уопсай тэтэрээт тухары "Эдэр коммунист", "Молодежь Якутии" хаһыаттарга бэчээттэммит үлэлэрдээх этим.

– Оҕо саас умнуллубат уонна суолталаах түгэннэрэ. Ийэҕин кытта эрэдээксийэҕэ элбэхтик сырыттаҕыҥ?

– Оо, оскуолаҕа киириэм инниттэн буоллаҕа. Онно тиийэн  киирэр-тахсар, кэлэр-барар дьону маныыр оруоллаах быһыылааҕым. Варвара Потапова, Егор Неймохов, Савва Тарасов ийэбин кытта бииргэ үлэлиир дьон буолалларын билэр этим. Оҕо харахпынан көрдөхпүнэ, «наһаа улахан дьон» кэлэн ааһааччылар. Бука, суруйааччылар, поэттар буолуо. Таҥастара-саптара, кэпсэтэллэрэ-ипсэтэллэрэ да ураты буолан, өйбөр хатанан хаалбыт. Кинилэр кэллэхтэринэ, эрэдээксийэ иһэ биирдэ сырдыы, хайдах эрэ сэргэхсийэ түһэргэ дылыта. Күннүк Уурастыырап, Эллэй, Даниловтар дии саныыбын. Ийэбиниин Амма Аччыгыйын даачатыгар сылдьыбыттаахпыт, өссө – муосчут Терентий Аммосовка, ийэм үлэтинэн сырыттаҕа буолуо, бука. Ити түгэннэр өйбөр тоҕо эрэ хаалан хаалбыттар. Онон оҕо сылдьаммын Саха сирин биллэр дьонун кытта алтыспыт эбиппин диэн санаа киирэр.

Худуоһунньук Борис Васильев хаһыаттарга уруһуйдаабыт шаржтара эрэдээксийэ көрүдүөрүгэр ыйанан турааччы. Онно Егор Неймохову оруобуна уруһуйдаабытын сөҕө көрөрбүн өйдүүбүн. Үлэ чааһын кэнниттэн ийэм «Центральнай» киинэ тыйаатырыгар киинэҕэ сиэтэн аҕалара эмиэ умнуллубат.

Онон айар эйгэ ураты салгынын эрэдээксийэ дьиэтин мас истиэнэтиттэн иҥэриммит буолуохпун сөп дии саныыбын.

– Бастакы хаһыакка суруйуугар өссө биирдэ тохтоон ааһыах эрэ.

– Учуутал күнүгэр аналлаах таһаарыыга ийэм бастакы учууталыҥ туһунан суруй диэбитин, Анна Степановна Сергеенко диэн нуучча тылыгар үөрэтэр учууталым туһунан суруйбутум. Онно ийэм «оҕом бэйэтэ туһунан өйдөөх-санаалаах» диэн хайҕаабыта. Кини эппитин толорбокко, бэйэм биһириир учууталым туһунан суруйбутум иһин. Анна Степановна уруоктарыттан Чингиз Айтматов айымньыларын бастаан истибитим. Учууталбыт айымньыны ааҕарын истэ олорон маккыраччы ытыыр туругу кытта билэрбит. Оскуола эрэ бырагырааматынан муҥурдаммакка үөрэтэр буолан, мин улуу нуучча тылыгар тапталым өссө күүһүрбүтэ.

Бу уруоктар биһиги киһи быһыытынан сайдарбытыгар олус көмөлөөх буолбуттара диир кыахтаахпын. Ол туһунан оҕо хараҕынан суруйбут бастакы заметкам миэхэ айар эйгэ аанын арыйбыт. Уонна суруналыыс кыраҕы хараҕынан буола турары ылынан, баарынан суруйуохтаах ньыматыгар бэйэм да билбэппинэн киирбит эбиппин диэн толкуйдуубун.

Дьиэ кэргэн түөрт көлүөнэнэн

– Үгүс көлүөнэ суруналыыстар араас куораттарга үөрэннэхтэрэ дии. Эн Свердловскайы хайдах талбыккыный?

