25.05.2023 | 17:07

Ыам ыйынан аспаал өрөмүөнүн түмүктүүр кытаанах сорук турар

Ыам ыйынан аспаал өрөмүөнүн түмүктүүр кытаанах сорук турар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уулусса-суол ситимэ бытархай алдьаныытын өрөмүөннээһин үлэтэ киин куоракка ыам ыйын саҥатыттан саҕаламмыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ былаан 63,5% туолан турар.
Хабаров, Быковскай, Гагарин, Богатырев, Дзержинскэй, Богдан Чижик уулуссалара, Роман Дмитриев аатынан кытыл уонна Сэргэлээх шоссетыгар үлэ бүтэн тураллар. Ойуунускай, Лермонтов, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаларга үлэ бара турар. Аҕыйах хонугунан Дежнев уулуссатыгар тахсыахтара, диэн иһитиннэрэр «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ.
12 уулуссаҕа 7 тыһ. кв/м иэннээх алдьаныылаах учаастактарга «дьаама өрөмүөнэ» ыам ыйыгар оҥоһуллан бүтүөхтээх. 
Бэлиэтээн эттэххэ, «дьаама өрөмүөнэ» диэн алдьаммыт учаастактары итии аспаал кутан абырахтыыр үлэ бэдэрээтчиттэринэн «Якутдорстрой» АУо, «Сэттэ» ДРСУ, «Дороги Саха» САУо, «Сахатрасстрой» ХЭТ, «Автодор» РИК АУо буолаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...