Ыам ыйын 1 күнүттэн сайыҥҥы лааҕырга суруйтарыы саҕаланар
Ыам ыйын 1 күнүттэн Дьокуускай куораттааҕы муниципальнай сайыҥҥы оҕо сынньалаҥ лааҕырдарыгар суруйтарыы саҕаланар. Быйылгыттан лааҕырга суруйтарыы саҥа көрүҥүнэн – Госуслуги портал нөҥүө оҥоһуллар.
Ол эбэтэр оҕону сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырыгар икки ньыманан суруйтарыахха сөп:
- электроннай көрүҥүнэн - gosuslugi.ru портал нөҥүө;
- Үөрэх тэрилтэтигэр бэйэтигэр тиийэн.
Сайыҥҥы оҕо лааҕырыгар 6,5 саастарыттан 17-гэр диэри саастаах Дьокуускай куорат территориятыгар олорор оҕолор сылдьар кыахтаахтар.
Быйыл сайын Дьокуускай куорат территориятыгар 49 муниципальнай лааҕыр үлэлиэҕэ:
– Үөрэх кыһатын базатыгар 40 күнүскү лааҕыр;
– 5 куорат таһынааҕы хонуктаах лааҕыр («Спутник», «Радуга», «Каландаришвили», «Бинго», «Родничок»);
– 2 үлэ уонна сынньалаҥ лааҕыра;
– 2 балаакканан хоно сытар лааҕыр.
Оҕолору сайыҥҥы лааҕырга суруйтарарга төрөппүттэр (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр) туттарар докумуоннара:
– Төрөппүт (сокуоннай бэрэстэбиитэл) сайабылыанньата;
– Сайабылыанньа биэрээччи докумуонун (пааспарын) куоппуйата;
– Оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу сурук (14 сааһын туолбут буоллаҕына - пааспарын) куоппуйата;
– Оҕо сынньалаҥар уонна чэбдигирдиитигэр оҥоһуллар өҥө дуогабара;
– Оҕо доруобуйатын туругун туһунан ыспыраапка (0/79у №-дээх);
– Эпидемиологическэй ыспыраапка (3 күн болдьохтоох);
– Оһол-дэҥ түбэлтэтиттэн страховка;
– Төрөппүттэр (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр) оҕо тус дааннайдарын обработкалыырга сөбүлэҥнэрэ.
Ыйытыылары Үөрэх управлениетын иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаатыгар биэриэххитин сөп, төлөпүөн нүөмэрэ: 8 (4112) 40-03-45
Бэлиэтээн эттэххэ, ааспыт сылга Дьокуускай куоракка 45 мунициальнай лааҕыр үлэлээбитэ, ол иһигэр: уопсай уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин базаларыгар 38 күнүскү лааҕыр, 5 куорат таһынааҕы стационарнай чэбдигирдэр лааҕыр, 2 үлэ уонна сынньалаҥ лааҕыра, 2 балаакканан сынньанар лааҕыр.