19.07.2024 | 14:00

«Сайыҥҥы үөрүүлэр»: хартыыналар уонна хомустар биир сиргэ

«Сайыҥҥы үөрүүлэр»: хартыыналар уонна хомустар биир сиргэ
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат историятын музейыгар Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Мира Аргунова хартыыналарын уонна Дмитрий Руфов аан дойду норуоттарын хомустарын кэллиэксийэтин көрдөрөр “Сайыҥҥы үөрүүлэр” диэн быыстапка ыытылла турар.

Быыстапкаҕа Мира Аргунова дойду араас муннуктарыгар уруһуйдаабыт саҥа үлэлэрэ тураллар. Айымньылар уопсай тиэмэтэ — сайын. Сайынын эрэ үүнэр фрукталар уонна оҕуруот астара, чээлэй күөх от-мас, муора.

Саха сирин, Таймыыр, соҕуруу дойдулар күннээҕи пейзажтарын хомуурунньуга худуоһунньук дойдутугар Арассыыйаҕа тапталын көрдөрөр.  Быыстапкаҕа ыйаммыт хартыыналары Саха сирин олохтоохторугар бастакытын көрдөрдүлэр. Оттон худуоһунньук туһанар тэриллэрин инсталляцията уонна блокнот сирэйдэригэр уруһуйдаммыт бастакы торумнара аһаҕас салгыҥҥа ааспыт пленэрдэр ураты эйгэлэрин тиэрдиэхтэрэ.

Хартыыналары таһынан аан дойду араас хомуһун кэллиэксийэтин кытта билсиэххэ сөп. Музей үлэһитэ Дмитрий Руфов оҕо эрдэҕиттэн хомуйбут кэллиэксийэтигэр саха, айну, монгол, кытай уонна да атын норуоттар хомустара бааллар. Муусуканы уонна этнографияны сэҥээрээччилэр эксперт кэпсээннэриттэн элбэҕи билиэхтэрэ, ону таһынан Дмитрий бэйэтэ ханнык баҕарар хомуска оонньоон иһитиннэриэҕэ.

«Оҕо сылдьан «Айархаан» бөлөх кэнсиэрин көрөн баран төрөппүттэрбэр төрөөбүт күммэр хомус ылыахпын баҕарарым туһунан эппитим. Ити курдук саамай бастакы хомуспун 2010 сыллаахха туппутум уонна икки сыл Альбина Дегтяреваҕа оонньуурга үөрэммитим. Кэллиэксийэбин хомуйан саҕалаабытым кэннэ хомус мин научнай интэриэспэр кубулуйбута, дипломнай үлэбин бу инструмеҥҥа анаабытым.

Саамай былыргы хомус мин хос эбээм киэнэ — 100-тэн тахса саастаах. Сорох хомустары уустарга оҥотторобун, атын дойдуларга сырыттахпына, атыылаһабын, сорохтору билсэр дьонум бэлэхтииллэр. Хас биирдии хомус бэйэтэ ураты дорҕоонноох, биир омук хомустара атын-атын быһыылаах эмиэ буолаллар. Холобура, сахалыы бүүрүктээх хомус — туттарга табыгастаах, арахсар тыллаах хомус дорҕоонун уларытарга аналлаах. Билигин хомуһу тимири уһааран оҥороллоро аччаата, үксүн бэлэм халыыпка кутан, эбэтэр лазер көмөтүнэн быһан таһаараллар.

Культурологтар этэллэринэн, элбэх норуокка хомус баара араас дойдуларга олорбут былыргы дьон бары биир өйдөөх-санаалаахтарын көрдөрөр. Бастаан хомуһу ойуун тэрилэ диэн ааттыыллара, кинилэргэ хомус — орто дойду иһинэн сылдьар “аттара”, оттон дүҥүр үс дойдуну барытын кытта ситимниир кыахтаах. Ол иһин ойууннар дүҥүрү ордороллор эбит. Баҕар ол иһин Саха сиригэр хомус 19-с үйэҕэ эрэ киэҥ араҥаҕа тахсыбыта буолуо, маны билигин да чопчу быһаара иликтэр. Хомуска оонньуур доруобуйаҕа туһалаах. Медиктэр быһаарбыттарынан, хомуска элбэхтик оонньуур дьон тыынар уорганнара сайдан, иммунитеттара быдан күүстээх буолар эбит”,—диэн Дмитрий Руфов кэпсээтэ.

“Сайыҥҥы үөрүүлэр” быыстапка Дьокуускай куорат историятын музейыгар от ыйын 31 күнүгэр диэри үлэлиир.

«Пленэрщицы»
«Отдых Посейдона»
«На тихой улочке»
«Яблоки-подружки»
«Спортивная стрельба»
«Баскетбол»

Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...