– "Молодежь Якутии" эрэдээксийэтигэр ол саҕана үлэлиир дьон Иркутскай, Ленинград уонна Москва университеттарын выпускниктара этилэр. Эрэдээктэрим Людмила Николаевна «журналистикаҕа Свердловскай уонна Ленинград университеттара үчүгэй специалистары бэлэмнииллэр» диирин устудьуоннуур сылларбар өйдөөбүтүм.

УрГУ-га практикаҕа улахан болҕомто ууруллара. Этэргэ дылы, аҕыйах строканы суруйаары ыраах айантан толлубат, хайдах да балаһыанньаттан самныбат дьиҥнээх суруналыыс буолан үөрэхтэрин бүтэрэллэрэ.

Туттарсан да киирии куонкуруһа улахана ону туоһулуур. Икки түһүмэхтээх айар эксээмэни аастаххына эрэ салгыыр кыах бэриллэрэ. Мин иккис түһүмэхпэр билбэт боппуруоһум түбэспитэ. Ону, бу санаатахпына, ийэ өйбүн «холбоон», логическай толкуйбунан хоруйдаабыппын профессор Павлов бэйэтинэн хайҕаабыта.

Ол курдук баҕалаах үөрэхпэр киирэн устудьуоннуу сырыттахпына, арай деканакка ыҥырдылар. Мин аһары куттана-куттана, декаммар Борис Николаевич Лазовскайга киирдэҕим дии. Киирээппин кытта деканым кириэһилэтиттэн ойон турда. Миэхэ утары хааман кэллэ. Илиибин тутан туран, «Мин факультеппар эн курдук студеннаахпынан киэн туттабын» диэт, "Смена" ыччат хаһыатыгар биир балаһанан бэчээттэммит Литва режиссёруттан ылбыт интервьюбун көрдөрдө. Чахчы, соһуччу үөрүүлээҕэ. Ол режиссер Сэбиэскэй Сойууска улаханнык биллэр киһи эбит.

Үөрэппит преподавателлэрбит сыһыаннарын туһунан бу да түгэн элбэҕи кэпсиир. Устудьуон бэчээттэнэрин улаханнык биһириир, өйүүр буоланнар, бэйэ кыаҕар эрэллээх буоларга ииттэхтэрэ диэн наһаа махтанабын.

Билигин даҕаны Борис Николаевичтыын сибээспин тутабын. Суруналыыстар улахан тэрээһиннэригэр өрүү баар буолар. Онон Свердловскайга үөрэммитим миэхэ элбэҕи биэрбитэ, УрГУга үөрэммиппэр дьылҕабар махтанабын.

– Айар үлэҕэ бастакы хардыылар.

– Үһүс куурус кэнниттэн Киргизияҕа икки ый "Комсомолец Киргизии" хаһыакка практикаламмытым. Бастаан «оо, наһаа да кыраһыабай дойду баар эбит» диэн санаа киирбитэ. Командировкаҕа ыыппыттарыгар, чуут уоран бара сыспыттара (Күлэр – Аапт.) Онон суруналыыс күчүмэҕэйдэрдээх, умнуллубат айанын устудьуон сылларбар номнуо көрсөн турардаахпын.

Төрдүс куурус кэнниттэн «Молодежь Якутии» штатнай үлэһитинэн ылан, үлэм киниискэтигэр бастакы суругум оҥоһуллубута. Ити кэмҥэ бэчээт эйгэтэ олох үөһэ турара. Нэһилиэнньэ сонуну хаһыаттан эрэ ааҕан билэр буолан, суруналыыстар ытыс үөһэ сылдьар кэмнэрэ.

Аны, үөрэммит куоратым Свердловскай Москва, Ленинград куораттар эрэ кэннилэригэр турар сойуус култууратын киинэ. Оннук киэҥ, сайдыылаах сиртэн кэлбит киһи көҥүл, хорсун этим. Кытаанах хараактырдааҕым, эппиппин төлөрүппэт майгылааҕым. Уонна үлэлииргэ күүстээх баҕалааҕым.

