ГИМС инспектордара ууга сэрэхтээх буолуу быраабылатын санаталлар
Статистика көрдөрөрүнэн, ууга алдьархай тахсыыта сөтүө кэмигэр сэрэҕэ суох буолууттан, сөтүөлүүргэ анамматах сирдэргэ сынньанартан, арыгылааһынтан, оҕо дьон төрөппүт хонтуруола суох сылдьыытыттан тахсар.
Сайыҥҥы куйааска ууга сынньалаҥ иэдээнинэн эргиллибэтин туһугар ГИМС инспектордара сэрэхтээх буоларга ыҥыраллар. Ол курдук бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Вода – безопасная территория» аахсыйа уочараттаах түһүмэҕэ ыытылла турар.
«ГИМС инспектордара, быыһааччылар, полиция үлэһиттэрэ, муниципалитеттар уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ нэһилиэнньэ ортотугар өйдөтөр, сырдатар үлэни ыыталлар. Ураты болҕомто оҕолорго ууруллар. Ол курдук, ГИМС инспектордара оҕо лааҕырдарыгар сылдьан, уу таһыгар оонньуур, сөтүөҕэ улахан дьон, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар тугунан диэлийэн тахсыан сөбүн быһаараллар. Оҕолор маннык бэсиэдэлэртэн ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түгэнигэр тугу гыныахтаахтарын билэллэр», – диэн иһитиннэрэр СӨ ЫБММ уу эбийиэктэригэр нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун салаатын начаалынньыга Майя Алексеева.
Дьоҕус суудуналар хаһаайыннара эмиэ болҕомто киинигэр тураллар. Ол курдук, Майя Гаврильевна уу аалларын бас билээччилэр бары докумуоннарын бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьыахтаахтарын, суудуналар булгуччулаах судаарыстыбаннай регистрацияны ааспыт буолуохтаахтарын, тэхиньиичэскэй туруктара бары ирдэбилгэ сөп түбэһиэхтээҕин бэлиэтиир.
Санатар буоллахха, 2024 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн маассабай сөтүөлээһиҥҥэ анаан 7 миэстэ тэриллэн турар: Дьокуускай куоракка 202-с түөлбэҕэ уонна Бүлүүлүүр суол 16 км «Сугун» күөлгэ, Мэҥэ Хаҥаласка «Хотун Мааччыйа» сынньалаҥ баазатыгар уонна Абаҕа Күөлгэ, маны сэргэ Бүлүү куоратыгар Оруктаах күөлгэ, Чурапчыга Амма эбэҕэ Бэс Болугурга уонна Адаамка Аппата сирдэргэ.
Көҥүлэ суох сирдэргэ сөтүөлээһин куттал суох буолуутун мэктиэлээбэт. Алдьархай тахсар түгэнигэр, «101» эбэтэр «112» төлөпүөннэринэн эрийэргитин умнумаҥ, диэн СӨ ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.