18.07.2024 | 16:00

Алгыстаах айан

Алгыстаах айан
Ааптар: Нюрбина Сыроватская
Бөлөххө киир

Бу саас аҕабын кытта дойдубутугар Ньурбаҕа барарга соруннубут. Ыам ыйын бүтүүтэ уоппускабын ылан, сөмөлүөтүнэн көттүбүт. Аҕам тэрийсибит «Киин куорат» хаһыатын ааҕааччыларыгар бу биир нэдиэлэлээх сырыыбыт туһунан кэпсиэхпин баҕардым.

Мин аҕам Прокопий Чуукаар суруналыыс,  суруйааччы буоларын бары билэргит буолуо. Мин кини кыыһа Нюрбина диэммин. Миэхэ ити ааты аҕам мин өссө төрүү иликпинэ толкуйдаабыт үһү. Дьэ, иккиэн Ньурбабытын көрбөтөхпүт быданнаабыт. Оҕо сылдьан үстэ эрэ сылдьыбыт эбиппин. Бүтэһик сырыыбыттан номнуо 39 сыл ааспыт. Оттон аҕам сылдьыбатаҕым уонтан тахса сыл буолбута буолуо диир, ол иһин барарын саарбахтыыр этэ; ол да буоллар аймахтары кытары көрсүһүннэрэ, төрөөбүт алааһын көрдөрө барарга соруннаҕа буолуо.

Ньурба куорат уларыйбыт, тупсубут даҕаны. Саҥа тыйаатыр, улахан оҕо саадын дьиэтэ, олорор саҥа таас дьиэлэр, аспаал уулуссалар баар буолбуттарын бэлиэтии көрдүбүт. Тиийбиппит кэннэ аҕыйах күн иһигэр дойдубут ото-маһа хамсыы-хамсыы көҕөрөн-наҕаран таҕыста. Айылҕа барахсан сайыны көрсө тупсара эчи үчүгэйин, салгына мүөт курдук сыттаахха дылы.

Сүлэҕэ аймахтарбытыгар түстүбүт. Аҕам оҕо сааһын доҕоро, эбээм өттүнэн аймахпыт Светлана Гаврильевна Петрова – Ньурба биллэр агронома, өр сыл «Сүлэ» сопхуоска дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кини аҕата Гаврил Спиридонович Петров суруйан хаалларбыт кинигэтиттэн сэттис көлүөнэҕэ тиийэ эбээм Сүөкүлэ өттүттэн өбүгэлэрбин билэр чиэскэ тигистим. Саатар биир өттүттэн да буоллар, аҕам өбүгэлэрин ааттара көстүбүтүгэр үөрдүм аҕай.

Кэлбит күммүтүгэр Дьиикимдэҕэ аҕа саастаахтар сайыны көрсөр тэрээһиннэрэ буола турарын истээт, Сүлэ баһылыгын массыынатынан тиийэ оҕустубут. Хата, оруобуна аҕам бииргэ төрөөбүт эдьиийин кыра уола Иванов Владимир Владимировыһы көрүстүбүт. Бэйэтэ ыһыах курдук, мааны остуоллаах, куонкурус бөҕөлөөх тэрээһиҥҥэ соһуччу ыалдьыт буоллубут. Ол кэннэ Ньурба бастакы суруйааччыта Степан Федотов өтөҕөр сылдьан аастыбыт. «Ньурба күһүнэ» диэн поэзия күннэрин бэлиэтиир сирдэрэ эбит. Биһигини Дьиикимдэ библиотекатын үлэһитэ Светлана Никандровна Павлова арыаллаан сылдьыста. Кини аҕам 75 сааһыгар анаан 1966 сылтан саҕалаан 2012 сылга диэри  бэчээттэммит үлэлэрин библиографическай ыйынньыгын оҥорон бэлэхтээн турардаах.

Дьиикимдэҕэ өссө эбээ Сүөкүлэ олоро сылдьыбыт дьиэтин көрөн аастыбыт. Хата, уларыйбакка турарыттан үөрдүбүт аҕай. Аймахтарбытын кытары дьиэбит аттыгар хаартыскаҕа түстүбүт.

Чуукаар дьонун кытта көрсүһүү

Сарсыныгар, баскыһыанньаҕа, ыам ыйын 26 күнүгэр, бассаап ситимигэр Омолдоон диэн Ньурбачаан сиригэр норуот эмчитэ, биллэр алгысчыт Алиса Михайловна Иннокентьева  сайыны көрсө алгыс түһэрэрин  туһунан биллэрии ааҕаммыт, онно барарга соруннубут. Ньурба, Антоновка уонна Ньурбачаан түмсүүлэрэ мустан, наһаа үчүгэй көрсүһүү тэрийбиттэр. Прокопий Чуукаары уонна Светлана Гаврильевнаны билэр уонна ытыктыыр буоланнар, ытыс үөһэ сырыттыбыт. Ол сир айылҕатын кэрэ көстүүлэрэ сүрэхпэр киирдилэр.

Дьэ, үлэ күнэ үүммүтүгэр, Ньурба хаһыат эрэдээксийэтигэр уонна библиотекаҕа сылдьыах буоллубут. Хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Лена Ивановна Петровалыын көрүстүбүт. Кини массыынатынан аҕам үлэлии сылдьыбыт Советская уулуссаҕа баар урукку эрэдээксийэ дьиэтин тиийэн көрдүбүт. Библиотекаҕа таарыйбыппыт, Арассыыйа библиотекатын күнэ буола турар эбит. Биһигини кытта көрсүһүү тэриллэ оҕуста. Аҕам айымньыларыгар болҕомтолоро үрдүк эбит диэн махтана санаатым. «Олоҕум олуктара» диэн кинигэбитин автографтаан бэлэх ууннубут.

