Ыал буолуу – кэлэр көлүөнэни үөскэтии
Бүгүҥҥү нүөмэргэ ыал буолбакка, олохторун оҥостубакка, соҕотох сылдьар дьон кыһалҕаларын таарыйар тиэмэни ааҕааччылар дьүүллэригэр таһаарыам.
Интэриниэккэ сахалыы форумҥа дьон суруйуутун булан аахтым. Сүрдээх дуоспуруннаах кэпсэтиилэр буолаллар эбит. Сорохтор билсиһии кулууба ханна баарын бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаһаллар. Онтон атыттар, ким эрэ соҕотох сылдьар кыһалҕатын суруйбутугар, эҕэлээхтик хоруйдуур түгэннэрин булан ааҕаммын, сонньуйдум. Олоххо чэпчэкитик сыһыаннаһар дьон баарыттан хомойдум. Манна соҕотох буолуу кыһалҕатыгар анаммыт суруйууну киллэриэм.
Форумтан:
Былыр өбүгэлэрбитигэр сыбааттааһын диэн баарын суруйуулартан билэбит. Төрөппүттэр оҕолорун оннук билиһиннэрэр эбиттэр. Эбэм: «Сыбаатынан ыал буолбутум. Былыр оннук тиксиһиннэрэллэрэ, илии охсуһуннараллара”, – диэн кэпсиирин өйдөөн хаалбыппын. Мин санаабар, бу саамай сөптөөх үгэс дии саныыбын. Билигин киһи киһини кытта мээнэ билсэрэ кутталлаах курдук.
* * *
Оҕо ыал буолбата төрөппүт иитиититтэн тахсар. Улуус дэриэбинэтигэр биир «ыал» баар. Манна түөрт бииргэ төрөөбүттэр (3 кыыс, 1 уол) 40 саастарын аастылар. Бары биир дьиэҕэ олороллор. Хайалара да ыал буолбата. Дьэ, дьиибэ...
* * *
- Дэриэбинэҕэ сулумахтар наһаа элбэхтэр. Мин санаабар, улуус эдэр ыччатын отдела итинэн дьарыктаныахтаах дии саныыбын. Холобура, биһиги улууспутугар дэриэбинэлэр сулумахтарын оптуобуһунан тиэйэн аҕалан, туспа билсии-көрсүү ыһыах курдук оҥороллор, син ыал бөҕө үөскүүр. Ыччат отдела анаан-минээн дьарыктанар. Итинник атын улуустар эмиэ хамсааһын таһаарыахтарын наада.
* * *
- Сулумах сылдьар дьон элбээтилэр аҕай. Икки уолум эмиэ кэргэннэммэккэ сылдьаллар. Улаханым кэргэннэнэн, оҕолонон баран арахсыбыта, онон биир кыыс сиэннээхпин, устудьуон. Кыра уолум сааһа 40-на буолла, үлэһит, дьиэлээх эҥин да, холооннооҕун булбата. Эдэр эрдэҕинэ кыыс бөҕө эккирэтэ сылдьыбыта да, ону бэйэтэ сөбүлээбитэ көстүбэтэ быһыылаах. Кыыһым 30-н ааста, үлэ-дьиэ барыта баар, эмиэ сулумах. Кэтэһэ сатаан баран саҥарбат буоллум. Онон бэйэм көрдүүрүм дуу диэн саныыбын. Сааһырдым диир дьон үлэ-дьиэ буолаллар уонна атыннык кэргэн булбаттар.
* * *
- Саха сирин балай да кэрийдим. Уонна биири өйдөөн көрдүм. Сулумах эр киһи сүрүннээн улуус киинигэр уонна тыа сиригэр олорор, оттон сулумах дьахтар үксэ – куоракка. Суорумньу үлэтин нэһилиэк баһылыктара өйүөхтэрин наада. Оччоҕо эрэ туох эрэ ситиһии кэлиэ.
* * *
- Арай улууһунан, нэһилиэгинэн соҕотох сылдьар дьоҥҥутун суорумньулаатаххытына... Кыра взнос төлөөн сыбааттаһыҥ ээ. Билэр чугас дьоҥҥут нөҥүө... Тыаҕа үлэһит уол, кыыс ыал элбиэ, хаан уларыйыа, олоххут да сайдыа этэ. Сулумах дьону тиксиһиннэрэр курдук, туох эрэ сонун хайысхата толкуйдааҥ ээ. Олох кыбыстымаҥ, кытаатыҥ. Дьону ыал оҥоруу үтүө дьыала буоллаҕа. Үөрэхтээх кыыс тыаҕа тиийэн, кэргэн тахсар киһитэ суох. Аны тыа дьоно бары биир аймах буолан бүттүлэр. Сир уларытыы, хаан уларытыы диэн баар. Оччоҕо олохторо эмиэ уларыйар. Улуустарынан соҕотох сылдьар дьон анкеталарын атастаһар сыбаахалар бааллара буоллар, бэрт буолуо этэ. Сахалыы ыал буолуу үгэһин туһаныахха.
