Ыам ыйын саҥа сокуоннара
Үөрэнээччилэр босхо аһыахтара
Ыам ыйын 1 күнүттэн оскуола үөрэнээччитин босхо аһылыгын туһунан сокуон олоххо киирэн барыахтаах. 2023 сыл балаҕан ыйын 1-кы күнүгэр оскуолаҕа барытыгар босхо аһылык киириэхтээх.
Маны тэҥэ “Доруобай аһылык” диэн өйдөбүл киирэр. Оҕо тэрилтэлэригэр аһылык хаачыстыбатын хонтуруола күүһүрэр.
Аччыгый уонна дьоҕус бизнескэ субсидиялар
Аччыгый уонна дьоҕус бизнеһи өйүүр субсидиялары биэрэн саҕалыахтара.
Хамнас алын кээмэйигэр тэҥнээх бизнес саамай эмсэҕэлээбит салааларыгар төлөнүөҕэ. Аччыгый уонна дьоҕус бизнес тэрилтэтэ үлэһитин ахсаанын 90 бырыһыанын илдьэ сылдьар буолуохтаах.
Кутуу арыгы бобуллар
Ыам ыйын 5 күнүттэн 20 кв. миэтэрэттэн кыра иэннээх дьон олорор дьиэтигэр сыста турар бардарга, аһыыр сирдэргэ кутуллар итирдэр утахтары атыылыыр бобулунна.
Маны таһынан, регионнар бэйэлэрэ маннык кыра тэрилтэлэргэ арыгы атыытын бобор кыахтаннылар.
Үлэ сыһыаннаһыылара электроннай эйгэҕэ бараллар
2020 сыл ыам ыйын 5 күнүтттэн, 2021 сыл кулун тутар 31 күнүгэр диэри кэккэ тэрилтэлэргэ каадырдары кытта үлэ докумуона электроннай ньымаҕа көһөр. Үлэһит бэйэтин баҕатынан эрэ көһүөхтээх.
Дьиэни уларыта тутуу иһин эппиэтинэс
Ыам ыйын 5 күнүттэн дьиэни уларыта тутуу иһин эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп. Маныаха олорор дьиэ уонна атыы-эргиэн дьиэлэрин былаанын уларытыы тэҥинэн киирэллэр.
Эппиэтинэс биирдиилээн киһиэхэ, юридическэй сирэйгэ уонна дуоһунастаах дьоҥҥо киирэр.
Үлэ патена
Арассыыйаҕа виза ирдэммэт сириттэн киирбит үлэһиттэр ыам ыйын 5 күнүттэн Үлэ патенын ыларга төһөтө баҕарар, Арассыыйаттан тахсыбакка эрэ, сайаапка биэрэр кыахтаннылар. Бу көннөрүү сокуоҥҥа коронавирус тарҕаныаҕыттан киирдэ.
Хаайыыга оҥорон таһаарыы сайдыаҕа
Ыам ыйын 5 күнүттэн ФСИН холуонньаларыгар оҥорон таһаарыы үлэтэ тэриллиэн сөп буолла.
Хаайыылаахтары үлэнэн хааччыйар сокуон нэһилиэнньэҕэ туһалаах табаары оҥорон таһаарыыны күүһүрдүөхтээх. Холобур, коронавирустан харыстыыр көстүүмнэри тигиэхтэрин сөп.
Солуок туһунан информация
Ыам ыйын 11 күнүттэн “Госуслуги” порталыгар бас билиигэ солуок туһунан информация киириэҕэ. Дааннайдары Федеральнай нотариальнай палаата биэриэҕэ. Ол аата, холобур, массыына атыылаһыах иннинэ, “Госуслуги” киирэн массыына солуокка турарын, суоҕун бэрэбиэркэлиэххэ сөп буолар.