Үрдүк үөрэххэ туттарсыы түмүктэннэ
Оскуоланы бүтэрэн устудьуон аатын ылыы – хас биирдии оҕоҕо олоҕун саҥа үктэлэ. Кини бу иннинэ быстах кэмҥэ абитуриент диэн ааты сүгэр. Бүгүҥҥүнэн, от ыйын 25 күнүнэн, үрдүк үөрэххэ туттарсыы хампаанньатын сүрүн түһүмэҕэ түмүктэннэ.
Быйыл Саха сиригэр үрдүк, орто анал үөрэх кыһаларыгар туттарсыы бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаламмыта. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агро-технологическай университет докумуоннары бэс ыйын 15 күнүттэн хомуйан саҕалаабыта. Ол курдук интернет нөҥүө туттарсааччылар аһаҕас испииһэктэрин көрдөххө, барыта 870-ча абитуриент күнүскү бакалавриат-специалитет үөрэхтэригэр сайабылыанньатын туттарбыт. Быйылгы абитуриеннар сүрүннээн “Информационнай системалар уонна технологиялар”, “Сири оҥоруу уонна кадастрдар”, “Ландшафтнай архитектура” хайысхаларын талбыттар.
Саамай бөдөҥ үрдүк үөрэх кыһатыгар, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка, үрдүк үөрэххэ барыта 11 тыһ. тахса киһи туттарсыбыт. Итинтэн саамай элбэх туттарсааччы “Эмтиир дьыала” (Лечебное дело), “Педиатрия”, “Информатика уонна ааҕар-суоттуур тиэхиньикэ», “Технологии разработки программного обеспечения” хайысхаларын талбыт.
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба институтун бакалавриат-специалитет үөрэҕэр 700-тэн тахса киһи туттарсыбыт. Абитуриеннар үксүн “Библиотечно-информационная деятельность”, “Социально-культурная деятельность”, “Графика” хайысхаларын интэриэһиргээбиттэр.
Уу тырааныспарын институтугар бакалавриат үөрэҕэр 130-ча киһи киирэр былааннаах, оттон Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай физическэй култуура уонна спорт институтугар 75 кэриҥэ абитуриент туттарсыбыт.
Туттарсыы сүрүн түһүмэҕэ бүддьүөт миэстэлэригэр аналлаах, ол иһин төлөбүрдээх (кэммиэрсийэлээх) миэстэлэргэ туттарсыы күһүҥҥэ диэри салҕанар. Ол курдук, үөһээ этиллибит үрдүк үөрэх кыһаларыгар бакалавриат төлөбүрдээх миэстэлэригэр, магистратураҕа докумуоннары тутуу атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Абитуриеннар былырыыҥҥы курдук докумуоннарын үс көрүҥүнэн туттарар кыахтаахтар:
Бэйэлэрэ эбэтэр дэбиэриннэстээх дьонунан хамыыһыйаҕа аҕалаллар;
Талбыт үөрэх кыһатын саайтын нөҥүө ыыталлар;
Судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор портал «Поступление в вуз онлайн» суперсервис нөҥүө;
Арассыыйа почтатынан.
Оттон орто анал үөрэх кыһалара докумуоннары атырдьах ыйын ортотугар диэри туталлар. Ону таһынан бэс ыйын 20 күнүттэн “Профессионалитет” федеральнай бырайыакка киирэр колледжтарга уонна техникумнарга докумуоннары тутар хампаанньа саҕаламмыта. Оҕолор Арассыыйа 1200 колледжыгар, ол иһигэр Саха сиригэр үөрэниэхтэрин сөп.
“Профессионалитет” федеральнай бырагыраамаҕа 1250 колледж уонна дойду 79 регионуттан 1600 үлэ биэрээччи кытталлар. Массыынаны оҥоруу, тыа хаһаайыстыбата, металлургия, чэпчэки уонна оттук промышленнаһа, химическэй, атомнай, фармацевтическай, электротехническай салаалар, креативнай индустрия, туризм, IT, тутуу уонна да атын хайысхалар киирэллэр. “Профессионалитет” саайтыгар интэриэһиргиир эйгэҕитин, көһөн барар куораккытын, табыгастаах колледжкытын талан, докумуоннаргытын ыытыаххытын сөп. Оттон идэҕитин чопчу талбатах буоллаххытына, саайтка 25 ыйытыылаах тургутугу аастаххытына, эһиэхэ барсар хайысхалары булан биэриэхтэрэ.
Талар үөрэххит интэриэскитигэр, сыалгытыгар уонна кыаххытыгар сөп түбэһиэхтээҕин умнумаҥ. Үөрэххэ туттарсыы диэн официальнай бэрээдэк эрэ буолбакка, бэйэҕит туһунан биллэрэр кыаҕы биэрэр. Саҥа ситиһиилэргэ угуйар, баҕа санааҕытын олоххо киллэрэргэ көмөлөһөр, улахан дьон буоларга саҕалааһыны биэрэр үөрэх кыһатын ситиһиилээхтик буларгытыгар уонна киирэргитигэр баҕарабыт.
Хаартыскалар: ХИФУ пресс-киинэ