«Якутсковедение» – Дьокуускай куораты үөрэтэр бырагыраама
Кыраайы үөрэтэр, чинчийэр үлэ хас биирдии библиотека үлэтин биир сүрүн хайысхатынан буолар.
Ол курдук “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук «Библиотека тиһигин киинэ”, ол иһигэр киирэр уопсайа 18 библиотека куораппыт историятын, култууратын, социальнай-экономическай туругун үөрэтэр, сырдатар «Якутсковедение» диэн анал бырагырааманан үлэлиир.
Бу сыллар тухары кыраайы үөрэтиигэ үгүс матырыйаал мунньулунна: кинигэлэр, альбомнар, олохтоох хаһыаттар, сурунааллар уонна да атын матырыйааллар хомуллан киирдилэр. Бырагыраама туох-хайдах быһыылаахтык үлэлиирин билсээри, “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук «Библиотека тиһигин киинэ” информационнай-библиографическай салаатын салайааччыта Нюргуяна Тихонованы кытта кэпсэттибит.
АНЫГЫ КЭМ БИБЛИОТЕКАТА
- Бастатан туран, 2000 сылтан саҕалаан хас да биобиблиографическай ыйынньыктар (справочниктар) тахсыбыттара. Ол курдук, кинигэ буолан тахсыбыт ыйынньыкпыт «Имена на улицах Якутска» икки таһаарыытын Национальнай библиотека Электроннай библиотекатыгар ааҕыахха сөп. Онтон кэлин CD-диискэнэн тахсыбыт ыйынньыктарбытын: «Городская скульптура Якутска» (2007), «Белинка в печати» (2010), «Память Якутска: Мемориальные доски» (2011) библиотекаларга көрүөххэ сөп.
- 2015 сылтан хаһыат, сурунаал, кинигэ ыстатыйаларын корпоративнай «Якутсковедение» диэн Электроннай библиографическай каталогка киллэрэр үлэни саҕалаабыккыт. Бу туһунан кинигэни, хаһыаты таптаан ааҕааччыларбытыгар кэпсии түһэргит буоллар.
- Бу каталогка куорат историятын, култууратын, куораппыт тутаах, биллэр-көстөр дьонун, куорат олохтоохторун, тэрилтэлэрин, уулуссаларын, пааматынньыктарын уонна да атын тиэмэлээх, араас сылга тахсыбыт ыстатыйалары булуохха сөп. Онуоха cbsykt.ru сайт нөҥүө киириэххитин сөп.
Олох ирдэбиллэригэр сөп түбэһэн, 2019 сылтан «Мой Якутск» диэн ааттаах информационнай-тематичеcкай портал аһыллыбыта.
Бу порталга үөһэ этиллибит ыйынньыктарбытын, электроннай каталогка киирбит сорох ыстатыйалары «Коллекция статей» рубрикаҕа pdf-формакка ааҕыахха сөп. Ону таһынан нэдиэлэ ахсын «Культура в жизни столицы» диэн ааттаах дайджест тахсар.
Бу дайджест куорат култуурунай олоҕор анаммыт хаһыаттарга, сонуннардаах сайтарга тахсар ыстатыйалар хомуурунньуктара буолар. Порталбытыгар муспут матырыйаалларбытын, үлэбит хайысхаларын, түмүгүн киирэн көрүөххэ, билсиэххэ уонна туһаныахха сөп.
- Аныгы тэтимҥэ социальнай ситимнэр инники кирбиигэ таҕыстылар, эһиги онно бааргыт дуо?
- Билигин социальнай ситим күүскэ сайынна. Биһиги олорон хаалбакка, 2019 сылтан инстаграм ситимигэр эмиэ «Мой Якутск» @moi_yakutsk диэн ааттаах информационнай-аралдьытар сирэйдээхпит, 2020 сылтан Тик-ток аралдьытар ситимҥэ аккаунт арыммыппыт.
- Порталгыт уонна социальнай ситимҥит биир сонуннары таһаараллар дуо?
