11.02.2021 | 10:03

«Якутянин года-2020. Якутск» уопсастыбаннай бириэмийэ бастыҥнара ааттанна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэ бээтинсэтигэр Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинигэр үгэскэ кубулуйбут «Якутянин года-2020. Якутск» уопсастыбаннай бириэмийэ түмүктэннэ.

Санатан ыллахха, уопсайа бу күрэххэ 82 сайаапка киирбититтэн дьүүллүүр сүбэ 21 хандьыдааты бигэргэппитэ.

Норуот куоластааһынын түмүгүнэн кыттааччылартан саамай кыралара, ол эрээри күүстээх санаатынан, олоххо тардыһыытынан бар дьон билиниитин ылбыт Карина Колесова кыайыылааҕынан таҕыста.

Аныгы үйэ дьоруойдарын бэлиэтиир

Сорох ааҕааччы бу туох иһин бириэмийэ туттаралларын билбэт буолуохтаах. Бу аныгы үйэ дьоруойдарын кэмигэр сыаналыырга, дьон олоҕор суолталаах быһыыны-майгыны оҥорбут үтүө санаалаах куорат олохтоохторун бэлиэтиир  сыалтан тэриллэр.

Манна куорат сайдыытыгар боччумнаах  кылааттарын киллэрбит дьон киирэллэр. Бэйэлэрин сыһыаннарынан, көрүүлэринэн, холобурдарынан, өйдөрүнэн-санааларынан дьоҥҥо-сэргэҕэ төһүү күүс, үтүө холобур буолбут дьон.

Тэрийээччилэр – “Журфикс” сурунаал, “Воспитание – всем обществом” оҕону иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ гражданскай көҕүлээһиннэри өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын уонна Ykt.ru портал халыҥ хамаандата.

Лауреаттар

Дьүүллүүр сүбэ Сардаана Авксентьева салалталаах  хас биирдии кыттааччыны көрөн маннык түмүк таһаарда:

Сардаана Трофимова – чэпчэки атлетикаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, марафоҥҥа түөрт төгүллээх чемпион, биһиги хаһыаппыт эрэллээх доҕоро.

Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһа инфекционнай отделениетын бырааһа Виктория Ишниязова. Ааспыт сыл кулун тутар ыйыгар, Саха сиригэр COVID-19 ыарыы иннин-кэннин ким даҕаны билбэт эрдэҕинэ,  биир бастакынан ыарыһаҕы ылсан эмтээбит быраас. Билигин даҕаны коронавируснай инфекцияны кытта охсуһууга быһаччы кыттыыны ыла сылдьар үрүҥ халааттаах аанньал.

Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Наум Слепцов 96 сааһыгар дуобакка спорт маастарыгар кандидат буолбут. Үөрэммит оскуолатыгар саахымат куруһуогун тэрийбит, олортон Саха сирин алта чемпиона тахсыбыт. Наум Трифонович билигин даҕаны эдэр ыччаты иитиигэ уонна ыччакка холобур буола сылдьарыттан бэйэтэ да астынар. Бу күн кини пандемиянан хааччахха олорор буолан, бириэмийэтин быстах кэмҥэ куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев уонна Сардаана Авксентьева дьиэтигэр илдьэн туттарбыттар.

Наталья Луковцева – 203-с микрооройуон старостатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Наталья курдук дьон баар буолан, куораппыт биир бастыҥ оройуона куруук ыраас. Кини көҕүлээһининэн 2020 сыллаахха олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн бырагырааматыгар 202-с уонна 203-с микрооройуон икки ардыларыгар сытар аппа нөҥүө сатыы туоруур муоста үлэҕэ киирдэ.

Юрий Романов – В.П. Ларионов аатынан физико-техническэй лицей информатикаҕа учуутала уонна Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар үлэлиир оҕо технопааркатыгар эбии үөрэхтээһин педагога. 2019-2020 үөрэх дьылыгар кини  үөрэнээччилэрэ конструкциялааһыҥҥа уонна миниатюрнай аппараты үлэҕэ киллэриигэ бастыҥнар ахсааннарыгар киирбиттэр.

