Дьокуускайга аныгылыы тырааныспар ситимэ олоххо киирэр
Сэтинньи ыйтан киин куоракка аныгылыы, тыраныспар «өйдөөх» систиэмэтэ олоххо киирээри турар.
Тырааныспар интеллектуальнай систиэмэтэ – суол-тырааныспар инфраструктуратын кэлимник сайыннарыы сүрүн олуга. «Өйдөөх» систиэмэ тырааныспар сырыытын, светофордар үлэлэрин, суолга тиэхиньикэ харыытын, сэрэхтээх учаастактары ырытан, үөрэтэн, сөптөөх миэрэлэри ылар кыаҕы биэрэр аналлаах.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ «Информационнай технологиялар кииннэрэ» Муниципальнай хааһына тэрилтэтин уонна «ВойсЛинк» ХЭУо кытта Дьокуускай куорат тырааныспарын «өйдөөх» систиэмэтин локальнай бырайыагын оҥорууга сөбүлэҥ түһэрсиллэн, «Росавтодор» суол федеральнай агентствотыгар бигэргэтиигэ киирэн сытар»,– диэн «Суол-тырааныспар сулууспата» Муниципальнай хааһына тэрилтэтин салайааччытын э.т. Людмила Давыдова иһитиннэрэр.
Бырайыакка 5 светофор киирбит: Федор Попов – Богдан Чижик, Бестужев-Марлинскай, Федор Попов – Губин, Богдан Чижик – Богатырев, Богатырев – Губин уулуссалар быһа охсуһуулара. Итини сэргэ 53 тырааныспар детектора туруоруллуоҕа.
Санатар буоллахха, куорат усулуобуйатыгар тырааныспар «өйдөөх» систиэмэтин киллэрии 2020 сылтан «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар, диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.