22.01.2020 | 13:30

ЫАЛЛЫЫЛАР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан ыалларын, дьукаахтарын кытта ылсан-бэрсэн олорбуттара. Бу суруллубатах сокуон буолара. Быыкаа балаҕаннарыгар бур-бур буруо таһааран, 20-чэҕэ тиийэ киһи оҕолуун, кырдьаҕастыын дьукаахтаһан олороллоро, сайын, ичигэс буоллаҕына, сайылыктарыгар тарҕаһаллара.

Бу дьукаахтарынан аймахтара эрэ буолбакка, быстыбыт-ойдубут бэйэлэрин курдук дьадаҥы муҥнаахтар, кумалааннар, хамначчыттар буолаллара. Ол былаһын тухары бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, бүтэһик астарыттан уос-тиис үллэстэн олороохтообуттарын биһиги бары да дьоммут кэпсээннэриттэн, урукку олоҕу сэһэргиир сэһэннэртэн истэбит, билэбит.

Тыа сиригэр, биллэн турар, урукку үтүө үгэһи тутуһан олорооччулар бааллар. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ ийэлэрбит, аҕаларбыт туох баардарынан күндүлэһэн олорбуттара. Ол курдук ким ордуктаах, мааны астаах буоллаҕына, хайаан да бэрсиһэллэрэ, күндүлүһэллэрэ. Ийэбит барахсан хоспоҕор алаадьы астаатаҕына, ыалларбыт оҕолоро кэлэн сирэй-харах ымсыыран турдахтарына, хайа ийэ аһынан бэрсиэ суоҕай. Сылаас алаадьы барахсан ол курдук остуолга тиийбэккэ мэлийэр да түгэнэ баара. Оттон аҕабыт кус, куобах аҕаллаҕына, ону ыалларбытыгар бэрсээри үллэрдэхтэринэ, илдьэн биэрээри былдьаһыы буолара. Саҥаспыт Даайа барахсан биһиэхэ элбэхтэ диэн миискэнэн, тааһынан бурдук ас, саамай сөбүлүүрүм оччолорго пончик диэн аһы киллэрэрин наһаа күндүргэтэ, ахта саныыбын. Ити курдук соботтон, бултан саҕалаан куораттан кэлбит кэһиини ыалларбытын кытта хайаан да үллэстэрбит.

Биһиги ийэбит уопсайынан наһаа аһыныгас этэ. Тиийиммэт, түгэммэт ыалга бэйэбит элбэх да буолларбыт биһиги аччаабыт таҥаспытын хайаан да үллэрэн биэрэрэ, кэллэхтэринэ илии тутуурдаан ыытара. Куруук кыра-хара дьону аһынара, айылҕа атаҕастаабыт, инбэлиит дьүөгэлэрдээҕэ. Кини бэрсэриттэн, дьону үөрдэриттэн наһаа астынара, төһө да үйэтин тухары остуорас, кыра хамнастаах буоллар тугу эрэ туура тутан биэрэрэ.

Аныгы ыаллыылар

Оттон билигин ыалларбытын кытта төһө билсэбит? Бүгүҥҥү ыстатыйабар тыа ыалларын таарыйбакка куорат элбэх кыбартыыралаах дьиэлэригэр олорор ыаллары кэпсиэм.

40 саастаах куорат сулумах дьахтара:

- Мин ыалым дьахтартан наһаа сылайдым. 66 саастаах, куруук миигин булар, ыыстыыр, олох сөбүлээбэт. Бу 10 сылы быһа салҕанан бара турар. Көһүөхпүн санаталыыбын да, кыах суох. Арааһа, эдэр диэн күнүүлүүр быһыылаах дуу дии саныыбын. Этиһэрбин, аахсарбын сөбүлээбэппин, онон мичээрдии, кыһаллыбат буола сатыыбын. Ону көмүскэл оҥосто сылдьабын. Ол да буоллар аҥаардас кини кырыктаах көрүүтүттэн этим сааһа барыта аһыллар.

Барыта муоста сууйуутуттан саҕаламмыта. Дьуһуурустубам кэмигэр муостабын сууйбутум кэннэ бу ыалым дьахтар иккистээн сууйдаҕа үһү! Ол мин хайаан кирдээхтик сууйуомуй. Ол курдук сырыы аайы хаттаан сууйар этэ, ол кэннэ мин тохтообутум, аккаастаммытым. Ону сирэйигэр эппитим. Сөбүлээбэт буоллаххына бэйэҥ сууй диэн. Ону сырыы аайы санатар. Оттон биирдэ эмит ыалдьыттар кэллэхтэринэ туох эрэ сылтаҕы булан эбэһээт ааммын тоҥсуйар. Ол курдук буулаан бүтэр санаата суох.

Мин да син эйэни олохтуу сатаабытым. Торт, кыһыл арыгы атыылаһан. Суох, ону билиммэт, мин киһибэр саантыыр дии саныыр. Айыы буоллун!

Алла, куорат дьахтара:

- 12 сыл анараа өттүгэр кэргэним төрөппүттэрин кыбартыыратыгар көһөн кэлбиппит. Кыракый дьиэ, хас биирдии ыал бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр. Биир кэргэнэ суох, кырдьа барбыт дьахтар тута билсиһэ диэн сүүрэн кэлбитэ, онтон куруук миигин сөбүлүүрүн, хайдах курдук үчүгэйбин этэн тахсара. Мин онуоха кинини дьүөгэ оҥостон дьиэм-уотум кыһалҕатын кэпсиирим, санаабын үллэстэрим. Ол курдук доҕордоһон, билигин үчүгэйдиибит.

