25.07.2024 | 11:39

Төрүт дорҕоон долгулдьуйа уһунна

Төрүт дорҕоон долгулдьуйа уһунна
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
Бөлөххө киир

Бу күҥҥэ, бу кэмҥэ ама ким күлбэт да, үөрбэт да буолуоҕай… Олус уот харахха этиллибит тыллар! От ыйа, буор кут ыйа саха норуотун саамай тапталлаах ыйдарыттан биирдэстэрэ…

 

Бу ый сахалыы куттаах киһиэхэ ордук чугас, аата даҕаны этэрин курдук, кини ордук сиргэ, айылҕаҕа чугас. Саха киһитэ барахсан оччоттон-баччаҕа диэри салгын кута салайыаҕыттан, ийэ кута этиэҕиттэн, уйулҕата уһуктуоҕуттан ылата санаатын дала кэҥээн, аар силик айылҕа, киҥкиниир киэҥ куйаар күүстэрин кытта дьүөрэлэһэн олоҕун тыынын үрдэтэн сылдьар. Билиҥҥи үрдэ суох киириилээх-тахсыылаах, бырда суох түһүүлээх, күөрэйиилээх кэм мунаах-тэнээх күннэригэр төрүт тыл үтүөтүн, ийэ тыл түгэҕэ суох дириҥ байҕалын иҥэриммит киһи кэрэҕэ, сырдыкка-сылааска тардыһыыта күүстээҕин, дьулуһуута оруннааҕын биир чаҕылхай туоһута сахалыы төрүт дорҕоону, тыаһы-ууһу иҥэриммит киһи буолар диэн өйдөбүлтэн “Тускул” КК иһинэн “Төрүт дорҕоон” диэн ааттанан уһуйаан аһылынна. Кырдьыга да оннук, өбүгэлэрбит кэһии гынан хаалларбыт тылларын баайа – дэгэт тыллара, кылыс этиилэрэ, араас таайсыылаах оонньуулара өйү-билиини кэҥэтэр дьоһун кыаҕын киһи чөл туругар, өйүн-санаатын сааһылыырыгар өлбөт өй өрөгөйө буолар. Уһуйаан салайааччыта, уһуйааччыта Пинигина Алена Алексеевна – Күн Чөмчүүнэ буолар. Сахалыы аата этэринии, ис-иһиттэн чөмөөр, чөмчөччү хомуллуулаах, күн утахтарыныы сылаас эйгэлээх, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар төрүт дорҕоон үтүөтүн, кэрэтин ис-тас туруктуун иҥэриммит эдэр далбар. Күн Чөмчүүнэ айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннаран, кэҥэтэн-дириҥэтэн, муусука эйгэтигэр дэгиттэр сайдыылаах: мелодияны да айар, бэйэтэ үгэскэ киирбит даҕаны, аныгылыы даҕаны тэтимҥэ олордон, норуот ырыаларын толорор, сахалыы талбыт үнүстүрүмүөнүгэр оонньуур. Эдэр эдэр курдук, бэйэни көрдөнөр сылларыгар муусука эйгэтин араас хайысхатыгар холонон, эстрада туонатыгар мелодистар ырыаларын толорооччунан биллибит сыллардаах, бэйэтин талбыт идэтигэр (оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго) репертуар эккирэтиитигэр уйдаран сыыйа ырыа айыытыгар киирбит, онтон өссө лаппа киирдэр киирэн, билигин ырыаларын толорооччулар улуустарга даҕаны, киин куораппытыгар даҕаны аҕыйаҕа суохтар. Алена бэйэтэ билинэринэн, төрүт дорҕоон киһи дууһатыгар, ис туругар баар буоллаҕына, кэмэ кэллэҕинэ, таска тахсарга, киэҥ дуолга иһиллэргэ дьулуһар, тардыһар. Онон кини кэлиҥҥи сылларга тугу сатыырын, билэрин, оҥорорун дьоҥҥо-сэргэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ тиэрдэргэ сыаллаах-соруктаах үлэни үлэлиир. Ол курдук онлайн даҕаны, дьиҥ чахчы тутан-хабан да туран (очнай) куурустары, анал үөрэхтэри ыытар, ордук хото хомуска оонньооһуҥҥа. Маны таһынан Алена Алексеевна бэйэтин эйгэтин кэҥэтэн, астына-дуоһуйа Хатастааҕы норуодунай тыйаатырга сылдьан араас хабааннаах оруоллары толорор. Классика диэн ханнык баҕарар жанр үйэлэри уҥуордаан күн бүгүҥҥүгэ даҕаны тоҕоостоох үрдүк чыпчаала буолар. Классическай айымньы тыла-өһө, хамсаныыта, өҥө-дьүһүнэ дьүөрэлэһиитэ, уус-урана дьикти кэрэ, уһун тыыннаах, суруллубатах сокуоннардаах, холобур буолардаах. Ол да иһин буолуо классическай айымньыга (биһиги түгэммитигэр драма) суруллубут дьон-сэргэ характера, ис туруга, олоҕун тутула хайа бу оруобуна били ким курдук дии диэн саҥа аллайабыт буоллаҕа... Ханнык баҕарар айар-тутар кэлэктиип олох устун айанын үрдүк чыпчаала классическай айымньы буолар. Быйыл норуодунай диэн үрдүк, эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх ааты ылбыта үйэ чиэппэрэ буолбутун бэлиэтиир Хатас тыйаатырын репертуарыгар классика урут да, билигин да баар. Кэлиҥҥи 5 сылга А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй “Куорат кыргыттара”, С.А.Зверев – Кыыл Уола “Кулан Кугас аттаах Куллустай Бэргэн” диэн олоҥхото турдулар, дьэ уонна быйыл үбүлүөйдээх сылга Н.В. Гоголь өлбөт-сүппэт “Ревизор” комедията турбутугар икки оруолу кыайа-хото тутан оонньоон, бэйэтигэр сонун саҥа хайысханы киллэрбитэ, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта.

