15.07.2024 | 14:00

Саха сиригэр мелиорация үлэтэ саҕаламмыта 75 сылын туолла

Саха сиригэр мелиорация үлэтэ саҕаламмыта 75 сылын туолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 2№-дээх дьиэтигэр Мелиорация уобалаһыгар уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыыга судаарыстыбаннай управление тэриллибитэ 75 сылынан үөрүүлээх мунньах буолан ааста.
«Саҥа тэриллэригэр баара суоҕа икки-үс испэлиистээх тэрилтэ 70-80 сылларга баараҕай мелиоративнай үлэлэри ыытар бөдөҥ салааҕа кубулуйбута. Мелиорацияҕа уонна уу хаһаайыстыбатыгар бүтүн министиэристибэ тэриллибитэ. Тыа хаһаайыстыбатын култуураларыттан өлгөм үүнүүнү ылары хааччыйа олорбут тэрилтэ 90-с сылларга кэхтэн, үгүс гидротехническэй тутуулар урусхалланан барбыттара. Маны 2000-с сылларга чөлүгэр түһэрии саҕаламмыта. Бүгүн биһиги иннибитигэр тыа хаһаайыстыбатын сирин туһаныы көдьүүһүн улаатыннарар сорук турар, ону ситиһэргэ материальнай-тэхиньиичэскэй баазаны тупсарыы уонна оҥорон таһаарыы иэнин улаатыннарыы кырата суох оруоллаах»,– диэн мустубут дьоҥҥо Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников туһаайда.
Бу күн мелиорация атаҕар туруутугар үтүөлээх бэтэрээннэргэ наҕараадалары туттарыы буолла. Ол курдук, «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэнэн «Управление по мелиорации земель и сельскохозяйственному водоснабжению» судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин (ГБТ) Киин филиалын мелиоративнай систиэмэтин үлэлэтэр этэрээтин начаалынньыга Михаил Ховров наҕараадаланна.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бочуоттаах грамотатынан «Управление по мелиорации земель и сельскохозяйственному водоснабжению» ГБТ Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын суоппара Герасим Егоров бэлиэтэннэ.
СӨ Бырабыыталыстыбатын махтал суругунан мелиорация бэтэрээннэрэ Алексей Сосин уонна Юрий Попов наҕараадаланнылар.
Уу хаһаайыстыбатын управлениета Саха АССР миниистирдэрин сэбиэтин иһинэн 1949 сыллаахха тэриллибитэ. «Управление по мелиорации земель и сельскохозяйственному водоснабжению» ГБТ бүгүн 7 филиаллаах – Киин оройуоннар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Илин Эҥэр, Мүрү, Чурапчы.
Ил Дархан Айсен Николаев стратегическай ыйааҕар 2030 сылга диэри туһаныллар бааһына иэнин 70 тыһ. га диэри улаатыннарар соругу туруорбута, ол иһигэр культуртехническэй үлэлэр суоттарыгар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Хаартыска: Мария Васильева, СИА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...