* * *
- Кыыһым кэргэн тахсар сааһа кэллэ да, соҕотох сылдьар. Бэйэтэ үөрэхтээх, хамнаһа үчүгэй, туспа дьиэлээх, дьүһүнэ да куһаҕана суох, уһун, көнө уҥуохтаах кыыс. Хаһан ыал буолаҕын диэн ыйыттахпына, аныгы уолаттар арыгыны наһаа иһэллэр, аанньа үлэлээбэттэр, сүрэҕэ суохтар диэн ааттыыр.
* * *
Кыыһым биир тыа уолун кытта билсэ сылдьыбыта, онтуката түптээн үлэлээбэккэ, күүлэйи батыһааччы эбит этэ. Үүрбүтэ, айака, альфонс миэхэ наадата суох диэбитэ.
* * *
- Ыал буолуу кыыс оҕоттон саҕаланар. Кини олоҕун аргыһын таларыгар, төрүччү үөрэҕин туһанан, төрөппүттэр көмөлөһөллөр. Ыарыһах оҕо аһара элбээтэ. Бу оҕо омугу сайыннарбат, төттөрү тардар. Кыыс оҕону сааһын ситтэр эрэ, эргэ биэрдэххэ, доруобай оҕону төрөтөр кыахтанар. Омук инники сайдыыта онтон саҕаланар.
* * *
- Биһиги омукка үрүҥ айыы итэҕэлин, былыргылар билиилэрин тутуһааччылар элбэхтэр. Ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэриигэ кинилэр ылсыһыахтарын сөп этэ. Оҕо ыал буолбатыгар төрөппүт буруйдаах.
Суорумньуһут өҥөтүнэн туһаныҥ
Мария Прокопьевна Андросова, Мэҥэ Хаҥалас, Мэлдьэхси нэһилиэгин суорумньуһута:
- Мин суорумньунан 1991 сылтан дьарыктанабын. Ыал оҥорбут дьонум элбэхтэр. Сэмэй ситиһиибинэн киэн туттабын. Ол эрэн бу үлэбит биһиэнэ уопсастыбаннай буолар. Ыал буолбакка сылдьааччы элбэҕэ киһини дьиксиннэрэр. Бу ордук куорат, улуус кииннэригэр уонна дэриэбинэлэргэ сытыытык турар кыһалҕа буолар. Аны туран, нэһилиэктэргэ түөлбэлээн олорооччулар үксэ аймахтыылар, ол иһин ыал буолуу суоҕун кэриэтэ. Ыччат дойдутугар олохсуйбат. Ааспыт үйэ сылларыгар үөрэҕин бүтэрбит олохтоох ыччат дойдутугар төннөн кэлэн, олохсуйан, ыал буолан, оҕо-уруу бөҕөтө буолара. Билигин хантан?... Үгүстэрэ киин сирдэргэ, куоракка олохсуйа хаалар буоллулар. Киһи бэйэтэ олоҕун оҥостуохтаах. 45-50 саастаах соҕотох сылдьар дьон суорумньу өҥөтүн туһаныахтарын сөп. Мин бэйэм үлэм холобуруттан сырдаттахпына, саастаах эр дьон оҕолонор дьахтарга наадыйаллар. Аны туран, ыал буолуохтарын баҕарар дьон билигин үксэ саастаах дьон буолаллар. Ким кэргэниттэн арахсыбыт эбэтэр кэргэнэ өлбүт дьон, кырдьар саастарыгар соҕотох хаалымаары доҕор-атас көрдөнөллөр. Билигин биһиги ыытар үлэбит үөһэ салалта өттүттэн өйөммөт. Урут дьиэ кэргэн, оҕо-аймах кэмитиэтэ баар эрдэҕинэ, сүрдээҕин өйүүллэрэ. Ол курдук, бу кэмитиэти Алексей Егорович Сергучев салайар кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ демографическай балаһыанньаҕа үлэ күүстээхтик ыытыллара.
Галина Егорова-Арчылаана, Нам, Хамаҕатта нэһилиэгин суорумньуһута:
- Мин санаабар, үгүс сулумах сылдьар дьон тыаҕа олороллор уонна үксэ эр дьон. Кинилэр оһоҕу, кырдьаҕас төрөппүттэрин маныыллар, мас, от үлэтигэр түбүгүрэллэр, сынньалаҥнарыгар спортивнай саалаҕа сылдьаллар, онон бириэмэни билбэккэ хаалаллар. Сорохтор эдэр саастарыгар тапталга сыыстаран аһыы утахха охтоллор эбэтэр наар тыаҕа булдунан дьарыктаналлар, үүтээҥҥэ бүгэллэр. Үгүс ыал кирэдьииккэ киирэн, харчыга тиийиммэт-түгэммэт буолан, онтон кыыһырсан, сатаспакка арахсар түгэннэрэ эмиэ баар суол. Сорох эр дьон харчы өлөрө диэн атын сиргэ эбэтэр вахтаҕа үлэлии бараллар. Ону тулуйбакка эмиэ арахсыы түгэннэрэ бааллар. Эбэтэр аҥаардара олохтон туораабыт буолан, олохторун саҥаттан оҥостоллоро ыарахан буолар. Ити курдук олох эндиригэр оҕустаран, соҕотох сылдьар дьон үгүс. Суорумньуһут быһыытынан сүбэлиэм этэ, олох биирдэ эрэ бэриллэр. Онон соҕотох сылдьымаҥ, аналгытын буларга, көрсөргө дьулуһуҥ. Хайа да түгэҥҥэ күүстээх санаалаах буолуҥ. Билиҥҥи ыарахан кэмҥэ соҕотоҕун олорор ыарахан, икки төбө элбэҕи быһаарар, аҥаара суох киһи олоҕо быһаҕас, үөрүүтэ, дьоло ситэтэ суох. Ким сатаан билсибэт, кыбыстар дьон суорумньуһуттар сүбэлэринэн, өҥөлөрүнэн туһаныахтарын сөп.