Үксүн култуура эйгэтигэр суруйарым. Ити кэмҥэ айылҕаттан айдарыылаах дьон норуокка саҥа тахсан эрэрэ. Ол сылдьан Зоя Дуранова туһунан бүтүн балаһанан суруйуум норуокка улахан биһирэбили ылан, аны айылҕаттан айдарыылаахтар тустарынан хас да матырыйаалы таһаардым. Ол кэмҥэ миигин дьоҥҥо маннык тиэмэни тириэрдэр суруналыыһынан ылына сылдьыбыттаахтара. Эбиитин эрэдээксийэм Эмчиттэр Бүтүн Сойуустааҕы сийиэстэригэр командировкалаабыта. Оччотооҕуга Сойууска экстрасенс диэнинэн биллэр дьон ортотугар сылдьан кэлбитим эмиэ биир интэриэһинэй түгэн диэххэ сөп. Ити курдук, хас биирдии кэм бэйэтэ хатыламмат түгэннэрдээх. Кэпсээтэххэ, баһаам буоллаҕа.

Олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн
 «Саха тыла 400» хамсааһын

– Ырыа, гитара эн олоххор арахсыспат аргыстарыҥ диэхпитин сөп дуо?

– Оҕо сылдьан сайын аайы Горнай Аһыматыгар тахсарым. Онно ньирэй аһаталларыгар бэйэм санаабыттан көмөлөһөрүм. Куоракка кэлэрбэр эдьиийим аах харчы биэрэн ыыталлара. Улааттаҕым аайы «хамнаһым» тэҥҥэ улаатан иһэрэ. 10-11 сааспар оруобуна 15 солкуобайдаах кэлэммин, бэйэм гитара атыыласпытым. Гитараҕа оонньуурга үөрэнэр пособие суруттарбытым. Тарбахтарбыттан хаан кэлиэр диэри талкыйан үөрэнэрим. Ол курдук, кырдьык, билиҥҥэ диэри арахсыспат доҕорум гитара диэхпин сөп.

Свердловскайга сылдьан аан бастаан романс диэни истэн, ырыаҕа интэриэһим өссө күүһүрбүтэ. Ырыа тылларын бэйэм суруйарым уонна ыллыырым. Тыыннаах муусука кэнсиэртэрин тэрийэр бырайыактарга үлэлиибин. Бириэмэм суох диэн быраҕыахпын сөп кэмнэрдээҕим даҕаны, доҕоттордоох буоламмын, билигин даҕаны бу бырайыак баар. Бу эмиэ айар үлэбэр ураты туругу бэлэхтиир дьарык. Мантан саамай сөбүлүүр түгэним – репетиция.

– «Журфикс» диэн тылы истибит эрэ Яна Угарова диэн ааты кытта тэҥҥэ тутар. Хайдах саҕаламмытай?

– 90-с сылларга Сахам сиригэр кыраһыабай тастаах, сэргэх хаартыскалардаах сурунаал баар буолуон баҕарарым. Ол кэмҥэ Арассыыйаҕа «Космополитен» сурунаал тахсыбытыттан буолуон эмиэ сөп. Ыарахан сыанатыттан толлубакка, куруук атыылаһан ылар этим.

Ол сурунаалга «Профессиональный успех» диэн куонкурус ыыталларыгар кыттарга сананным. Уонна түмүгэр "Журналистика и СМИ" диэҥҥэ бириистээх миэстэни ылбытым олохпор биир бэлиэ түгэн.

Арина Шарапова бэйэтинэн бирииспин туттарыыта, «Космополитен» кылаабынай эрэдээктэрэ Элен Фербегы, Елена Мясникованы кытта сирэй көрсүһүү, биллэр фотограф Влад Локтев хаартыскаҕа түһэриитэ, ол хаартыска сурунаалга тахсыыта – мин айар үлэбэр, олохпор умнуллубат түгэннэр. Бу түгэнтэн тирэх ылан, 2005 сылга «Журфикс» сурунаалым күн сирин көрбүтэ. Чахчы, хорсун хардыы этэ. Күүстээх санаа, тулхадыйбат итэҕэл, эрэл эрэ маннык хорсун хардыылары оҥорторор кыахтаахтарын өйдүүрүм.

Мин бастакыттан «бу сурунаал ис-иһиттэн кэрэ, сырдык буолуохтаах» диэн санааны тутуһарым. Дьоруойдарым киһи холобур ылар дьоно буолуохтаахтар диирим. Ханнык даҕаны хоп-сип, мөкү быһыы-майгы төрүт бэчээттэниэ суохтаах диэн баҕабын сүүрбэ сыл устата тутан кэллим.

