2024 сыл тохсунньу - бэс ыйдарыгар сүөһү иитиинин көрдөрүүтэ
Сахастат чахчытынан, 2024 сыл бастакы аҥаарыгар барыллан ааҕыынан Саха сиригэр эти оҥорон таһаарыыга иитиллэр сүөһү, көтөр тыыннаах ыйааһынынан хаһаайыстыбалар бары көрүҥнэригэр ааспыт сыл бу кэминээҕэр 3,4% үрдээбит, ол эбэтэр 2 913,8 туоннаҕа тэҥнэспит.
Ол оннугар 3,2% үүтү оҥорон таһаарыы иэнэ намнаабыт – 54215,1 туонна. Сымыыты оҥорон таһаарыы былырыыҥҥы кээмэйигэр турар – 85,9 мөл. устуука.
Сылгы ахсаана элбээбит – 239,5 тыһ., ол эбээтэр ааспыт сыл алта ыйыттан 1,6% элбэх, 17,6% көтөр ахсаана элбээбит – 1,2 мөл. Этиллэр болдьоххо Саха сиригэр 204,1 тыһ. ынах, 183,6 тыһ. таба, 8,8 тыһ. сибиинньэ баара биллибит, ол 2023 сыл бастакы алта ыйынааҕар туһааннааҕынан 6,1%, 0,8% уонна 50,7% аҕыйах, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.