Өссө биир дьахтар баара, кинилиин тута тыл-тылга киирсибэтэхпит, ол да буоллар ааһан иһэн мичээрдээбитэ буола сатыырым. Кэлин кынчарыйара син тохтоон, билигин кыһаллыбаппын. Ол курдук олоҕум син оннун булан испитэ. Аны бастакы этээскэ олоробут, түннүкпүт анныгар ыскаамыйаҕа эмээхситтэр тахсан хобу-сиби тиһэллэр. Арай куухунабар ас астыы сылдьан иһиттэхпинэ, били эмээхситтэрим мин туспунан кэпсэтэллэр эбит. Барыта эрин бэлэмигэр олорор, туох да улаатымсык, кинилэр курдук буолбатах үһүбүн. Мин мааныбын, киэргэнэрбин, массыыналаахпын сөбүлээбэттэр эбит. Бу 80-ча саастаах эмээхситтэр. Хоп курдуктар, 100 да саастарыгар тиийиэх быһыылаахтар. Хайдах бачча саастарыгар диэри өйдөммөттөрө буолла. Онон таһырдьа олорор буоллахтарына тахсыахпын, аттыларынан ааһыахпын да куттанар буолбутум. Чэ, ити курдук, ыаллары кытта сатаспат, биир тылы булсубат наһаа эрэйдээх эбит.

Люба, элбэх кыбартыыралаах дьиэ старостата:

- Биһиги ыаллыылар быһыытынан олус эйэлээхтик олоробут. Бассаап бөлөхтөөх буолан, барытын билсэбит, ким туох кыһалҕалааҕын, туохха наадыйарын, субуотунньук буоллун, бырааһынньык буоллун, биир киһи курдук былаанныыбыт, толкуйдуубут. Ол курдук, Саҥа дьылга тэлгэһэбитигэр бэс мас аҕалан туруоран, ким туох оонньуурдааҕынан киэргэппиппит. Атын дьиэлэргэ Салайар хампаанньалара харыйаны уоттаан-күөстээн, киэргэтэн туруораллар. Биһиэхэ оннук маанылааһын суох. Дьиэбит 80-с сыллардаахха киирбитэ, онтон ыла үксүбүт бары сууласпытынан олоробут. Онон оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ билсэбит.

Бэйэм староста буоларым быһыытынан дьуһуурустуба олохтуубун. Нэдиэлэ аайы дьуһуурунай кыбартыыра подъеһы сууйар, хомуйар, түннүккэ турар сибэккилэргэ уу кутар, көрөр-истэр. Бэйэбит массыыналаах буоламмыт, саас аайы буор аҕалан, сиэмэ атыылаһан, сибэкки үүннэрэбит, ону сайыны быһа көрөбүт-харайабыт. Ыалларбыт да туора турбаттар, ким тугу кыайарынан көмөлөһөллөр.

Автовокзал оройуонугар олорор буоламмыт хаамаайы дьон дьиэбитигэр киирэн иттээри гыннахтарына саҕаларыттан ылан таһырдьа быраҕаттыыбын. Оҕолор да мустубат буоллулар.

Барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах, үчүгэйдик, ыраастык олоруоххун баҕарар буоллаххына ыһа-тоҕо, дьону ыыстыы сылдьыма. Бүттэҕэ ол. Мин кими да саҥарбаппын, мөхпөппүн-эппэппин, ол иһин миигин ыалларым убаастыыллар. Туох эмит көмө наада буоллаҕына, бөлөххө суруйаллар, кыаҕым баарынан көмөлөһөбүн, сүбэ-ама буолабын. Онон биһиги олус иллээхтик, эйэлээхтик олоробут, өйдөһөбүт, ким да дьиэтин куортамҥа биэрбэт.

Ыаллыыларга баҕарыам этэ тулууру, өйдөһүүнү, өйөһүүнү, өбүгэлэрбититтэн кэлбит үтүө үгэстэри тутуһан туох наадатынан ылсан-бэрсэн олороллоругар.

Дьэ, ити курдук үс киһи санаатын суруйдум. Оттон эһиги, куорат олохтоохторо, тула өттүгүтүн көрүнүҥ эрэ. Аттыгытыгар баар ыаллары төһө билэҕит, билсэҕит. Наада буоллаҕына сүүрэн тахсан өтүйэ, кирилиэс, бурдук, арыы көрдөһөр дьоннооххут дуо? Ыксал түгэҥҥэ эрэнэн оҕолоргутун хаалларар ыаллааххыт дуо? Сорох ардыгар саарбахтыыбын. Ол да буоллар ыалларбытын кытта олус эйэлээхтик олоробут диэччилэр куорат да сиригэр бааллар. Кырдьык, билигин бассаап бөлөхтөрө тэриллэн бэйэ-бэйэни билсии элбээтэ. Аны билиҥҥи саҥа дьиэлэр тутуулара мөлтөх буолан тыас-уус, айдаан-иирсээн иһиллэрэ суох буолбатах. Дьэ манна бөлөх иһэ оргуйан олорор буолар. Эчи, ханнык этээс, ханнык кыбартыыра дьоно тыаһыылларын, айдааралларын олох атын этээстэр билэ олороллоруттан соһуйабын. Барытын иһиллии, кэтии-маныы сырыттахха эмиэ соччото суох буолуо ээ. Ким бырааһынньыктаабат, ким оҕото түүннэри утуйбакка сүүрэр, ытыыр буолуо суоҕай. Ол аайы сорох түгэҥҥэ тулуурдаах, холку буоларга ыҥырабын. Ыаллыылар бука бары эйэлээх буолуохха диэн бу суруйуубун түмүктүүбүн.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....