Кистэл буолбатах, эрэммэтэх, «аныгы үйэҕэ скандальнай матырыйааллар эрэ дьон болҕомтотун тардаллар» диэн өйдөбүллээх дьон суох буолбатах этэ. Онон ханна ыраас, сырдык, кэрэ баар даҕаны, ол син биир инники күөҥҥэ тахсар диир кыахтаахпын.

Билигин дойдубутуттан тэйэ сылдьар дьоҥҥо саамай күндү бэлэх «Журфикс» дииллэрэ миэхэ наһаа күндү.

– Дьэ, «бааһынайдыы» да буоллар, наһаа истиҥник кэпсэттибит. Дойдуларыттан тэйэ сылдьар дьоҥҥо ийэ тыл эмиэ күндү буоллаҕа.

– Мин бу сааспар Австралияттан уонна Антарктидаттан ураты континеннарга барытыгар сылдьыбыт дьоллоохпун. Ол иһин аахпыт кинигэлэрим, истибит ырыаларым дьоруойдара хайдах дойдуттан төрүттээхтэрэ харахпар көстөн кэлэр. Мин бу айаннарым көннөрү турист эрэ быһыытынан буолбакка, наар үөрэнэр, саҥаны билэр сыаллаахтар. Арассыыйа да устун элбэхтик сырыттым. «Искусный глагол» куонкуруска кыайыыбар бириэмийэ быһыытынан Екатеринбург куоракка стажировкаланар чиэскэ тиксибитим. Бу мин устудьуон сыллардааҕы куоратым курдук дьоннуун аламаҕай, кыраһыабай куорат суохха дылы. Ити курдук, айан туһунан тохтообокко кэпсии туруохпун сөп.

Иккис өттүнэн, киһи атын сиргэ сылдьан төрөөбүт дойдутун, тылын суолталыыр. Мин Свердловскайга үөрэнэ тиийэн баран сахалыы саҥабын суохтуурбун билбитим. Ол иһин нэдиэлэ аайы төрөппүттэрбэр сахалыы халыҥ да халыҥ суругу суруйан ыытарым. Онтум бэрт элбэх сыыһалардааҕын да иһин.

Японияҕа сылдьан японецтары оһуохайдатан турардаахпын. Сахам сирин, сахам тылын ахтан буоллаҕа. Манна оһуохай тылын этиигэ санаммаккын да буоллаҕа.

Омук сиригэр, Арассыыйа да куораттарыгар сырыттахха, үгүстүк: «А ты знаешь свой родной язык?» – диэн сөбүлүүр ыйытыылаахтар. Оччоҕуна: «Да!» – диэн киэн тутта хоруйдуубун. Тоҕо диэтэххэ эйигин, төһө да атын омук тылынан саҥардаргын, син биир бэйэҥ омуккунан ылыналлар.

Ийэ уонна кыыс бииргэ үлэлээбит бырайыактара

– Яна Иннокентьевна, «Саха тыла 400» бырайыагы «Киин куорат» хаһыат кэмиттэн кэмигэр сырдатар. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар бырайыак туһунан бэйэҕиттэн истиэххэ.

– "Саха тыла 400" уопсастыбаннай түмсүү сүрүн түстээччилэрэ – бу саха тылын туһугар уруккуттан үлэлии сылдьар дьон. Кинилэргэ мин кыттыһыым - нууччалыы саҥарар саха буоламмын. Холобура, мин курдук куоракка үөскээбит, нууччалыы эйгэҕэ улааппыт, улаатар дьоҥҥо туһуланар бырайыак.

