19.07.2024 | 10:00

Мария Мигалкина: «Кэлии сиэмэлэринэн үлүһүйүмэҥ»

Мария Мигалкина:   «Кэлии сиэмэлэринэн үлүһүйүмэҥ»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Мин бүгүн ааҕааччыларбар, ордук хаһаайкаларга, 35 сыл үлэлээбит уопуттаах агроном, билигин биэнсийэлээх, дойдутугар сайылыы сылдьар Мария Семеновна Мигалкинаны кытта тэлгэһэтигэр тиийэн, үүнээйитин, сибэккитин көрө-көрө, дуоһуйа, астына кэпсэттим.

Сибэккигэ уоҕурдууну хото туттабын

Бастатан туран ааҕааччыларга циния диэн сибэкки туһунан кэпсиэҕим. Урут биһиги “Циния обыкновенная” диэни олордор этибит, билигин “Циния кустовая” диэн саҥа үөдүйэн эрэр. Былырыыҥҥаттан, иллэрээ сылтан эрэ олордон саҕалаатыбыт. Уутун дэлэйдик куттахха, үрдүгэ 25-40 см уһуур, оттон кыратык куттаххына, 25 см эҥин буолар. Биир укка уонча сибэкки тахсар, ол иһин наһаа кэрэтик көстөр. Мин бастаан бэйэм олордон көрөбүн, онтон бөлөхтөрбөр ыыталыыбын.

Сибэккигэ уоҕурдууну олох арааһыттан туттабын. Тоҕо диэтэххэ киһи сиэбэт аһа, онон үүнэрин түргэтэтэн биэрэбин. Билигин от ыйын ортото буолла, сайыммыт аҥаара бүттэ, онон азотнай уоҕурдуунан аһаппаппыт. Азотнайы ыам ыйыгар, бэс ыйга уонна бу сайын ортотугар эрэ диэри кутуллар, кини күөх маассаны элбэтэр, дэлэтэр, ынахпыт хойуута ити сылдьар. Билигин күөх маассаны оҕурсуга да буоллун, сибэккигэ да буоллун, элбэтэр наадата суох. Сибэкки сибэккилэнэригэр, оҕуруот аһа ас кутарыгар  суперфосфат уонна калийнай уоҕурдуу барсар. Ынах ноһуомун сайын ортотугар диэри туттан бүттүбүт, салгыы фосфор уонна калий наада. Калий мас күлүгэр баар, ону кураанахтыы кутары мин олох сирэбин, почваҕа кыайан киирэн, иҥэн испэт. Ол иһин икки-үс күн тэпилииссэҕэ үчүгэйдик настой оҥорон баран, дьэ ону уунан убатан тутуннахха, түргэнник тиийэр. Настойу кэпсээтэххэ, уон лиитэрэлээх биэдэрэ үс гыммыт бииригэр күл кутабын, ол кутан баран уунан толорон биэрэбин. Икки-үс күн булкуйа-булкуйа туруорабын, көөнньөрөбүн. Онтон биир лиитэрэни ылан уон лиитэрэ ууга кутабын, лейкаҕа. Онтон дьэ хас үүнээйи аайы биирдии лиитэрэни кутабын.

Суперфосфат биһиэхэ ханна да суох, көннөрү “двойной суперфосфат” диэн уоҕурдуулар бааллар. Итилэри ыламмын табыганатан биэрэбин. Оччоҕо кини быдан хойуу, сочнай сибэккини биэрэр. Итилэр бары “Россельхозцентр” диэн тэрилтэ киоскатыгар бааллар. Сүбэ-ама биэрэллэр, сиэмэлэри атыылыыллар, уоҕурдуу эҥин барыта баар. Ол тэрилтэҕэ оҕурсуҥ, помидоруҥ, хортуоппуйуҥ туга ыалдьарын барытын анаалыстатыаххын сөп. Оччоҕо туох ыарыыный – бактериальнай дуу,  грибковай дуу диэн быһааран биэрэллэр, оннооҕор буоргун анаалыстыыллар.

 

Оҕурсу тоҕо токуруйар?

Оҕурсу тоҕо токуруйар диэн кэлин наһаа ыйыталлар. Ортотунан токуруйбут буоллаҕына, ити аата фосфора тиийбэт. Маннык түгэҥҥэ кыратык суперфосфат кутан биэриэххэ наада. Ити химическэй уоҕурдуу, ол да буоллар син биир туһалыыр. Атын уоҕурдуу оҕурсуга тиийиэ ыраах буолар. Хаһан буорга киирэн, үүнээйини бэйэтин тилиннэрэригэр уһун бириэмэ барар. Ол иһин химическэй уоҕурдууну олох туттубаппыт диир дьону мин сыыһа гыналлар дии саныыбын, кыратык туттар буолуҥ, аһара куппакка.