Петр Черкашин – Уус Алдан Тумулуттан төрүттээх эдэр урбаанньыт, “Үтүө санаа долбуура” аахсыйа тэрийээччитэ. Кыаммат, элбэх оҕолоох ыалга, соҕотох кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ көмөлөһөр үтүө санаалаах киһи. Ону таһынан, ыччаты үөрэтэр-иитэр суолталаах араас хабааннаах роликтары устан тарҕатар. Петр – уопсастыба олоҕор бэйэтин кылаатын киллэрэ сылдьар ыччат. Кини бу бириэмийэҕэ аата ааттаммыта суола өссө арылларыгар төһүү күүс буолуоҕа.

Бэлиэтээн эттэххэ, “Үтүө санаа долбуура” бырайыак “Саха сирин аҕаларын лигаларын” (салайааччы Айхал Габышев) салалтатынан үлэлиир.

Кынаттаммыт курдук сананным

Карина Колесова – ааспыт сылга ыарахан ыарыыны кыайбыт кыысчаан.  Инстаграмҥа күннээҕи олоҕун сырдатар, күн аайы бэйэтин холобурунан ааҕааччыларыгар олоххо эрэли, тапталы үөскэтэр. Ыарахан ыарыыны хайдах кыайбытын суруйар, кэпсиир. «Лучики добра» диэн оҕолорго көмө аахсыйатын тэрийбитэ. Билигин номнуо үһүс аахсыйатын оҥорон түмүктээтэ.

Карина Колесова:

Мин алтыс кылааска үөрэнэбин, Орто Халыматтан кэлбитим. Кыайыылаах буолуом, миигин талыахтара дии санаабатаҕым, олус соһуйдум уонна үөрдүм. Куорат бары олохтоохторугар уонна миэхэ куоластаабыт, ыалдьыбыт дьоҥҥо барҕа махталбын тиэрдэбин. Куораппыт өссө да сайда, чэчирии турдун уонна өрөспүүбүлүкэ бары дьоно  үтүө санаалаах буолалларыгар уонна олоххо куруук үчүгэйи эрэ түстүүргүтүгэр  баҕарабын.

Инники былааным үгүс, элбэх үлэ күүтэр. Олортон биирдэстэрэ –  онкологиянан ыалдьар оҕолорго пуонда арыйыахтаахпын уонна үгэс буолбут аахсыйабын олунньу 15 күнүттэн салҕыыбын. Бу бириэмийэ кэннэ өссө кынаттаммыт курдук сананным, – диир Гран-при хаһаайката.

Үрдүккэ, кэрэҕэ сирдииллэр

Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыгын э.т.:

–21-с үйэҕэ Дьокуускай куоракка биһиги кэккэбитигэр дьиҥнээх, киһи киһиэхэ холобур буолар дьон бааллара олус үчүгэй. Үтүө санаалаах, олоххо киэҥ көрүүлээх, ханнык да олох очурдарыгар охтон биэрбэт дьонтон киһи үөрэниэн уонна холобур оҥостуон эрэ сөп. 21 киһи бары үрдүккэ, кэрэҕэ сирдиир дьон буолаллар.

Кинилэри батыһабыт

Бу киэһэ бириэмийэни Сардаана Авксентьева социальнай ситимигэр быһа эпииргэ көрдөрдө. Нэһилиэнньэ үчүгэйтэн маппатын, үтүө санаалаахтартан холобур ыллын диэн 1,5 чаас устата төлөпүөнүн илиититтэн араарбакка уһулла. Дьиҥэр, саала хайа баҕарар муннугар талбыт камера, бэл диэтэр, олохтоох дьаһалта култуураҕа салаатын исписэлиистэрэ социальнай ситимнэринэн эпиирдии олорбуттара.

