11.10.2022 | 12:00

«Якутия» авиахампаанньаҕа чэпчэтиилээх билиэтинэн көтүү болдьоҕо уһатылынна

«Якутия» авиахампаанньаҕа чэпчэтиилээх билиэтинэн көтүү болдьоҕо уһатылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Якутия» авиахампаанньа Уһук Илин олохтоохторугар алтынньы 10 күнүттэн сэтинньи 30 күнүгэр диэри чэпчэтиилээх билиэтинэн көтүү болдьоҕун уһатта диэн авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 

Хайысхаларынан билиэт сыаната: Дьокуускай – Москва, 10 000 солк.; Дьокуускай – Новосибирскай, 10 000 солк.: Новосибирскай – Нерюнгри, 9 000 солк.

Иһитиннэриигэ этиллибитинэн, «Якутия» авиахампаанньа чэпчэтиилээх билиэтинэн Уһук Илиҥҥи уокурук регионнарыгар пропискалаах гражданнар туһанар бырааптаахтар. 2 сааһын туола илик оҕо (туспа миэстэтэ суох) босхо көтөр. Оттон 2-тэн 12-гэр диэри саастаах оҕо 25 %-наах чэпчэтиилээх билиэти туһанар кыахтаах.

Билсэр  төлөпүөн нүөмэрэ 8 800 700 2190 эбэтэр e-mail: info@yakutia.aero.

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...