23.07.2024 | 17:52

Дьокуускайга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

Дьокуускайга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Поповка пааматынньык туруоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Улуу Кыайыы 80 сылынан сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Поповка пааматынньык туруоруохтара. 
Ол курдук, Аҕа дойду сэриитигэр Кыайыы 80 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн Ил Дархан сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов сырдык аатын уонна кини хорсун быһыытын үйэтитэр сыалтан пааматынньык туруоруллуоҕа. Айсен Николаев пааматынньыгы үбүлээһини өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн оҥорорго сорудахтаата. 
Санатар буоллахха, «Куорат сиригэр табыгастаах эйгэни тэрийии» федеральнай бырайыагынан ыытыллар рейтиннээх куоластааһын түмүгүнэн Дьокуускай куоракка быйыл Федор Попов аатынан сквери тутуу былааннанар. Ол курдук, былырыын Федор Попов аатынан сквер дизайн-бырайыагын иһин 9148 куолас киирэн, кыайыылааҕынан тахсыбыта.
Быйыл, 2024 сылга, Федор Поповка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ 80 сылын туолар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...