Марха өрүскэ кыра үрэхтэртэн муус кэлэн, моторкалар сылдьа илик буоланнар, саҥа үүммүт күммүтүгэр поэтесса Варвара Потапова олорбут дьиэтин уонна Норуоттар доҕордоһууларын музейын көрдүбүт. «Нюрба лирическая» диэн истиэндэҕэ аҕам туһунан суруллубутун ситэрэн биэриэххэ сөп эбит диэн санаа киирдэ.

Сарсыардаттан салгыы айаннаатыбыт. Чуукаарбытыгар икки чаас устан тиийдибит. Эбээм бииргэ төрөөбүт быраата Ананий – Алаа сиэннэригэр Болуодьаҕа, Бориска уонна Светланаҕа кэтэһиилээх ыалдьыт буоллубут.

Бастакынан аҕам төрөөбүт сиригэр Оҕуруоттаах өтөҕөр сырыттыбыт. Оҕо эрдэҕиттэн өйдүү сылдьар сирэ уларыйан хаалбытын атыҥырыы сыста. Өтөхтөн туох да хаалбатах. Сөтүөлээбит күөлүн уута туолан турарын көрөн, хата, үөрдэ аҕай. Эбээ Сүөкүлэ үлэлээбит ферматыгар – Күүлэҕэ суол суох буолан, барбатыбыт.

Чуукаар визитнай карточката – мырааннара. Ону дьоҥҥо биллэрбит киһинэн Андрей Ильич Сивцев буолар. Кини Сэттэ мыраан устун Алгыстаах хаамыы тэрийэн ыытар эбит. Сарсыарда тураат барсыах буоллубут. Мин оҕо сылдьан мырааҥҥа сылдьыбыппын олох чуолкайдык өйдөөн хаалбыппын, харахпын симтэхпинэ, бу баар курдук көстөр. Эдьиийим Светлана мырааҥҥа сылдьыбатаҕа ырааппыт буолан, хата, үөрүүнү кытта барсыах буолла. Аҕам Болуодьалыын сэттис мырааҥҥа массыынанан тиийэн тоһуйуох буоллулар. Бастакы Сирэйдээх мырааҥҥа алгыс ыламмыт, буруонан, чуораан тыаһынан ыраастанаммыт, ытык мастар анныларыгар алаадьы уураммыт, хас мыраан аайы бэлиэ мастарга салама баайа-баайа, икки чаас устата хаамтыбыт. Андрей Ильич айылҕаҕа чугас буолан, от-мас туһунан кэпсээбититтэн элбэҕи биллибит, көрдүбүт. Дууһам тардыспыт сиригэр сылдьан уоскуйдум, чэпчээтим даҕаны.

Кулууп дьиэтигэр дьаһалта, кулууп уонна библиотека үлэһиттэрэ көрсүһүү тэрийэн тоһуйдулар. Наһаа үчүгэй хоһоон, ырыа, эҕэрдэ тылы иһиттибит. Аҕам оҕо сааһын, оскуолаҕа үөрэммит, сиилэскэ, окко оҕус сиэппит сылларын ахтан-санаан  ааста.  Чуукаар  олохтооҕо  Владимир Семенович Егоров оҕолорго анаан «Таас тиит» диэн остуоруйатынан наһаа үчүгэй көстүүлээх кинигэ таһааттарбытын бэлэхтээтэ. Уруһуйа, тас көрүҥэ оһуобайынан киһини сөхтөрөр.

Сиэн быраата Болуодьалыын төрөөбүт өтөҕөр

Клавдия Владимировна Андреева салайааччылаах «Уран кут» литературнай түмсүү тэриллэн, 20-чэ киһи айымньылаахтык үлэлии сылдьар эбит. Мааны остуол тардыллан, онно төгүрүччү олорон ыкса билистибит, сэһэргэстибит. Чуукаар библиотекатыгар анаан “Олоҕум олуктара” диэн кинигэбитин туттардыбыт.

Саҥа таас оскуола-детсад тутуллан эрэрин көрөн сэргээтибит. Аҕа баһылык Артур Юрьевич Федоров 2026 сыллааҕы Чуукаар үбүлүөйдээх ыһыаҕар ыҥырбытын толкуйданыахпыт дэстибит. Таһаарыылаах үлэни баҕаран туран, эдэр киһи Чуукаарбытын сайыннарыа, тупсарыа диэн эрэнэ хаалабыт.

Мин аҕам дойдутун көрөн, билэр дьонун көрсөн астынан, дуоһуйан, онтон ньэҥир ылан, айымньылаах үлэтин салҕыыра буоллар диэн эрэллээхпин. Өбүгэлэрбитин умнубакка, махтана, сүгүрүйэ сырыттахпытына, бу олоххо тирэхтээх, барытын кыайар-хотор дьон буолуохтаахпыт.

 

Р.S. Төрөөбүт Оҕуруоттаахпын, өтөҕүм оннун көрдөрбүтүгэр бырааппар, таайым, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр аҥаар атаҕын хаалларбыт Ананий Николаевич Николаев сиэнигэр Болуодьаҕа махтанабын. П.Я. Прокопьев – Прокопий Чуукаар, суруналыыс, суруйааччы.

Хаартыскалар: тус архыыбыттан Прокопий Чуукаар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....