19.07.2024 | 12:28

Байыаннайдар уоппускаларын кэмигэр гражданскай балыыһаҕа уочарата суох уонна босхо көрдөрүнэр кыахтаахтар

Байыаннайдар уоппускаларын кэмигэр гражданскай балыыһаҕа уочарата суох уонна босхо көрдөрүнэр кыахтаахтар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оборуона миниистирэ Андрей Белоусов дойду баһылыга Владимир Путиҥҥа уоппускаларыгар сылдьар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын гражданскай балыыһа өҥөтүнэн хааччыйар туһунан этиини киллэрдэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сириттэн кыттар байыастар уоппускаларын кэмигэр өрөспүүбүлүкэ бары балыыһаларыгар уонна Москваҕа «Бэс Чагда» санаторийга доруобуйаларын туругун көннөрүнэр кыахтаахтар.
«Өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уочарата суох уонна босхо көрдөрүнэр кыах баар. Маннык өҥөнөн 2000 кэриҥэ байыас туһанна. Ону сэргэ 347 анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин чилиэнэ «Бэс Чагдаҕа» санаторнай-курортнай эмтэниини ааста»,– диэтэ Айсен Николаев.

Анал байыаннай дьайыы эйэлээх олохтоохторугар Саха сирин быраастара тиһигин быспакка көмөнү оҥороллор, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....