Сардаана Авксентьева:

–Куоракка элбэх киһи олорор. Хас биирдии бэйэбит туох эрэ үтүөнү оҥордохпутуна, дьоҥҥо бэлэхтээтэхпитинэ, куораппытыгар анаатахпытына бары бииргэ сайдабыт, сайдыы суолугар турабыт.

«Якутянин года-2020. Якутск» хаһыс да сылын ыытыллар бириэмийэ.   Саамай сүрүнэ – уопсастыбаннай бириэмийэ диэн. Ол аата дьон бэйэтин иһиттэн саамай чулуулары буланнар, куоластааһыҥҥа таһаараллар.

Үтүө санаалаах дьон уопсастыбаҕа куруук наадалар. Биһиги кинилэри батыһабыт, үтүктэбит уонна кинилэр курдук буолуохпутун баҕарабыт.

Кыттааччылар санаалара

Валентина Романова-Чыскыырай, “Кинотавр-2020” киинэ бэстибээлин муҥутуур кыайыылааҕа буолбут “Пугало” киинэ сулуһа, дьахталларга “Бастыҥ толорооччу”, СӨ үтүөлээх артыыһа:

Тэрээһин олус үчүгэй! Уопсастыбаннай бириэмийэ баара уонна уопсастыбаны кытта үлэлэһэр дьону бэлиэтииллэрэ олус хайҕаллаах. Сылтан сыл тиһигин быспакка ыытылла турдун. Тыыннаах музыканан доҕуһуоллаабыттарын уонна ырыаһыттар фонограммата суох ыллаабыттарын олус биһирээтим. Мин санаабар, эдэр ыччакка, куорат олохтооҕор  хас биирдии номинант холобур буолар. Бары кыттааччыларга ситиһиини, өссө да элбэх бырайыагы олоххо киллэрэ туралларыгар баҕарабын.

Василий Галуза, «Металл Торг» тэрилтэ үлэһитэ, киин куорат көхтөөх ыччат:

Испииһэккэ киллэрбиттэригэр олус соһуйбутум. Мин блогер, учуонай, спортсмен да буолбатахпын. Боростуой киһибин. Куорат олоҕор, сайдыытыгар, түһүүтүгэр-тахсыытыгар, тупсарыгар бэйэм баҕабынан кыттыһабын, үлэлиибин. Бу тэрээһин сүрдээх үрдүк таһымнаахтык ааста, тэрийээччилэргэ уонна миэхэ куоластаабыт бар дьоммор махтанабын!

Петр Черкашин:

Олус элбэх киһи бэйэтин куолаһын биэрэн өйөөтө, кинилэргэ махтаныахпын баҕарабын. Үөрдүм, астынным, төрөппүттэрим эмиэ наһаа үөрдүлэр. Хас биирдии кыттааччы бэйэтин эйгэтигэр сүрдээх күүстээх, дьаныардаах.  Мин алта иһигэр киирбитим – улахан ситиһии. Түгэнинэн туһанан, бү күрэххэ миигин өйөөбүт  Афанасий Алексеевка махтанабын. Кини эрэнэн туран итэҕэйбитэ төһүү күүс буолар.

Ити курдук, 1,5 чаастаах тэрээһин түмүктэннэ, тэрийээччилэр сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ харахха тута көстөр.  Бу дьоро киэһэни Өркөн, Далаана, Алена-Дива, Оксана уонна Андрей Чупиковтар уонна “Звуки” музыкальнай бөлөх киэргэттилэр. 

Номинаннар бары дипломунан бэлиэтэннилэр, лауреаттарга үрүҥ көмүс мэтээллэри туттардылар. Кыайыылаах Каринаҕа «Киэргэ» ювелирнай тэрилтэ чочуйан таһаарбыт бриллиантовай мэтээлин туттардылар. Кэлэр сылга көрсүөххэ диэри!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....