- Инстаграм страницабыт порталбытыттан олох атын хайысхалаах. Манна үксүн дьон болҕомтотун куорат историятын, култууратын сырдатар фактографическай, тематическай кылгас, тэттик матырыйаалларынан тардабыт, оонньуулары ыытабыт. Инстаграммытыгар барыта холбоон 2700-тэн тахса сурутааччылаахпыт. Өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан, ону таһынан Москваттан, Санк-Петербургтан, Владивостоктан, Краснодартан уо.д.а. куораттартан киирэн көрөллөр. Тик-токпутугар куорат туһунан интэриэһинэй видеолары оҥорон таһаарабыт. Сурутааччыларбыт сэргииллэр, суруйаллар, ыйытыыларын биэрэллэр.
«Мой Якутск» диэн порталбыт, инстаграммыт уонна тик-ток аккауммут хатыласпакка, бэйэ бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэрин, көрөөччүлэри, сэҥээрээччилэри интэриэһиргэтэр курдук үлэбитин ыытабыт. Түгэнинэн туһанан, киин куораппыт уонна өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун инстаграммытыгар, тик-токпутугар суруйтарыҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабын. Кылгас кэм иһигэр куораппыт историятыттан олус элбэх интэриэһинэй чахчылары билиэххит диэн эрэннэрэбит.
ХОМУЙАН, СААҺЫЛААН, ТАҤАН
Аудиогидтары эмиэ хамаҕытык туттаҕыт.
Дьокуускай куорат 388 сааһыгар анаан «Библиотека и ее окрестности» уонна «Якутск на карте мира» диэн сетевой бырайыактар истэринэн виртуальнай аудиогидтар izi.TRAVEL сервис нөҥүө оҥоһуллубуттара. Манна барыта 17 маршрут баар. Олору биһиги библиотекаларбыт оҥорбуттара. Төлөпүөҥҥэр сыһыарыы босхо хачайдаан ылан, бу маршруттарынан сылдьан олус интэриэһинэй ис хоһоонноох куораппыт историятын кытары билсиэххитин сөп. Уонна сайт нөҥүө аан дойду хайа баҕарар муннугуттан киирэн көрүөххэ сөп.
- Бу ааспыт 2020 сыл, бары билэрбит курдук, Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыта. Онно улахан суолталаах «Память Якутска» диэн виртуальнай быыстапка оҥорбуккут.
- Сэрии сылларыгар куораппыт сыыппаранан чахчыларын, сэрии, тыыл бэтэрээннэрин ахтыыларын, Саха сириттэн төрүттээх Сэбиэскэй Сойуус Геройдарын туһунан кинигэлэр, ыстатыйалар библиографическай испииһэктэрэ, кинилэр олохторун, хорсун быһыыларын туһунан матырыйааллар киирдилэр. Бу быыстапкабыт эбии ситэриллэн-хоторуллан иһиэҕэ.
- Аан дойдуну икки атаҕар туруорбут коронавируска эһиги эмиэ бырайыак толкуйдаабыккыт.
- «Хроники Covid-19. Якутск» диэн саҥа сетевой бырайыакпыт былырыын сайын үлэтин саҕалаабыта. Бу ыарахан кэмҥэ дьон олоҕо хайдах уларыйбыта, үлэ-хамнас, ыарыыны кытары охсуһуу хайдах барбыта хронологиянан сааһыланан, таҥыллан оҥоһулла турар.
Дьокуускай – Илин Сибиир былыргы куората, Өлүөнэ өрүс кытылыгар турар. Оччотооҕу кэмҥэ Дьокуускайга бастакынан Хотугулуу-Илиҥҥи үөрэх тэрилтэлэрэ, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ, библиотекалар уонна театрдар баар буолбуттара. Чопчу биһиги куораппыт бүтүн улахан территориялары үөрэтиигэ тирэх буолан кэллэ.
Киин куораппыт уулуссаларынан үгүс чинчийээччилэр, учуонайдар, уһулуччулаах дьон бэйэлэрин кэмнэригэр үтүө өйдөбүллэри хаалларбыттара.
Дьокуускай куорат «Библиотека тиһигин киинэ”, «Якутсковедение» анал бырагыраамата куорат историятын, олоҕун киэҥник сырдатарга, арыйарга кыһаллар, кыраайы үөрэтиигэ күүс-көмө буолуо диэн эрэнэ хаалабыт.