Дьэ ити курдук дьоҕур, талаан айанын суолунан үөрэ-көтө айанныы сылдьар далбар “Тускул” КК кэлэктиибин кытта сүбэлэһэн, сөбүлэһэн, биир санааҕа кэлэн, “Төрүт дорҕоон” уһуйааны өр толкуйдаан, анааран, былааннаан-торумнаан, 10 күҥҥэ сөптөөх бырагыраамалаан таһаарда. Манна кэлбит дьон ырыа ыллыыр, хомуска оонньуур, ыллыырга, хамсанарга, атын муусукаалынай үнүстүрүмүөннэр доҕуһуолларын истэ, тэтими тутуһа үөрэниэхтэрэ. Уһуйааҥҥа сылдьыбыт дьон бу уон хонук кэннэ онон бүтэн хаалбакка, салгыы даҕаны сахалыы көҥүл санаа хаҥыл тыынын ыһыктыбакка санааны сааһылаан, киэҥ көҕүстэнэн, уһун тыыннанан, салгыы сайдар-үүнэр туһугар суол арыллыаҕа диэн эрэл баар. Саха итэҕэлинэн, өлөн охтон биэрбэт күүһэ сүрэх туһаайыытынан от күөх өҥнөөх СҮР уота баар. Сүр уотун күүһэ киэҥ көҕүстэннэххэ, бэйэ бодону ыһыктыбатахха, арҕас тэһиинин тутар. Онон “Төрүт дорҕоон” муусука эрэ эйгэтин арыйбат, кини сыала-соруга улахан, силиһэ-мутуга дириҥ. 

Дьарыкка кэлбит дьонтон ыйыталаспыппар, оҕотун аҕалбыт Корнилова Марина Андреевналыын сэһэргэһиим маннык диэн буолла:

-        Биһиги дьиэ кэргэн Өлүөхүмэ улууһуттан кэлэн Хатаска  олохсуйбуппут аҕыйах сыл буолла. Сүрүн сыалбыт-сорукпут оҕолорбутун Муусука үрдүкү оскуолатыгар үөрэттэрии буолар. Хатас нэһилиэгэ сүрдээх сэргэхтик олорорун истэр-билэр этибит, онтон олохтоохторо буоларбыт быһыытынан кыралаан кыттан саҕалаан эрэбит. Билигин сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр оҕолорбут туох эмэ дьарыктаах буолалларын туһугар диэн санааттан, “Төрүт дорҕоон” аһылларын истэн, Муусука үрдүкү оскуолатыгар скрипкаҕа дьарыктанар оҕобун – кыыспын киллэрдим. Дьарыктаах буолуутун таһынан биир санаам оҕом сахалыы куттаах, сахалыы көҥүллүк саҥарар, сахалыы үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуур буоларыгар. Бэйэм идэм эйгэтинэн ускуустубаттан ыраахпын – буҕаалтырбын, ол эрээри өйбүнэн-санаабынан саха төрүт дорҕоонугар, норуот айымньытыгар чугаспын. Оҕом эбээтэ, мин ийэм эмиэ бу эйгэни кэрэхсиир, сэргиир.

Хатас олохтооҕо Александра Жиркова урукку сылларга ырыа-тойук өттүгэр көхтөөхтүк кыттара, онтон кэлин үлэ-хамнас түбүгэр, оҕолор улаатыылара, сиэннэр төрөөһүннэрэ, дьиэ уот туттуулара, хааччахтааһын сыллара уо.д.а. биричиинэнэн тэйэ сылдьыбыта. Киниэхэ быйылгы 2024 сыллааҕы сайын ураты, туспа тыыннаах, олус көхтөөх буолла. Ол курдук бэрт соторутааҕыта хомуска маастар-кылааска сылдьан, умнуллубут эйгэтэ арыллан, сэргэхсийэ түһэн сэгэччи буола сылдьар. Инньэ гынан “Төрүт дорҕоон” туһунан биллэриини ылынан ырыаҕа-тойукка уһуйулла сылдьар.

Дьокуускай куорат олохтооҕо Сергей эдэр киһи, кини төрүт үгэһи, төрүт дорҕоону оҕо эрдэҕиттэн интэриэһиргиир, умсугуйа истэр, түгэн көһүннэҕинэ, кыттар даҕаны эбит. Ону өссө дириҥэтээри, кэҥэтээри кэллим диэн сэһэргээтэ. Бу иннигэр кини Георгий Слепцов маастар-кылаастарыгар астына-дуоһуйа сылдьыбыт. Бу уһуйааҥҥа хомуска эбии ырыа-тойук, атын үнүстүрүмүөннэргэ үөрэнии баара умсугуппут.

Дьэ ити курдук самаан сайын уйгутун сомсо, кэрэ кэми сырса саҥа түмсүү, саҥа уһуйаан үлэтин саҕалаата. Уһуйаан үөрэҕэ «Тускул» КК үрдүк сценатыгар кэнсиэр буолан тахсыахтаах. Этэргэ дылы, “Аттар түстүлэр!” диэххэ уонна үтүөнү-кэрэни баҕарыахха.

 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...