Аны кэнники сылларга айылҕа наһаа уларыйда, сааспыт наһаа тымныы, күһүммүт уһаан биэрдэ. Балаҕан ыйа олох сылаас буолар. Онон буоллаҕына, күн-дьыл да уларыйыытыттан буолуо, үөн-көйүүр элбээтэ. Урут маннык элбэх буолбат этэ, билигин араас үөнү барытын көрөҕүн, олору эмтиэххэ наада. Сибэккини эмтиир хайаан да наада, мастары, оттору эмиэ.

 

Ууну кыралаан кутар ордук

Билигин оҕурсу сэбирдэҕэ саһаран хаалла дииллэр. Ол күн-дьыл туругуттан тутулуктаах буолуон сөп. Саһарбытын хомуйан ылыахха наада, уонна наһаа чаастатык уу кутар наадата суох. Глиокладин диэн эмп баар, силис сытыйарын утары. Биһи сатаан уу куппат буоллубут эрэ, үүнээйи барыта силиһэ сытыйан барар. Онно бу эппит эмтэн биирдии таблетканы хас үүнээйи, сибэкки аайы – оҕурсу буоллун, туох буоллун – анныгар угуохха наада. Оччоҕо ыалдьыбат, сытыйан тахсыбат. Ууну кыратык кутар ордук, халытыа суохтаахпыт.

 

Биологическай уоҕурдуулары туһаныҥ

Үгүс киһи билигин элбэх сыллаах сибэккигэ көһөн эрэр. Бассаапка буолунай биллэрии таһаараллар. Бурятскай, Хабаровскай, Иркутскай питомниктара аҕалан атыылыыллар. Ол да буоллар мин маннааҕы Ботаническай садка үүммүтү, кыстыыры олордо сатыыбын. Тоҕо диэтэргин анараа олох кыстаабаты аҕалаллар. Дьон харчы бөҕөтүн кутар уонна үүммэтэ диэччи наһаа элбэх. Биһиги усулуобуйабыт син биир атын, кыһыммыт томороон. Клубневай розаны үүннэрэбит дии, онтон ыарыы тэнийэн бара турар, ону кытта үөн кэлэр. Эмтии сатыыгын, ыраастыы сатыыгын. Кылапы диэн хомурдуостар уруккуттан бааллар, сибэкки, оҕуруот аһын сэбирдэҕин курдаттыы сииллэр. Ону үүнээйиҥ аллараатыгар таҥас тэлгээн баран тэбээтиҥ да, түһэллэр. Үөһэ кэпсээбит «Россельхозцентр» дьиэтигэр “Эм-био” диэн уоҕурдуу баар. Кини японскай технологиянан оҥоһуллубут. Бу тыыннаах микробиологическай уоҕурдуу, туох да куттала суох. НВ 101 оннугар туттабыт. Приморскай кыраайга баар фабрикаҕа оҥороллор. ЭМ-спрей да диэн баар, ЭМ-5 диэн эмиэ баар, балар ыарыыны уонна үөнү эмтииллэр, үчүгэйдэр.

Билигин биологическай уоҕурдуу сүрдээх элбэх, оннуктары ордук туһаныҥ диэн этиэхпин баҕарабын. Холобура, “Ухажер” диэн баар. Ону туттаммын, үүнээйибин ыла олоробун. Азота тиийэр, фосфора эрэ кыратык тиийбэт курдук, итини аһыттан көрөбүн. Билигин барыта астанан турар кэмигэр киһи онтон көрөн быһаарар. Оҕурсу аллараа өттө мөлтөх буоллаҕына, аан бастаан киниэхэ азот наада. Бу төбөтө синньээбит, ол аата азот тиийбэтэх. Ортотугар фосфор тиийбэт, саамай бүтэһигэр калий тиийбэт.

Помидору сордун табан олордуохха наада. Биһиги урут “Белый налив” олордор этибит. Билигин ону тупсараннар, “Взрыв” диэн саҥа сорду айан таһаарбыттар. Мин “Крайний север” уонна “Санька” диэннэри олордобун. Бу Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын института таһаарбыт сортара, биһиэхэ быдан чугастар. Мин Новосибирскай киэннэрин ордоробун. Урут биһиги “Москвич” диэни олордор этибит, ону тупсараннар билигин “Макс” диэн сорду таһаарбыттара, кини ыарыыга эмиэ мээнэ бэриммэт, ыалдьыбат, өлгөм астаах буолар.