Альбина Сапаргалиевна Султашова, Горнай, Маҕарас нэһилиэгин суорумньуһута:
- Үгүстэр эдэр саастарыгар үлэҕэ, дьиэҕэ-уокка тардыллан хаалаллар. Арай биирдэ өйдөөбүттэрэ, саастара ырааппыт буолар. Сорохтор аҥаардарын булалларыгар наһаа үрдүк ирдэбили туруораллар. Онон кинилэри кытта үлэлииргэ сүрдээх ыарахан. Санааларын хоту киһи көстүбэт. Билигин сулумах дьоҥҥо сүбэлиир да ыарахаттардаах курдук буолла. Дьахтар аймах олох оҥосторго баҕалара күүстээх. Эр киһи ити өттүгэр быһаарыныыта бытаан соҕус. Мин соҕотох сылдьар дьону тус бэйэлэрин кытта үлэлэһэбин. Ол ордук көдьүүстээх, үчүгэй түмүгү биэрэр дии саныыбын. Соҕотох сылдьар дьон, сааһырбыт киһи сиэринэн, наһаа сиримсэх буолумуохтарын наада. Кинилэр саастарыгар, бэйэлэригэр сөптөөх киһини көрсөн, олохторун оҥостоллоро биһирэниэ.
Людмила Архиповна Бурцева, Уус Алдан, Бороҕон нэһилиэгин суорумньуһута:
- Билигин урукку кэмнэрдээҕэр сулумах дьон наһаа элбээтэ. Куоракка буоллун, тыаҕа буоллун. Кинилэр соҕотоҕун сылдьар биричиинэлэрэ элбэх. Тыа сиригэр үлэ суох, үксүн хотон үлэтэ баар да, онно үлэлиэхтэрин баҕарбаттар. Дьахтар аймах наар дьиэлээх, массыыналаах, үлэлээх, үчүгэй дьүһүннээх эр дьону көрдүүллэр. Эр дьон бэйэлэриттэн быдан балыс, эдэр дьахталлары, эмиэ тас көрүҥүнэн көрдүүллэр. Аны туран, сириксэннэрэ, ирдэбиллэрэ үрдүгэ сөхтөрөр. Суорумньуһут буоларым быһыытынан сүбэм маннык: киһи бу орто дойдуга кэлэн, сирдээҕи аналын булан, дьиэ туттан, оҕо төрөтөн, ийэ-аҕа ууһун тэнитэр ытык иэһин толоруохтаах. Онон киһини тас дьүһүнүнэн буолбакка, кинини киһи быһыытынан сыаналыахха, көрүөххэ сөп эбитэ буолуо. Баай-дуол олорон истэххэ кэлэр буоллаҕа.
Валентина Николаевна Прокопьева, Өймөкөөн, Томтор нэһилиэгин суорумньуһута:
- Төрөппүттэрин кытта олорор сулумах сылдьар дьон ыал буоларга санамматтар эбит. Кырдьаҕас төрөппүттэрин көрөн, иитэн эдэр саастара ааһан хаалан, кэлин олох да кыһаммат буолар эбиттэр. Киһи сөҕүөх, соҕотох ийэ наһаа элбэх, үгүстэрэ сирэллэр, эр киһиттэн тэйэн хаалаллар. Арыгы, табах содулуттан олохторугар кыһалҕаны көрсөн, ону сатаан тулуйбакка, үлэ, харчы суоҕуттан соҕотохсуйан, бэйэлэригэр бүгэллэр. Мин санаабар, олох олоруон баҕалаахтар, дьону үчүгэй хаачыстыбатын сыаналаан, билсэн иһиэхтэрин наада. Үгүстэрэ дьиэлээх, массыыналаах, материальнай өттүнэн кыахтаах киһини көрдүүллэр. Боростуой да дьону кытта билсэн, ыал буолан, оҕолонон олоруохтарын сөп. Сириксэн дьон аналларын көрдүүллэригэр олохторо бүтэр. Кэм-кэрдии ааспытын билбэккэ хаалаллар. Төһө да дууһа кырдьыбатаҕын иһин, киһи эт-хаан өттүнэн, олох сиэринэн уостан барар ээ.