Мин оҕо сырыттахпына сахалыы саҥарыыны боболлоро баар суол этэ. Оттон дьиэбэр төрөппүттэрим сахалыы саҥарары ирдииллэрэ. Аҕам кытаанахтык: «Биһиги дьиэбит иһигэр сахалыы саҥарыахтаахпыт», – диэтэҕинэ, сороҕор кыыһыран сөпсөспөтүм баара. Ол гынан баран дьиэм иһигэр сахалыы саҥарар этим. Онон, төрөөбүт тылбын өйдүүр, саҥарар буолуум, бу, бастатан туран, төрөппүттэрим өҥөлөрө. Аҕам Иннокентий Спиридонович миигиттэн кэмигэр кытаанахтык ирдээбэтэҕэ буоллар, баҕар, билигин атын хартыына буолуон сөбө. Онон аҕабар махталым муҥура суох. Уонна сайын аайы Горнайга тахсан сахалыы эйгэҕэ сылдьарым элбэҕи көмөлөстөҕө. Биһиги оскуола куоракка «саха оскуолата» диэн биллэрэ. Мин физмат кылааска үөрэммитим. Аттыбытыгар саха кылаастара бааллара. Онон переменаҕа сахалыы саҥа иһиллэрэ. Мин ону наһаа үчүгэйдик, аймаҕыргыы диэххэ дуу, истэрим. Оттон бэйэм саҥараары гыннахпына, «наһаа да куһаҕаннык саҥараҕыын», «сыыһа эттиҥ» диэн хомуруйуулары элбэхтик истэн, сыыйа дьон ортотугар саҥарыахпын баҕарбат буолбутум. Билигин, дьэ, адьас кыбыстыбакка, холкутук сахалыы кэпсэтэр доҕоттордоохпун ээ. Тыаҕа таҕыстахпына, сахалыы кэпсэтэбин.

Төрөөбүт тылынан саҥарыы туохха нааданый? Атын куоракка, дойдуга олохсуйар буоллахха, наадата суох диэн өйдөбүл баара – бу эмиэ улахан проблема.

Нууччалыы тыллаах сахалары «асфальтовай саха» диэн этэллэрин ылынабыт эрээри, биһиги ортобутугар сахалыы саҥарбат эрээри, саха тыла сайдарыгар үлэлэһэр дьон аҕыйаҕа суоҕун эмиэ билиниэххэ наада. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр олорор, үлэлиир атын омук дьоно саха тылын оҕолоругар үөрэттэрэллэрэ биһиэхэ эмиэ улахан холобур. Оччоҕуна биһиги тоҕо бэйэбит төрөөбүт  тылбытынан саҥарыа суохтаахпытый диэн боппуруос толкуйдатыахтааҕар эрэнэммит, уопсастыбаннай түмсүүлэр мустаммыт, сүбэбитин холбооммут, бу «Саха тыла 400» бырайыак тула биир сыаллаах үлэлэһэбит.

Элбэхтэн аҕыйаҕы эттэхпинэ, куорат оптуобустарын 60 тохтобулугар Саха сирин саарыннарын этиилэрэ сахалыы уонна нууччалыы  суруллуута – бу биир улахан бырайыакпыт Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн олоххо киирбитэ. Бу эмиэ оҕо сааспыттан тахсыбыт идея. Оччотооҕу оҕолор тохтобулга баар суругу барытын ааҕар буоларбыт дии. Оптуобус күүтэ турар киһи таах турар кэмигэр бу этиилэри нууччалыыта маннык, сахалыыта маннык эбит диэн эмиэ билэр кыахтаах. Куаркодунан бу тыллары эппит киһи ким буолара көстөр. Онон куорат олохтооҕо оптуобус кэтэһэ таарыйа билиитин хаҥатар.

Биир олус улахан уонна миэхэ чугас бырайыагынан кыыспын кытта Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан оҥорбут киинэбит буолар.
Уонна "Яна Угарова" ютуб-канал биэриилэрин кыыспынаан бэйэ бэйэбитинээн ситэрсэн оҥоробут.

Бу ыытыллар тэрээһиннэр барыта сахабыт тылын сайдыытыгар туһуланаллара саарбаҕа суох.

– Яна Иннокентьевна, кэпсээниҥ киэҥэ-куоҥа, хас биирдии түгэн хатыламмата, дириҥ ис хоһооннооҕо уонна хас биирдии ылсыбыт хайысхаҕар үтүө түмүктэрдээҕиҥ истэ олоруохха эриэккэс уонна киэн туттуу туругунан кууһар.

Махтал мааныта!

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....