23.07.2024 | 15:02

348 сайылыкка 41 тыһыынчаттан тахса ынах сүөһү турар

348 сайылыкка 41 тыһыынчаттан тахса ынах сүөһү турар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 348 сайылык үлэлии турар, ол иһигэр: 332 сайылык үрүҥ илгэни үрүлүтүүнэн дьарыктанар, 16 – субан сүөһүнү көрүүгэ идэтийэр. 
Сайылыктарга барытыгар 41 223 ынах сүөһү иитиллэр, онтон ыанар ынаҕа – 18 831. 255 сайылык механизациялаах, ол иһигэр 195 – тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар сайылыктара. Сайылыктарга 1838 киһи, ол иһигэр 795 ыанньыксыт, 156 үүт тутааччы, 205 осеменатор, 271 ньирэй көрөөччү, 411 бостуук үлэлииллэр.
Бу күннэргэ 2024 сылга тыа хаһаайыстыбатын кооперативтарыгар хотон, сайылык, оҕуруот аһын харайар баазаны туттууга көрүллүбүт 84 мөл.солк. тахса иэннээх үп суотугар субсидиялары анааһын үлэтэ ыытыллар. Бэлиэтээн эттэххэ, ааспыт 2023 сылга 100 ыанар ынахха сайылык туттуутугар судаарыстыба бүддьүөтүттэн Сунтаар, Томпо Кэбээйи, Ленскэй оройуоннарыттан 5 хаһаайыстыбаҕа уопсайа 14,74 мөл. солк. кээмэйдээх субсидия бэриллэн турар.
Ыаммыт үүтү тутуунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 44 тэрилтэ дьарыктанар. Сыллааҕы субвенция кээмэйин 68 %-на , ол эбэтэр 2430,217 мөл. солк. муниципальнай тэриллиилэргэ тиксэрилиннэ. Нам уонна Өлүөхүмэ улуустара 80% ылан олороллор. Үүт туттарааччыларга субсидия харчыта толору кээмэйинэн тиэрдилиннэ.
Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан быйыл 1 лиитирэ үүт субсидията 60-тан 65 солк. диэри үрдээбитэ. Онон үүтү атыылаһыы сыаната 80 солк. буолла, мантан 15 солк. фермердэргэ соҕотуопкалыыр тэрилтэ төлүүр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...