Гербицид диэн уоҕурдуу сыыс оту суох оҥорор, биһигини “пырей ползучий” диэн от сордуур, ону утары. Элбэх ыһыылаах хортуоппуйдаах дьон Зонтран, Спрут Экстра диэни туттуоххутун сөп. Онон оҕуруот кытыытын эмтиигин (окантовка), оччоҕуна сыыс отун өлөрөр. Ыарыыга фитосфорин туттабыт, М5, моонньоҕоҥҥо саас эрдэ, “интавир”, “искра” диэн үөн эмтэрин уонна “фитоверм” диэн биологическай уоҕурдууну туттабын. Дьиэ иһинээҕи сибэккигэ фитоверм туттуллар.

 

 

Олохтоох сорт диэн араарыҥ

Харса суох олордон иһиҥ диэхпин баҕарабын. Холобур, бу дьэдьэни Ньурбаттан Агафья Тарасоваттан ылан олорпутум, иккис сыла буолла, аһын кутан аһата турар. Маннык олохтоох сортар хаһан баҕарар кыстыыллар, итинник турбутунан хаалар уонна былырыын үүммүт сиригэр тахсан кэлэр. Оттон бу клубниканы атыылаһабыт дии, “Мурано” эҥин диэн итальянскай, голландскай сортары. Олор сүгүн кыстаабаттар. Ол иһин олохтоох сорт диэн хайаан да араарар наада. Саха сирэ түөрт зонаҕа арахсар, Бүлүү бөлөх, Киин, Илин эҥэр уонна Өлүөхүмэ диэки.

Холобур, Илин эҥэргэ олох атын сортар барсаллар, ону үүнээйинэн дьарыктанар дьон бэркэ сүбэлээн-амалаан биэрэллэр; холобура, Бүлүү бөлөххө – Агафья Тарасова, Намҥа – Сибэкки Дуунньа. Ньурбаҕа үүнэр сорт сорох сыл биһиэхэ үчүгэйдик үүммэт. Агафья, холобур, “Бабушкин секрет” диэн оҕурсуну таһырдьа олордор, биһиэхэ теплицаҕа эрэ үчүгэйдик үүнэр эбит. Итинник бэйэм эмиэ боруобалаан үүннэрэн көрөбүн. Аны туран сиэмэни наһаа ылаллар, помидор киэнэ түргэнник биэриэн сөп, оттон оҕурсу киэнэ эпогин диэннээхтэр сүгүн биэрбэттэр, ону барытын олордон баран “мужской” сибэкки буоллубут дииллэр. Ити наһаа сибиэһэй сиэмэ кыайан үүммэт, саатар үс сыл сытыаран баран атыылыахтаахтар. Билигин атыылааччы наһаа элбээтэ, талбыттарынан атыылыыллар, ити, дьиҥэр, сыыһа. Онон өйдөөн көрөн ылыахха наада. Уонна эппитим курдук түөрт зона баар, ол барыта араастаһар, арахсар, онон бэйэҕит улуускутугар барсар сорду олордоргут ордук.

Аны помидору олох хос лабаатын ылбаппыт дииллэр, ол, мин санаабар, сыыһа. Аллараа өттүнэн салгын күүлэйдиирэ наада, кыратык убатан биэрэҕит, оччоҕуна түргэнник кытарар. Онон күөх маассатын аҕыйатан, кырыйан биэрдэххитинэ, кини аһа түргэнник кытарар, бэйэтигэр туран да эрэн. Хойутаабат, эрдэ сиигин. Илиигитин ууруоххутун эрэ наада.

 

 

Кэлии сордунан үлүһүйүмэҥ

Сорт диэҥҥэ тохтуом этэ, ол наһаа элбэҕи быһаарар, олох кэлии сортарынан наһаа үлүһүйбэт баҕайыта. Кэлии сорт соһуйан, биһиги тыйыс айылҕабытыгар кэлэн бастакы, иккис сылыгар үүнүүнү биэрэр, онтон үһүс, төрдүс сылыттан кэхтэн барар. Ити мин элбэҕи олордон көрбүт, син 35 сыл агрономнаабыт киһи сүбэм. Сорду атыылаһарга таба тайаныахха наада. Туга тулуйарын, туга хайдаҕын, биһиги тымныыбытын уйарын эҥин. Помидорга “Сибирский скороспелый” диэн сортка көһөн эрэллэр, бэркэ үүнэр дииллэр. Ити эмиэ олох былыргы сорт, ол эрээри кини тымныыны сүрдээҕин тулуйар.

Түмүкпэр сиэмэни, уоҕурдууну түбэһиэх атыыһыттартан, соҕурууттан сакаастаан ылыах кэриэтэ, “Россельхозцентр” тэрилтэттэн анал үөрэхтээх исписэлиистэртэн атыылаһыҥ, Саха сирин усулуобуйатыгар үүннэриигэ сүбэтэ-амата ылыҥ диэн сүбэлиэм этэ.

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан, ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....