Изабелла Попова: Сүрэхпэр сөҥөрбүт дьүөгэлэрим
Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, хас да кинигэ ааптара Изабелла Ильинична Попова бүгүн өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсө өссө биир кинигэтин сүрэхтиир. Дьэ, кырдьык, сүрэхтиир... Сүрэҕин сылааһын иҥэрбит кинигэтин!
Ахтар-саныыр дьүөгэлэрим,
Аламаҕай сэгэрдэрим,
Саһарҕалаах сарсыардабын
Сандаарытар куоларым!
Сүр... Сүрэх, сүрдээх, сүрэхтиир... Сахабыт тыла барахсан тугун бэрдэй! Биир тылтан силистэнэн-мутуктанан өҥө-дьүһүнэ, кырааската уларыйан, тыл ис хоһооно дьиктитик чиҥиир буоллаҕа... Онон бу ыстатыйаҕа бу тыллар чаастатык туттуллаллара буолуо диэн сэрэйэбин...
Изабелла Ильинична “Дорогие сердцу моему...” диэн кинигэтин улуу нуучча тылынан суруйбут; ол өйдөнөр, Изабелла Ильинична 40 сыл устата ыччакка нуучча тылын уонна литературатын үөрэтэн кэллэҕэ. Учуутал үрдүк аатын чиэстээхтик өрө тутан үлэлээн кэллэ, ону махталлаах үөрэнээччилэрэ, бар дьонун ытыктабыла, үрдүк аакка-суолга тиксибитэ туоһулууллар.
Дьэ, манна биир түгэни ахтан аһарыахха сөп. Үгэс курдук, дьахтар аймах ыккардыгар дьиҥнээх, истиҥ доҕордоһуу суоҕун, оннук төрдүттэн кыаллыбатын туһунан дойҕох баарын билэбит. Ити чааһынан көр-күлүү аҥаардаах сэһэн-сэппэн да элбэх буолааччы. Оттон бу кинигэттэн мин сөхпүтүм баар — хайдах курдук кэрэ дууһалаах, сүүнэ сүрэхтээх, үөрүнньэҥ майгылаах буолуохха сөбүн! Изабелла Ильинична дьүөгэлэрин ахсаанын ааҕан сиппэтим, барыларыгар кини сүрэҕин сылааһын, дууһатын кынатын анаабыт, кими да ордорбокко, барыларын күндүтүк саныырын эппит. Поэт Леонид Поповка, Изабелла Ильинична айбыт аҕатынан убайыгар, маннык тыллар бааллар: Ким баай дууһалаах — ол бараммат баайдаах. Поэт балтын Изаны көрөн олорон бу тыллары суруйбут ээ, быһыыта... Изабелла чахчы баай киһи, сүүс доҕордоох биир оччо күүстээх, кыахтаах буоллаҕа. Ол иһин буолуо, кэм-кэрдии аастыйбыт күлүгэ төһө да элэҥнээн аастар, дьүөгэлиилэр ону билиммэттэр. Билиэхтэрин да баҕарбаттар. Сыл-хонук аастаҕын аайы иллэрэ-эйэлэрэ, истиҥник санаһыылара өссө күүһүрэр. Эдэрдии сырыылаахтар: бүгүн — манна, сарсын — онно, бырааһынньыктарга куруук бииргэлэр, мааныларын көрүөххүт этэ, аныгы муодаттан хаалсыбаттар, кэрэни олус сэргииллэр. Айылҕаҕа буоллун, тыйаатырга, быыстапкаларга буоллун — куруук тутуспутунан.
Оттон итинник баай дууһа, киэҥ көҕүс, дьиҥнээх доҕордоһуу төрдө-төбөтө оҕо саастан силистээх буолан эрдэҕэ. Изабелла Ильинична “көбүөр бэрдин тэлгэппит, көнө-налыы хонуулаах” Сунтаар улууһун ырыаҕа ылламмыт Тойбохойугар төрөөбүтэ. Аҕата Илья Андреевич Попов — төрүт киһи төрүөҕэ, ытык дьон ыччата, үөрэхтээх, учуутал киһи. Өбүгэлэрин Моонньо кулуба, Өлүөскэ кулуба, Хочо улууһун бүтэһик кулубата Николай Попов олохторо-дьаһахтара, үлэлэрэ-хамнастара күн бүгүҥҥэ диэри норуокка махталлаахтык кэпсэнэ сылдьар.
Илья Андреевич ийэтинэн удьуора саха былыргы толуу-мааны, өйдөөх, сатабыллаах хотун дьахтара, ырыаҕа ылламмыт, номоххо киирбит Бэрт Маарыйаттан сыдьааннаах. Улууканнаах эр бэрдэ Манчаары мээнэҕэ киниэхэ сүгүрүйүө этэ дуо!
