21.10.2022 | 10:00

«Якутдорстрой» байыастарын умнубат

“Якутдорстрой” тэрилтэ иннигэр куораты кыһыҥҥа бэлэмнииргэ элбэх сорук турар. Ону тэҥэ бу тэрилтэттэн байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт үлэһиттэр бааллар. Ол тула куорат баһылыгын Евгений Григорьевы кытта салайааччы Амирхан Яндиев көрсөн кэпсэттилэр. 
«Якутдорстрой» байыастарын умнубат
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин суолу оҥорооччулар тиэхиньикэлэрин кыһыҥҥы үлэҕэ бэлэмниир түбүккэ сылдьаллар. Быйыл кинилэргэ эбии 27 тиэхиньикэ кэлбитэ, өссө самосваллар, фронтальнай уонна мини-погрузчиктар кэлиэхтээхтэр. 
Оттон мобилизацияламмыт үлэһиттэрин дьиэ кэргэттэрин кытта сибээстэрин быспаттар, кэллиэгэлэр байыаннай дьайыыга кинилэр кэккэлэриттэн ыҥырыллан барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр, соторутааҕыта 15-тии тыһ. солк. бородуукта атыылаһан тиэрдибиттэр. Ону таһынан дьиэлэрин-уоттарын өрөмүөннүүргэ көмөлөстүлэр. 
Оттон байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьааччыларга сэп-сэбиргэл тэринэллэригэр тэрилтэ харчынан көмөлөспүт. Мобилизация саҕаланыаҕыттан бу тэрилтэттэн 10 киһи байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...