Онон диэххэ... Итиччэлээх мааны урууттан-аймахтан сиэр-майгы, өй-санаа бастыҥа иитиллэн тахсыбыт буолуохтаах, Изабелла ону барытын утумнаабатах буолуон сатаммат. Айылҕата оннук. Силигин ситэрэр, үчүгэйин, баардааҕын, толорутун сүһэн ылар, ону сайыннарар майгы баһылаабыт буоллаҕына, тулалыыр эйгэҕэр, дьоҥҥор-сэргэҕэр туһаттан атыны аҕалбатыҥ өйдөнөр. Дьэ, ол иһин, киэҥ-холку, баай дууһалаах буолан, элбэх истиҥ дьүөгэлээх.
Ааптар бу кинигэтигэр дьүөгэлэрин олохторуттан сэһэргиир, кинилэр үөрүүлэрин, хомолтолорун, интэриэстэрин, хайдах доҕордоспуттарын суруйар. Оҕо, эдэр саастарыҥ дьүөгэлэрэ күндү да буоллахтара! Таптал, иэйии кынаттаах сэһэн ааптар олоҕу анаарыытын көрдөрөр, дьоһуннаах сиэр-майгы, бөлөһүөктүү ирдэбиллэри туруорар.
Оҕо сааһын дьүөгэтэ Рея Ивановна Исаева, саамай эрдэтээҥҥи дьүөгэтэ, оҕо сылдьан сытыы-хотуу тыллаах-өстөөх, элбэҕи ааҕар кыысчаан ааҕааччы болҕомтотун тардыа. Эрдэтээҥҥи дьүөгэлэриттэн Антонина Ивановна Степанова эмиэ үтүөлээх учуутал, эдэр оҕо сылдьан дойду саамай кыраһыабай, култуура сайдыбыт куоратыгар — Ленинградка үөрэнэн, билиилээх-көрүүлээх үтүө-мааны киһи буолбут. Дьүөгэтэ Ксения Никифоровна Янкова Варвара Потапова сырдык иэйиилээх поэзиятыгар хайдах угуйбутун суруйар. Математик идэлээх дьүөгэтэ Зинаида Ефремовна Павлова хаһан баҕарар, кимиэхэ да буоллун, куруук көмөлөһөргө бэлэм буоларын, хайдах курдук харса суох матасыыкылы, УАЗ массыынаны ыытарын бэркиһии кэпсиир. Дьүөгэтэ Альбина Петровна Мартынова хайдах курдук үчүгэй хаһаайкатын, асчытын, тапталлаах кэргэн, ийэ, эбээ буолан дьоллоох Дьокуускай куоракка олорорун сэһэргиир. Лидия Николаевна Петрова Москватааҕы технологическай институту үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрэн, бастаан Мииринэйгэ, онтон бэйэтин улууһугар үлэлээбитин, ааҕара, интэриэһэ элбэҕин, бииргэ отоннуулларын кэпсиир. Француженка Эжинабель диэн дьүөгэтин Зинаида Петровна Ксенофонтованы француз тыла идэлээҕин иһин эрэ буолбакка, ураты изысканнай быһыытын-майгытын иһин ааттаабытын ахтар. Олус сэмэй, элбэх саҥата суох дьүөгэтэ Галина Никифоровна Степанованы үрдүк категориялаах учуутал, үөрэҕирии туйгуна буола ситиһиилэммитин, идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбитин киэн тутта ахтар.
Саһарбыт хаартыска сэһэнэ
1963 сыл... Сунтаар сэлиэнньэтэ. Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын бүтэрээччилэр — үөрбүт-көппүт, долгуйбут кыргыттар, уолаттар тиһэх чуораан күнүгэр — выпускной биэчэрдэригэр мустубуттар. 23 буолан илии-илиилэриттэн ылсан, бу күн бары бииргэ сырыттылар. Номоҕон, ис киирбэх, оттомноох бэйэлээх Иза Попова бүгүн эмиэ оскуоланы бүтэрэр. Аттыттан бииргэ үөрэммит уола Гоша Трофимов арахпат, идэтинэн, быһыыта, эмиэ тугу эрэ дьиктилээҕи кэпсиир... Кыргыттар маҥан былаачыйалара үрүҥ түүҥҥэ өссө сырдаан, туналыйан көстөр... Уонна, дьэ, баҕа санааларын, ким ханна үөрэнэ барыаҕын, ким туох буолуоҕун, ханнык ыраах дуолларынан, ырыых-ыраах куораттарынан сылдьыахтарын, таптал, дьол туһунан ыра санаа оҥостон күн тахсыар диэри кэпсэттэхтэрэ...
Бу күн туох барыта Эйиэхэ эрэ ананар курдуга... Бу үрүҥ түүн, бу киҥкиниир киэҥ халлаан, бу иһийбит Аар Айылҕа, доҕотторуҥ, үөрэппит оскуолаҥ уонна... бастакы — саамай дьиҥнээх, саамай килбик, саамай уйан Тапталыҥ! Иза имэ тэтэрэр, килбиктик күлэн эрэ кэбиһэр...
Кэрэтин ким кэпсиэй тыл булан,
Килбигэ тупсарар бэйэтин,
Үрүҥ түүн үрүмэ сабыынан
Кистэммит кэриэтэ эбитин:
Туҥуй кыыс кэрэтэ сөҕүмэр,
Күннэтэ тупсара эбиллэр! (В.С.)
Кыргыттар ойуччу туран тугу эрэ кэпсэтэллэр, Изаны ыҥыран ылаллар уонна сарсын «Фотографияҕа» хаартыскаҕа түһэ барыах буолан үлэһэллэр...
Сарсыныгар дьүөгэлиилэр Галя Васильева, Ксения Павлова, Иза Иванова уонна Иза Попова төрдүө буолан, өйдүү-саныы сылдьыахпыт этэ диэн, хаартыскаҕа түһэ бараллар. Оччолорго аны 60 сылынан эмиэ маннык тутуспутунан бииргэ сылдьыахпыт, эмиэ төрдүө буолан үкчү маннык хаартыскаҕа түһүөхпүт диэн санаабыттара буолуо дуо... Дьүөгэлиилэр күн бүгүнүгэр диэри сиэттиспитинэн сылдьаллар, үөрүүлэрин-хомолтолорун бииргэ үллэстэллэр, саас барарын ылымматтар, көрү-оонньууну көҕүлүттэн туталлар, ыллыыллар-туойаллар, хоһоон айаллар, кинигэ суруйаллар...
Оччотооҕу Ксения Павлова, билигин Ксения Прокопьевна Олесова туһунан дьүөгэтэ эмиэ киэн тутта суруйар. Ксения нуучча тылын уруоктарыгар саамай бастыҥ сочинениелары суруйарын, классик суруйааччылары сөбүлээн ааҕарын ахтар. Ол да иһин нуучча тылын уонна литературатын идэ оҥоһуннаҕа. Иза Иванова — Изабелла Гавриловна үгүс сылларга салайар үлэҕэ сылдьыбытын, дьүөгэлэригэр олус аламаҕай сыһыаннааҕын кэпсээбит. Галя Васильева — Галина Петровна Романова эмиэ нуучча тылын уонна литературатын учуутала идэлээх. Дьүөгэлиилэр тоҕо биир идэни талбыттарын сэрэйэ санаатахха, учууталлара Зоя Николаевна Васильева сабыдыала буолуон сөп эбит. Зоя Николаевна өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр биир бастыҥ учуутал этэ.
Саһарбыт хаартыска сэһэнэ, дьэ, итинник...
Олус ытыктыыр аҕа дьүөгэтэ, настаабынньыга Лия Николаевна Саввинова туһунан улаханнык долгуйан кэпсиир. Киһи киэнэ кэрэтэ, муударайа, үлэһитэ, идэтигэр бэриниилээҕэ кини буоларын суруйар.
Изабелла Ильинична дьүөгэлэригэр барыларыгар итии-истиҥ тыллары анаабыт, бу кыракый кээмэйдээх ыстатыйаҕа ол барыта киирбэтэ биллэр. Арай биири чуо-бааччы этиэххэ сөп. Бука бары дьоһуннаах биографиялаах үтүөкэннээх дьон, оннук олоҕу олорбут, оннук үлэлээх-хамнастаах, оннук өйдөөх-санаалаах... Ол да иһин кинигэ суруллан таҕыстаҕа. Ураты көлүөнэ. Сэбиэскэй кэм ыччата. Үөрэхтээх, билиилээх-көрүүлээх, үлэни таҥара оҥостубут...
Изабелла Ильинична биир кинигэтигэр маннык суруйбуттаах: “Киһи олоҕор өйдүүр, өйүүр дьонноох буоллаҕына — ол кини дьоло. Олохпор мин оннук дьоннордоох буоламмын, бэйэбин дьоллооҕунан ааҕабын”. Маныаха киһи эбэн этэрэ суох курдук. Арай норуот бэргэн этиитин ахтан аһарыахха сөп — ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат! Дьэ, ол кырдьык!